Литературная Якутия


 
06.11.2023
 
Надежда Егорова

Харысхал «Таптал түөрт муннуга» кэпсээнэ

Бүгүн — саха норуодунай суруйааччыта, драматург, прозаик Василий Егорович Васильев-Харысхал төрөөбүтэ 73 сыла.

 

Василий Егорович 1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1968 с. оскуоланы бүтэрээт, холкуоска тырахтарыыстаабыта. 1969-1974 сылларга Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэммитэ. «Кыым», кэлин «Саха сирэ» хаһыаттарга кэрэспэдьиэннээбитэ.

1976 сыллаахха бастакы кэпсээнэ «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ.

1980 сылтан драматургиянан дьарыктаммыта.

1982-1985 сылларга Саха Сирин Суруйаччыларын сойууһун иһинэн тэриллибит уус-уран литератураны пропагандалааһыҥҥа Бүтүн Сойуустааҕы бюро Дьокуускайдааҕы салаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ.

1984 с. – эдэр суруйааччылар Бүтүн Сойуустааҕы VII сүбэ мунньахтарыгар кыттыбыта.

1986 сылтан – ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

2012 сылтан — Олоҥхо тыйаатырын литератураҕа-дыраамаҕа хайысхатын салайааччыта. Саха тыйаатырын сыанатыгар уонча пьесата туруоруллан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта, кини айымньыларынан туруоруллубут испэктээктэр тыйаатыр репертуарыгар сүрүн миэстэни ылаллар.

2021 сыл тохсунньу 30 күнүгэр Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгэр сырдык тыына соһуччу быстыбыта.

Харысхал -– Арассыыйа литератураҕа Улахан бириэмийэтин лауреата, Саха сирин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин норуодунай суруйааччыта.

 

«Таптал түөрт муннуга» (кэпсээн)

Бииргэ төрөөбүт иним Кутуунньа чап-чачархай баттахтаах, наар күлэ, мичээрдии сылдьар, ботохоно курдук, киһи эрэ таптыах оҕото. Кутуунньаттан түөрт сыл аҕа, убай киһи кинини көрөр-истэр, араҥаччылыыр ытык иэстээхпин. Сайын кэлиитэ оҕо-аймах барыта таһырдьаттан киирбэт буоллаҕа. Таһырдьа диэн таһырдьа, араас моһол барыта тоһуйуон сөп – ыалбыт ытырыык ыттара Чуорка, сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ устан кылыбырайа сытар, угуйар-ыҥырар сырдык сүүрүктээх, ол эрээри кыра оҕоҕо олус кутталлаах Амма өрүспүт барахсан, хотоммут кэннинээҕи хаппыт маска дааҕырҕаһа олорор хап-хара тураахтар!

— Оҕоҕун сиэтэ сырыт! Тураахтар илдьэ баран барыахтара! – диэн баран ийэм саҥа хааман эрэр Кутуунньаны туттаран кэбиспитэ.

Киниэхэ, Ийэ сиргэ аан маҥнай ботуой курдук кыракый атахтарынан суол хаалларар киһиэхэ, бэйэтэ хааман, аан дойдуну кытта билсиһиитэ сонун бөҕө буоллаҕа!

— Һаа-а!.. Уу-у!.. – диэн тугу эрэ таһан түбүгүрэ сылдьар кымырдаҕастары, кыһыл, хара хомурдуостары, дьэрэкээн лыахтары көрөн омуннурар-төлөннүрэр. Түүлээх үөннэри тутан ылан айаҕар угаары куттуур.

Улаатан, саҥа тылланан иһэн дьээбэлэнэн от быыһыгар саһан хаалан, “тураахтар илдьэ барбыттар” – диэн сүрэхпин хайытан, ытыы-ытыы кинини көрдөөн төттөрү-таары сүүрэкэлиирбиттэн астынар. Отой ыксаатахпына сибэккилэр быыстарыттан баттаҕа күкээрийэн туран кэлэр:

— Оттон бу баарбын буолбат дуо!..

Ол курдук мин кыраҕы көрүүбүнэн икки сыл устата иним син бороохтуйда.

Биһиги дьиэбититтэн сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ сүрдээх чэм курдук оҥоһуулаах, маҥан сыбахтаах, кырааскалаах түннүктээх балаҕан турар. Онно Силипиэннэр диэн кырдьаҕас дьон олороллор. Ийэм сорудаҕынан ол ыалга инибиниин тугу эрэ илдьэн биэрдибит. Кырааскалаах муосталаах, наара оронноро барыта хомустан бааллыбыт сүр үчүгэй сөрүөлэрдээх, атахтарын ууралларыгар маҥан-хара түүлээх тириилэртэн саахыматтыы тигиллибит тэллэхтэрдээх сүрдээх ыраас балаҕан хаһаайката, ис киирбэх баҕайы эмээхсин иним биһиэхэ кэмпиэт туттартаан кэбистэ.

Биирдэ инибин сүтэрэн сүүрдүм-көттүм аҕай. Өскүөрүтүн Силипиэннэргэ тиийдим. Арай мин киһим үөрбүт-көппүт бөҕө, икки оҕонньору, дьиэлээх хаһаайканы кытта чэй иһэ олорор! Оҕонньоттору үтүктэн биир илиитигэр бүлүүһэлээх чэйдээх, биир илиитигэр балачча улахан куһуок саахары боччоччу туппут… Улахан киһилии өссө тугу эрэ быһаарсар… Онтон ыла иним сотору-сотору Силипиэннэргэ ыалдьыттыы барар. Силипиэннэр Кутуунньаны сырытыннараары түннүктэригэр көстөр гына кэмпиэттээх, бирээнньиктээх иһити уураллар эбит. Ол мэҥиэҕэ ымсыыран тиийээхтиир. Ол минньигэстэн убай киһи мин эмиэ тииһинэбин.

Биирдэ Силипиэннэр дьиэлэригэр истиэнэҕэ таастаах араамаларга угуллубут хаартыскаларга хараҕым тохтоото. Биир араамаҕа сүрдээх мааны таҥастаах дьоннор. Онно сүрдээх эдэр Ааныска, Силипиэн хаартыскалара баара. Биир араамаҕа мотуруоскалаах оҕо, онтон арыый улааппыта, көстүүмнээх, хаалтыстаах мэтириэтэ, эмиэ кини курдук мааны баҕайы эдэр дьоннуун түспүтэ, байыаннай формалаах хаартыската бааллара. Соһуйбутум баара – мотуруоскалаах оҕо үкчү мин иним Кутуунньа курдуга! Оҕонньоттор барахсаттар ол иһин Кутуунньаны маанылыыллар эбит…

Хайарҕас кыракый учаастак этэ. Онон оскуолалаах сиргэ Арыылаахха көһөн киирбиппит. Иним Кутуунньа аҕам Хайарҕастаатаҕына сайыһан хайаан да барсара. Онно Силипиэннэргэ маанылатан хонон-өрөөн кэлэрэ. Кэпсээнэ эрэ “Эбээ Ааныска, Эһээ Силипиэн, Эһээ Бүөтүккэ” тустарынан. Арыый улаатан баран субуота аайы сатыы Хайарҕастаан хаалар. Үһүс кылааһы бүтэрээри сырыттаҕына “эһээлэрэ” сүүрбэ аҕыс калибрдаах саа ылан биэрдилэр, онон “эһээ Силипиэнин” кытта дурдаҕа сытан кус өлөрөн үөрэн-көтөн киирдэ. Төрдүһү бүтэрбитин кэннэ билисипиэт ылан бэлэхтээтилэр. Мин саата да, билисипиэтэ да суох киһи ымсыырабын эрэ…

…Ахсыс кэнниттэн үөрэхпин оройуон киинигэр салҕаабытым. Оройуон киинигэр үөрэнэ сылдьан өрөбүлгэ, үксүн сатыы, дойдулаан иһэн Хайарҕаска Силипиэннэргэ чэйдээн ааһарым. Эбээ Ааныска барахсан аһа-үөлэ, чэйэ минньигэһэ! Бэл көннөрү лэппиэскэтэ да киһи айаҕар ууллан хаалар курдуга. Дьиэлээх хаһаайын сорсуннаах сонордьут, байанайдаах булчут Силипиэн дьиэтигэр буоллаҕына булдун сүлэ, тиирэ, таҥастыы сылдьар буолара. Иккис оҕонньор Бүөтүккэ туспа дьиэлээҕэ да, үксүн Силипиэннэргэ баар буолара, онно бэйэтэ анал муннуктааҕа, утуйар таҥастааҕа. Эмиэ тугу эрэ аала, кикирийэ, кыстыкка кыракый өтүйэнэн тугу эрэ чапчыйа, чэчиргэтэ олорор буолара.

Биирдэ олус хараҥаҕа ыллараммын Силипиэннэргэ хонор буолбутум. Ол түүн үйэбэр аан маҥнай олоҥхону истибитим. Көрдөххө тоҥкуруун, саҥата-иҥэтэ суох Бүөтүккэ оҕонньор устар ууну сомоҕолуур тыллаах-өстөөх, кэһиэхтээх соҕус эрээри сүр ис киирбэх куолаһын олоҥхо дьонун майгытынан араастаан уларытар, абааһы уолунуу көөҕүнүүр, албын киһилии ньылбаарыйар, айыы бухатыырыныы дорҕоонноох саҥаланар. Олоҥхолорун дойдутун ото-маһа, үөнэ-көйүүрэ да улахана!

— Байтаһын биэ саҕа баҕалаах, кур оҕус саҕа чохулаах чөҥөрүйэр чүөмпэ түгэҕиттэн чардаат саҕа харахтаах, алта былас айахтаах буор булгунньах саҕа бэйэлээх Айаатыыр Арсан абааһы тахсан кэллэ!..

Ааныска эмээхсин сүр нарын куолаһынан Айыҥат Хаан оҕото күннээх халлааҥҥа көстүбэтэх ныламан маҥан ньуурдаах Ньургууна кыыс көмө көрдөһөрүн иэйэн-куойан ыллыыр…

 

Силипиэн оҕонньор буоллар, хас сүүстэ истибит олоҥхото эбитэ буолла да, саҥа истэр курдук сүрдээҕин сэҥээрэн, олоҥхо тойуга тыҥааһыннанар кэмигэр “Ноо!” – диэн саҥа аллайар…

…Иним Кутуунньа барахсан оһолго түбэһэн суорума суолламмытыгар биһигинээҕэр Силипиэннэр улаханнык аймаммыттара, мэктиэтигэр сонно кырдьан бөкчөччү түһэн хаалаахтаабыттара. Ордук Бүөтүккэ оҕонньор иэдэйбитэ, оҕо аһыытыгар сытан хаалта уонна өрүттүбэтэх этэ…

…Оскуола кэнниттэн армия, үөрэх, ыраах хоту улууска ананан уонча сыл дойдубуттан тэлэһийэн баран, уоппускабар дьоммун, ийэбин, аҕабын билсэ айаннаабытым. Хайа күн, Хайарҕас таһыгар массыынабыт буксуйан сатыылаабытым. Атаҕым бэйэтэ Силипиэннэр балаҕаннарыгар тиэрдибитэ. Урукку муус маҥан оппуоха ардахха-хаарга суураллан эриэн-быраан буолбут, кырааскалаах түннүктэр хаптаһынынан бүрүллэ сааллыбыттар. Киһи сылдьыбат буолбут тэлгэһэлэрэ тимир эрбэһининэн, абааһы тайаҕынан саба үүммүт! Урут үөрэ-көтө сылдьар дьонум тэлгэһэлэрэ, дьиэлэрэ өтөхсүйбүтүттэн сүрэҕим ыарыылаахтык ньүөлүйбүтэ.

Силипиэннэр олохторо өтөхсүйбүтүн дьоммор кэпсээбитим. Аҕам соҥуоран олорбохтоон баран Силипиэннэр тустарынан кэпсээбитэ.

АҔАМ КЭПСЭЭНЭ

Куоллара Чараҥар олохтоох орто баай Луукуннар мааны кыыстарын уон сэттэлээх Аанысканы дуруусканан Амма Хайарҕаһын сэниэ ыаллара Иилээхэптэр уолларыгар Силипиэҥҥэ эргэ биэрбиттэрэ. Ааныска барахсан дьонугар атын уолу таптыырын туһунан этэн көрөөхтөөбүт да үөс-батааска биэрбэтэхтэр:

— Киирикэптэр өбүгэлэриттэн уустар, олоҥхоһуттар удьуордаан туран хаһан да байбат дьон. Аммаҕа Иилээхэп баайдарга кийиит, хотун дьахтар буолаҥҥын баай-талым олохтонуоҥ!..

Аанысканы таптаабыт Бүөтүккэ Киирикэп тулуйбакка-тэһийбэккэ Сатаҕайтан Аммаҕа батыһан киирбит. Силипиэн буоллар Ала Биэҕэ олохтоох Сахаараптар кыыстарын Мотурунаны таптаабытын ийэлээх аҕата “дьадаҥы ыал кыыһа” диэн истэ да барбатахтар.

Бүөтүккэ, бэл, иннэ оҥорор тимир, көмүс ууһа буолан ыалтан ыалга ыҥырыыга сылдьар. Уус, олоҥхоһут байбатын курдук хаһан да байбат. Ыраахтан да буоллар Аанысканы көрө сылдьар. Үстэ ойох ыла сылдьыбыт да табыллыбатах.

Оттон Силипиэн өйө-санаата Мотуруна эрэ… Мотурунаны Тэрэпиин Тиэхэнэп диэн сытыы-хотуу, Лаамынан, тайҕанан, хотунан-соҕуруунан сырыылаах-айаннаах огдообо киһиэхэ эргэ биэрбиттэрэ.

Ол кэмҥэ былаас уларыйыыта, олох-дьаһах түҥ-таҥ түһүүтэ бөҕө саҕаланар. Кыра үөрэхтээх киһи Силипиэн үрүҥнэр ыстааптарын суруксута буолар. Бүөтүккэ кыһылга да, үрүҥҥэ кыттыбат буола сатыыр. Ол да гыннар кыһыл этэрээтигэр наарыһынайдыы сылдьан тутуллар. Сарсын ытыллыахтаах дьон хаалла сытар ампаардарын харабыла утуйан хаалбытынан туһанан, түүн ким эрэ ампаар аанын арыйан баран баран хаалар. Сонно өлөллөрүн кэтэһэ сытар дьон хараҥаҕа балыйтаран үрүө-тараа сырсаллар. Бүөтүккэ кинилэри Силипиэн быыһаабытын сэрэйэр эрэ.

Үрүҥнэр кыайтарбыттарын кэннэ суукка Бүөтүккэ ол түгэни кэпсээн Силипиэни эмиэ өлүүттэн быыһыыр. Ол да гыннар Силипиэн кулаахтанан, куолаһа быһыллан сыылкаҕа ыытыллар.

 

Мотуруна эрэ Тэрэпиин Тиэхэнэп үрүҥнэргэ сылдьан сэриигэ өлөр. Киниттэн уол оҕолоох хаалар.

Ааныска “кулаах, бандьыыт ойоҕо” аатыран, баайын-дуолун, дьиэтин-уотун барытын былдьатан, ускул-тэскил сырыттаҕына Бүөтүккэ Хайарҕаска биһиги ыалдьыттаабыт балаҕаммытын тутан биэрэр.

Силипиэн үс сыл буолан баран сыылкаттан эргиллибитигэр Ааныска олорор оҕолоох көрсөр. Силипиэн туох да диэбэт. Арай Бүөтүккэҕэ сыһыана отой тосту уларыйар. Оҕоттон буоллар күнэ-ыйа барыта тахсар, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт, аннынан сур күүдээҕи сүүрдүбэт. Уол ийэтин аатынан сурулла сылдьарын уларыттаран, аҕатын аатын биэрэн, бэйэтин аннынан Иилээхэп Сэмэн Силипиэнтэбис диэн суруйтарар.

Силипиэн куолаһа быстан колхозка киирбэт, сурук үлэтигэр да чугаһаппаттар. Онон хара тыанан дугуйданан Баай Байанай маанылаах оҕото буолар. Үрүҥнэргэ сылдьыбыт киһиэхэ киниэхэ саа көрүллүбэт, онон сис тыаҕа быһыт охсон, сохсо туруоран, айа тардан, чаархаан иитэн, туһахтаан, тиргэлээн саалаах-сэптээх булчуттартан итэҕэһэ суох бултуйар, туулаан, илимнээн балыгы балачча хоторор. Иитэр-аһатар киһитэ суох, кыра оҕолоох хаалбыт Мотурунаны эмиэ булдуттан, балыгыттан матарбат. Мотурунаны эрэ буолуо дуо? Хайарҕас кыаммат-хараммат ыалларын кэрийэ сылдьан буутунан эти, куулунан балыгы быраҕан ааһар.

Ааныска барахсан оҕотун Сэмэнчигин көрөр-истэр бөҕө эрээри Силипиэн курдук атаахтаппат, үчүгэйи үчүгэй, куһаҕаны куһаҕан диэн араарарга, майгылаах үтүөтэ буоларга ийэлии истиҥник иитэр-такайар. Уол улаатан Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэр, салгыы куоракка, онтон отой да Москваҕа үрдүк үөрэххэ киирэр.

Бүөтүккэ үс ойох тухары биирдэ да оҕоломмот. Онон уора-көстө Сэмэнчиккэ иҥээҥниир. Сэмэнчик, хаана тардан, Бүөтүккэттэн арахпат. Ону Силипиэн отой сөбүлээбэт. Бэл иккитэ-хаста Бүөтүккэлиин уолуктаһаллар.

 

Дьэ, онтон Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Сэмэнчик тылланан фроҥҥа барар. Москва анныгар бааһыран госпиталга эмтэнэн үтүөрбүтүн кэннэ байыаннай училищеҕа ыыталлар. Онтон эмиэ уот сэриигэ киирэр. Онно ыараханнык бааһыран госпиталтан суруйбут суругун аҕам миэхэ көрдөрөр.

“Күндүттэн күндүтүк саныыр хаан-уруу дьонум, таптыыр Ийэм Ааныска, аҕаларым Силипиэн, Бүөтүккэ!

Мин ыараханнык бааһыран өрүттүбэт турукка киирдим. Онон бу бүтэһик суругум.

Аҕаа, Силипиэн! Эн аҕабыныын Бүөтүккэлиин эйэлэс, кини миэхэ күн сирин көрдөрбүтэ, эн миигин киһи-хара оҥорбутуҥ, үөрэттэрбитиҥ. Мин эһигини иккиэҥҥитин муҥура суох таптыыбын.

Ийэм барахсан, эйиигин хайдах таптыырбын этэрбэр тылым тиийбэт. Аҕам Силипиэн, аҕам Бүөтүккэ дьон үтүөлэрэ дьон. Онон иккиэннэрин көрөн-харайан, бэйэ бэйэҕитин өйөнсөн олоруҥ дуу!..

Эһиэхэ удьуору, хааны салгыыр ыччат хаалларбатахпыттан хомойобун да хайыахпытый?! Дьылҕа-Хаан ыйааҕа оннук буоллаҕа…

 

Хаан-уруу дьонум, ийэм, аҕаларым быдан дьылларга быралыйар бырастыыларыҥ! Оҕоҕут, уолгут младшай лейтенант Иляхов Семен Ксенофонтович. Ахсынньы 7 күнэ, 1943 сыл, Казань, Н-скай госпиталь.”

Сэмэн суругун тутан баран хайыахтарай? Олороохтоотохторо дии. Сэрии үһүс сылыгар аччыктааһын бөҕө кэмигэр сааһыары биир киэһэ куобах сии олорон Силипиэн тыл ыһыктар:

— Куобах этиттэн оҕонньоргор Бүөтүккэҕэ хааллараар…

Онтон колхозтар бултууругар атах тардыстын диэн биэрбит аттарын көлүйэн Бүөтүккэ дьиэтигэр барар.

Бүөтүккэ аччыктаан, ыарытыйан мас мастанар да кыаҕа суох тоҥ хаһаа балаҕаҥҥа сыттаҕына көһөрөн аҕалар.

Ол күнтэн ыла үс кырдьаҕас ыал буолан, буруо таһааран олороохтууллар. Ааныска дьиэни-уоту көрөр, иистэнэр, Бүөтүккэ арыыйда буолан баран уһанар, Силипиэн оҕонньор бултуур, түүлээхтиир.

Мотуруна суос-соҕотох уола Тэрэнтэй Тэрэнтэйэбис Тиэхэнэп эмиэ сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүт. Онон атын алааска олордор да Мотуруна дьиэ кэргэн төрдүс киһитин курдук буолар, булбуттарын сыыһын барытын уостарынан үллэстэллэр.

Онтон кинилэр дьэки-курус олохторугар мин иним Кутуунньа киирэр. Кинини отой сиэннэрин курдук ылынаахтыыллар. Кутуунньа барахсан быстах дьылҕалаах буолан майгылаах бастыҥа этэ. Сүрэхтээх үлэһит, барыга бары сыһыамах, кини кыайбатаҕа, сатаабатаҕа диэн суох буолара. Кимтэн да соруттарыыта суох Силипиэннэр борооскулаах ынахтарын отун аҕыйах хонукка охсон, кэбиһэн, күрүөлээн кэбиһэрэ. “Эһээ Силипиэнин” батыһан булчутун ооккото! Хара тыаттан өттүк харата суох, күөлтэн, өрүстэн толору көмүс хатырыктаах тымтайа суох төннөөччүтэ суох. “Эһээ Бүөтүккэтэ” буоллар Кутуунньаны отой кыратыттан көмүс ууһун кистэлэҥэр үөрэтэр, такайар.

Күөгэйэр күнүгэр тиийэн иһэн суорума суолламмыта барыбытыгар ыраас халлааҥҥа этиҥ сааллыбытын курдук буолбута. Ити иэдээн ордук Бүөтүккэҕэ ыар охсуу буолбута.

— Миэнэ миэнин курдук барыта сата баһынан! Туох аньыым-харам иһин Айыы таҥара накаастаата?! Туйахпын туура тэппит оҕобун, Сэмэнчикпин Киитилэр сиэхсит сиэтэ! Сиэним курдук санаан уус куппун иҥэрбит Кутуунньам барахсан ити айылаах буолла!.. Ити кэннэ орто дойдуга олох олорон да диэн!!! – иччилээхтик, идэмэрдээхтик суламмыт.

Ол кэннэ уот диэки көхсүн көрдөрөн сыппыт уонна устунан баран хаалаахтаабыт.

Ааныска барахсан Бүөтүккэтин кистээн баран сытан хаалбыта. Өлүөн иннинэ Мотурунаны ыҥыттарбыта.

 

— Мотурунаа, бэйэм баҕабынан буолбатах эн суолгун быһа хаампытым. Ол сэтигэр түөрт киһи олох үтүөтэ диэни билбэтибит. Санааҕар тутаахтаама дуу!..

— Туох диэн санаабар тутуохпунуй, Ааныскаа! Дьылҕа Хаан биһиги олохпутунан оонньуу оҥостубутугар хайаан да хайыахпытый? Төрдүөн оҥоһуубут оннук буоллаҕа. Эйиигиттэн үтүөттэн атыны билбэтэҕим. Онон мин олохпун алдьаттым диэн санааҕар тутума…

Ааныска онтон Силипиэни ыҥырбыта.

— Доҕорум оҕотоо! Тойон эрим. Эйиигин таптаабат буолан эйиигиттэн оҕоломмотох ыар аньыылаахпын. Бу аньыылаах-харалаах орто дойдуттан букатыннаахтык арахсан эрэбин. Өлүнньүк таҥаспын барытын сундуукка бэлэмнээн уурбутум. Мотуруна сууйан таҥыннардын. Кини ыраас, чэпчэки илиитинэн сууйдаҕына дууһам ол дойдуга түү курдук чэпчэкитик көтүө… Уонна… уонна тоҕус хонукпун ылан баран Мотурунаҕар көс. Түөрт уон хонугу, үс сылы кэтэһиннэрэ сатаама! Күҥҥүт-чааскыт да ааҕылыннаҕа! Муҥ саатар тиһэх күннэргитигэр бииргэ буолуҥ!.. Тоҕойум оҕотоо, Силипиэн! Бырастыы!.. Мин… Мин Бүөтүккэбэр…

Онтон үлүгүнэйэн барбыта:

— Тойон Таҥара Ичээн Киристиэп! Кулутуҥ Аана Уйбаныап Луукун-Иилээхэп аньыылаах дууһатын сырдык саарыстыбаҕар киллэр! Бырастыы!..

Ыам ыйын 25 күнэ, 2020 сыл.