Литературная Якутия


 
28.12.2021
 

Н. Д. Неустроев 100 сыла.
Таатта телестудиятын биэриитэ

1995 сыл

Саха литературатын төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 кунутэр Таатта yлyyhyгap төрөөбүтэ. Кини драматург уонна прозаик. Бас­такы нууччалыы кэпсээнэ "Дикая жизнь" 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ. Бастыҥ комедията "Кукаакы Кулуба" 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут "Kyhaҕaн тыын" драматынан улэтин саҕалаабыта (1925 с.) "Балыксыт" кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр.

Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь "Ревизорун" сахалыы саҥардыспыта. Кинини эмиэ баһааҕырдан буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыттара.

Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П.Башарин улахан үтүөлээх.

Эдэр caaһыгap 1929 с. от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.