Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан төгүрүк 20 сыл устата Суруйааччылар сойуустарын саха норуодунай бэйиэтэ Наталья ХАРЛАМПЬЕВА айымньылаахтык салайда. Бүгүн биһиги Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ киэҥник биллэр-көстөр суруйааччы, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл Наталья Ивановна Харлампьевалыын сэһэргэһэбит.
– Наталья Ивановна, үбүлүөй диэн, бу, бастатан туран, бэйэ устуоруйатын сөргүтэн көрүү буоллаҕа. Дьэ, хайдах эбитэ буолуой, ол 90 сыл анараа өттүгэр, тугунан тыынан, түбүгүрэн олорбуттарай айар куттаах сахабыт дьоно?
– Оччолорго, 1934 сыл саҥатыгар, биһиги Сахабыт сиригэр, бары кэриэтэ жаанырдарга олус көхтөөхтүк үлэлиир литератордар бөлөхтөрө хайыы үйэ баара. Сүрүннээн, 1929 сыллаахха тэриллибит Пролетарскай уонна холкуоһунай суруйааччылар Саха сиринээҕи холбоһуктарын тула түмсэллэрэ.
Элбэх мөккүөрдэр, дискуссиялар түмүктэригэр саха литэрэтиирэтин сайдыытын кэнсиэпсийэтэ сыыйа оҥоһуллубута. Сүрүннээн мөккүөр, утарыта туруу уус-уран айымньыга фольклору туттуу тула барара. Оннооҕор, былыргынан үлүһүйдэ диэн, Былатыан Ойуунускай “Кыһыл ойууна” кириитикэлэнэрэ…
Дьокуускайга 1934 сыл ахсынньы 2-11 күннэригэр ыытыллыбыт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун төрүттээбит бастакы тэрээһин кэмпириэнсийэлэригэр саха суруйааччылара биир санаанан сойуус бэрэссэдээтэлинэн Платон Алексеевич Ойуунускайы талбыттара. Кинини, бэйэтин норуотун уонна өрөспүүбүлүкэтин туһугар элбэҕи оҥорбут судаарыстыбаннай диэйэтэлинэн уонна бэйиэтинэн, суруйааччынан ааҕаллара. Ойуунускай оччолорго Москваҕа баара, аспирантураҕа үөрэнэрэ. Мин манна тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ – ол кэмнэртэн уонна күн бүгүҥҥэ диэри суруйааччылар бэйэлэрин лиидэрдэринэн, бастатан туран, суруйааччыны, айар дьон кэккэлэригэр бастакынан сылдьар дьиҥ талааннаах суруйааччыны билинэллэр.
Сойуус тэриллиитэ эдэр саха литэрэтиирэтигэр туһата үгүс этэ – судаарыстыба кинигэ тахсыытыгар уонна тарҕаныытыгар көмөтө быһаарыллыбыта, суруйааччы уопсастыбаҕа статуһа өрө көтөҕүллүбүтэ.
Дьэ, ол гынан баран, бары билэрбит курдук, 1938 сыллаахха Платон Ойуунускай олоҕо суох эрэпириэссийэлэнэр уонна “норуот өстөөҕүнэн” биллэриллэр. Бу саха суруйааччыларыгар улахан охсуу буолар. Платон Алексеевич кинилэргэ сирдьит сулус кэриэтэ, саҥа былаас чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, айдарыылаах суруйааччы, бэлитиичэскэй итиэннэ айар боппуруостарга эҥкилэ суох аптарытыаттара этэ эбээт! Биллэн турар, үгүс суруйааччылар эмиэ уорганнар сытыы кэтэбиллэригэр киирбиттэрэ. Ити сылларга Д,К.Сивцев-Суорун Омоллоон хаайыллыбыта. Былатыан үгүс биир идэлээхтэрэ уонна доҕотторо бастаан тугу да өйдөрүгэр батарбакка, олус мунчаарбыттара, онтон… бэйэлэрин тус санааларын-оноолорун дириҥник кистииргэ күһэллибиттэрэ. Олус улахан, күүстээх идеологическай ыгыы бара турара.
Салайааччылар тустарынан…
– Итинэн тугу этээри гынаргын ааҕааччы өйдөөтөҕө буолуо дии саныыбын… Уустук да кэмнэр эбиттэр… Платон Ойуунускайы солбуйар судургута суох, сэрэхтээх да эбитэ буолуо эрээри, ким эрэ салалтаҕа син-биир кэллэҕэ?
– Ол чахчы. Биһиги сойууспут бэйэтин суолугар хара маҥнайгыттан алдьархайдаах ыарахаттары көрсүбүтэ. Дэбигис киһи өйдөөбөт да балаһыанньалара көрсүтэлииллэрэ…
Оттон Ойуунускай кэнниттэн 1939 сыллаахха Суруйааччылар сойуустарын Серафим Романович Кулачиков-Эллэй салайбыта. Оччолорго эдэрэ, элбэҕи суруйара-айара, дьиҥнээх комсомольскай бэйиэт буолбута. Кини көрүүлэрэ, кырдьыга, ардыгар икки өрүттээх буолаллара… Ол эрээри Эллэйи, атыттары даҕаны, “норуот өстөөхтөрүн” утары хампаанньаҕа кыттыбыттара диэн сирэй-харах анньар, мин санаабар, сөбө суох. Серафим Романович сэриини ааспыта, бэйэтин норуотун нохтолоох сүрэҕинэн, дууһатынан таптыыра, дойдутун дьиҥнээх патриота этэ.
– Көлүөнэлэр солбуллуулара, кимтэн да, туохтан да тутулуга суох, бара турар. Наталья Ивановна, бүгүҥҥү эдэр ааҕааччыга анаан, Суруйааччылар сойуустарын араас кэмнэргэ кимнээх, хайдах салайбыттарын туһунан, туох баар ымпыгын-чымпыгын билэр, өйдүүр киһи билиһиннэрэ түһэриҥ, арааһа, тоҕоостоох буолуо дии?..
– Оннук. Наада даҕаны. Эллэй кэнниттэн Николай Гаврилович Золотарев-Николай Якутскай кэмэ кэлэр. Кини Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн икки болдьоххо – 1948-1953 уонна 1958-1961 сылларга талыллан, үлэлиир. Дьэ, кини салайарыгар эмиэ биир саамай ыарахан кэм түбэһэр – “буржуазнай национализмы” утары охсуһуу хампаанньата, үөһээҥҥи былаас тэрээһининэн, бара турара… Николай Гаврилович байыаннай киһи, пограничник этэ, уһуннук Молдавияҕа сулууспалаабыта. Кини кытаанах, байыаннай логикалааҕын сэргэ, бэрт дипломатичнай этэ. Уустук кэмнэргэ кини суруйааччыларын араас саба түһүүлэртэн көмүскээһиҥҥэ элбэх сыратын уурбута. Аксакалларбыт ахтыыларынан, оннооҕор суруйааччылары хаайыыттан быыһыыр эбит… Оннук, былааһы, уорганнары кытта сатаан кэпсэтэр кыахтааҕа.
Оччолорго баартыйа Саха уобаластааҕы кэмитиэтэ, С.З. Борисов салалтатынан, уонтан тахса сыл устата сүрдээх кытаанах лииньийэни тутуспута – саха литэрэтиирэтин классиктарыгар бобуу-хаайыы кэмнэрэ этэ.
Сойууһу биир болдьоххо суруйааччы В.А.Протодьяконов-Кулантай салайбыта. Бу да кэмнэр уу-нуһараҥ буолбатах этилэрэ. Дьиксиннэриилээх соҕус кэмнэр тураллара. Василий Андреевич судаарыстыбаннай масштабтаах киһи буоллаҕа. Төһө кыалларынан дьонун көмүскэһэрэ. Чуолаан кини, “буржуазнай национализмынан” эрэпириэссийэлэр саамай үгэннээн турдахтарына, Георгий Башариҥҥа бронь була охсон биэрэн, Москваҕа кистээн көтөрүгэр көмөлөспүтэ. Георгий Прокопьевиһы субу тутан хаайаары сылдьаллар этэ…
Дьэ бу маннык атаҕастабылга-баттабылга саха суруйааччылара 1952 сылтан 1962 сылга диэри олорбуттара. Чуолаан бу 1962 сылга, ССКП КК улахан хамыыһыйатын үлэтин кэнниттэн, биһиги классиктарбытын “буржуазнай национализмҥа” күтүрээһиннэр тохтотуллубуттара.
1961 сыллаахха Суруйааччы сойууһун бэрэссэдээтэлинэн Семен Петрович Данилов талыллыбыта. Омос көрдөххө, үтүө кэмнэр үүммүт курдуктара: баартыйа Саха уобаластааҕы кэмитиэтэ, туох да диэбит иһин, норуокка классиктар ааттарын төнүннэрбитэ, Ойуунускай реабилитацияламмыта… Ол эрээри, уоскуйарга эрдэ эбит этэ. Семен Данилов классиктар үтүө ааттарын иһин, кинилэр нэһилиэстибэлэрин норуокка төнүннэрэр туһугар, айымньыларын нууччалыы тылга тылбаастатар туһугар 1978 сылга диэри, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри, сорунуулаахтык охсуспута. Бу судургута суох киирсии этэ. Тоҕо диэтэххэ, “буржуазнай национализмы” утары охсуһуу сылларыгар, ити постулаттарга олоҕуран научнай үлэлэрин көмүскээбит учуонайдар бүтүн плеядалара баар буолбут этэ… Кинилэр бэйэлэрин позицияларын туран биэрэр санаалара, биллэн турар, суоҕа. Ол да үрдүнэн Семен Петрович “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону, эпостары тылбаастааһын корифейа Владимир Державинынан нууччалыы тылбаастатары ситиспитэ! Маны таһынан, кини Алексей Кулаковскай айымньыларын бастакы тылбаастарын оҥорорго нуучча биллиилээх суруйааччытын, бэйиэт Владимир Солоухины тылыгар киллэрбитэ. Данилов Литинституту кытта кэпсэтэн, тылбааска саха группатын үөрэххэ ылалларын ситиспитэ. Атын өрөспүүбүлүкэлэр Суруйааччыларын сойуустарын кытта сибээһи олохтуурга Семен Петрович өҥөтө эмиэ улахан. Кини сойууһу салайар кэмигэр 1977 сыллаахха Саха сиригэр Нуучча култууратын уонна литэрэтиирэтин күннэрэ ыытыллыбыттара. Саха сиригэр араас кэмнэргэ казах, киргиз, алтай, бурят омук суруйааччылара кэлэн ыалдьыттаабыттара. Семен Петрович эдэрдэри өйүүрэ, биһиги көлүөнэ суруйааччылар кини кынатын анныгар бүөбэйдэнэн, көтөн тахсыбыппыт.
Кини суох буолбутун кэнниттэн бэрэссэдээтэл кириэһилэтигэр инитэ Софрон Петрович Данилов олорбута. Маны бүгүн сорохтор былааһы “бэйэ киһитигэр” биэрии курдук көрөллөр эрээри, дьиҥэр, оннук буолбатах этэ. Бастатан туран, Софрон Петрович сийиэскэ лигитимнэйдик талыллыбыта, иккиһинэн, айар сойуус салайааччытыгар кандидатура оччолорго баартыйа обкомун таһымыгар быһаарыллара. Г.И.Чиряев Семен Петровичка олус истиҥник сыһыаннаһара, кини саҕалааһыннарын барытын өйүүрэ. Холобур, олоҥхобутун нууччалыы тылга тылбаастааһыны (бу кэмигэр оҥоһуллубатаҕа эбитэ буоллар, ким билэр, олоҥхобут ЮНЕСКО шедеврэ буолар боппуруоһа хайдах быһаарыллыа эбитэ буолла…) Гавриил Иосифович биһирээбитэ. Уонна кини, Семен Петрович хайдах курдук уустук боппуруостары быһаарсарын көрө-билэ сылдьара – национализмҥа буруйдуур үҥсүү-суруктар араас инстанцияларга син биир киирэ тураллара эбээт! Гавриил Иосифович, Софрон Петрович убайын дьыалатын дьоһуннаахтык салгыаҕа диэн эрэнэн, быһаарыы ылыммыта. Сыыстарбатаҕа.
1993 сыллаахха, Софрон Петрович олохтон барбытын кэннэ, Суруйааччы сойууһун “Даниловтар уйаларыгар” иитиллэн тахсыбыт Савва Иванович Тарасов салайбыта. Кини саҕана этэ дии – 1995 сыллаахха Саха сиригэр Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун көһө сылдьар пленума үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Оччолорго АЛРОСА бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров этэ. Кини кутунан-сүрүнэн суруйааччыларга чугас буолан, ол сылларга АЛРОСА үбүлээһининэн Арассыыйа Улахан Литэрэтииринэй бириэмийэтэ олохтоммута.
Бу умнуллубат пленуму көҕүлээччинэн М.Е.Николаев буолбута. Михаил Ефимович суруйааччылардыын үгүстүк көрсөрө. Софрон Петровичтыын, Даланныын өрөспүүбүлүкэбит инникитин туһунан сүбэлэһэрэ. Суорун Омоллооннуун доҕордуу сыһыаннааҕа.
Култуура, духуобунас, литэрэтиирэ уонна салайааччылар диэн тиэмэни таарыйдахха, обком сэкирэтээрин И.Е. Винокуровы тумнар сатаммат. Илья Егорович классик-суруйааччылары көмүскэһэн, бэйэтин карьератын толук уурбута. Ардыгар биир кэм да дьоно санаалара атын-атын да буолар эбит!
Савва Тарасов кэнниттэн сойууһу И.Г.Спиридонов салайбыта. Учуонай-литературовед, кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, “буржуазнай национализм” туһунан мөккүөрдэргэ классиктары көмүскэһэрэ. Иван Григорьевич киэҥ билиилээх интэлигиэн киһи этэ.
Билигин Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн бэйиэт Гаврил Андросов үлэлиир.
“Барыта көстөн турар дьыала буоллаҕа…”
– Оттон икки сойуус туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан 14 киһи тахсан баран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун тэрийиэхтэриттэн отуттан тахса сыл ааһа охсубут эбит. ССРС Суруйааччыларын сойууһа ыһыллыбытын кэннэ “улахан” сойуус либерал-демократтар илиилэригэр киирбитэ. Ол кэмнэргэ СМИ-ни дьаарай демократтар салайаллара, онон, Юрий Бондарев салайааччылаах Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун утарар элбэх публикация тахсара. Дьиҥэр буоллаҕына, чуолаан Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһа бу сыллар тухары национальнай суруйааччылары барыларын бииргэ түмэн, холбоон кэлбитэ… Ити кэмҥэ Ельцин ыйааҕынан политпартиялар тохтотуллубуттара, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллара чугаһаабыта… Онуоха, “Советская Россия” хаһыакка Александр Проханов, Юрий Бондарев, Валентин Распутин, уо.д.а. илии баттааһыннардаах “Слово к народу” манифест тахсар. Кинилэр Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын тохтотор туһуттан, түмсэргэ ыҥырбыттара. Биллэн турар, реформатор-демократтар сонно тута “подписаннар” үрдүлэригэр саба түстэхтэрэ. Оччону истэн баран, сорох саха суруйааччылара, демократтарга итэҕэйэн, “ретроград” уонна “шовинист” Юрий Бондарев салайар сойууһуттан суһаллык тахсан барбыттара… Билигин СӨ Суруйааччыларын сойууһа, алҕаһаабат буоллахпына, 100-тэн тахса чилиэннээх. Биһиги тэрилтэбит, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун эрэгийиэннээҕи салаатын быһыытынан, хайдах сылдьыбыппыт курдук, сылдьабыт.
Икки сойуус холбоһуон сөп дуо, диэн боппуруос дөрүн-дөрүн күөрэс гынар. Ол эрээри, бу юридическай боппуруос. Биһиги, бэйэбит тус-туспа устааптаах, икки уопсастыбаннай тэрилтэ буолабыт. Өскөтүн холбоһор буоллахпытына, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһуттан тахсарыгар тиийэр. Оттон оннук хардыыны оҥоруу, биллэн турар, хайдах даҕаны өйгө баппат дьыала. 2015 сыллаахха, СӨ Ил Дархана Егор Борисов мындыр быһаарыытынан, “Саха сирин суруйааччылара” Ассоциация тэриллибитэ. Учредителлэринэн икки сойуус буолабыт. Үбүлээһин, наҕараадалааһын дьыалалара барыта Ассоциация нөҥүө бараллар. Онон, мөккүһэргэ туох да төрүөт суох. Суруйааччы айымньыларынан сыаналанар, оттон холбоһуга – уопсастыбаннай көҕүлээһиннэринэн. Этэргэ дылы – барыта көстөн турар дьыала.
– Наталья Ивановна, соторутааҕыта ЖЗЛ сиэрийэнэн тахсыбыт “Алексей Томтосов” диэн кинигэҥ сүрэхтэниитигэр Эйигин “Суруйааччы сойууһун саамай бастыҥ салайааччыта” диэбиттэрэ… 20 сыл эрэллээхтик тутан кэлбит муоһаҕын Эн бэйэҥ үөрэнээччигэр туттардыҥ. Бу туһунан тугу этиэҥ этэй?
– Бүгүн мин манна биири этиэм – кэмигэр, бэйэбин солбуйуон сөптөөх киһини бэлиэтээбитим уонна тылбар турдум. Оттон ол тула туох күлүктэр күлүгүлдьүспүттэрэ – атын боппуруос. Көнөтүнэн эттэххэ, мин билигин ким кимин билэбин.
Аҕыйах тылынан сойууска үлэм туһунан. Сүрүн ситиһиибинэн, “Үрүҥ хаар алгыһа” (сахалыы Эн итинник сүрэхтээбитиҥ дии) Норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлин төрүттээбиппин ааҕабын. Кэлэр сылга 8-с төгүлүн ыытыллыаҕа. Бу тэрээһини бастакынан өйөөбүт дьонунан Егор Афанасьевич Борисов, Евгения Исаевна Михайлова буолаллар. Бу бэстибээл көмөтүнэн саха поэзиятын антологиялара польскай, казах уонна татаар тылларынан бэчээттэннилэр. Платон Ойуунускай айымньылара тылбаастанан, Кыргызстаҥҥа уонна Азербайджаҥҥа туспа кинигэлэринэн таҕыстылар. Саха бэйиэттэрин айымньыларын тылбаастааннар, Болгарияҕа, Вьетнамҥа, Турцияҕа, Сербияҕа бэчээттээтилэр. Бу – биһиги кыайыыбыт буолар!
Өссө бу сылларга мин бэйэм духуобунай иэспин толордум диибин – учууталым, саха норуодунай бэйиэтэ Семен Петрович Данилов туһунан кинигэм “ЖЗЛ” сиэрийэнэн “Молодая гвардия” кинигэ кыһатыгар тахсыбыта. Бу – мин айар үлэбэр кылаабынай кинигэм буолар, да диэхпин сөп. Дьокуускайга ини-бии Даниловтарга өйдөбүнньүк турда. Манна кырата суох кыһамньым эмиэ баар, онтон үөрэбин. Кинигэ тахсыытыгар, өйдөбүнньүккэ даҕаны улахан көмөнү өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев оҥордо.
Биир киэн туттуум – эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын сөргүппүппүт буолар. Оччолорго ыччат миниистирдэрэ Алексей Еремеев уонна Афанасий Владимиров истиҥник өйөөбүттэрэ. Хайыы үйэ 11 төгүлүн сүбэ мунньах ыытылынна. Саҥа ааттар бааллар, барытын бэйэҕит билэ-көрө сырыттаххыт.
– Эдэрдэр үлэлэринэн төһө астынаҕын?
– Астынабын диэхпин сөп. Ол гынан баран, хаһан эрэ сүбэ мунньахха, чап-чараас паапкаҕа хоһооннордоох кэлбит кыргыттарым-уолаттарым улаатан истэхтэрин аайы, биири дьэҥкэ бэлиэтии көрөбүн – дьиҥнээх бэйиэт, суруйааччы буоларга, талааны, айдарыыны таһынан, киһи ыраас, үтүө, сиэрдээх дууһалаах, дьиҥнээх киһи киһитэ буолуохтаах. Хаһан эрэ Софрон Данилов, “талаан уонна түктэри быһыы биир сүрэххэ уйаламматтар”, диэбитин санаан кэлэбин…
“Саамай үрдүкү чыпчаалым”…
– Мин өссө да элбэҕи кэпсиэхпин сөп эрээри, хаһыат кээмэйэ диэни билэр буоллаҕым. Суруйааччы сойууһун бэрэссэдээтэлэ буолуу – бу мин олохпор уонна духуобунай үүнүүбэр-сайдыыбар саамай үрдүкү чыпчаалым буолар. Ону олус сыаналыыбын уонна киэн туттабын. Хомсомуолга да, хаһыакка да, министиэристибэҕэ да үлэлии сырыттым, ол эрээри саамай дьиҥнээх үөрүүнү уонна дуоһуйууну айар сойууспар үлэбиттэн ылабын, тоҕо диэтэххэ, бэйэбин биһиги классиктарбыт нэһилиэнньиктэринэн ааҕынабын уонна… кэлэр кэскили ситимниирдии ылынабын…
Суруйааччы бэйэтин кэмигэр махтаныахтаах, оччоҕуна эрэ айар үлэтэ тахсыылаах буолар.
Сотору-сотору биир кэпсэтиини өйдөөн кэлэбин – суруйааччыларга өр суоппардаабыт Николаев Софрон диэн кырдьаҕас баара. “Саха сирэ” хаһыакка үлэлиир кэммэр кэлэн, кэпсэтэн ааһар идэлээҕэ. Бэрэссэдээтэлинэн талыллыбытым аҕыйах хоммутун кэннэ, тиийэн кэллэ. “Оҕонньотторго тахса сырыттым, үөһэ… Кэпсээтим, кыыскыт бэрэссэдээтэл буолла диэн”, – диир. Мин дьээбэбэр ыйытабын: “Туох дииллэр?”. “Сэргээтилэр”, – диэбитэ Софрон Николаевич… Оннук эрэ буоллар! Убайдарым суолларын токуруппатах эрэ киһи…
– Наталья Ивановна, махтал! Аны инники соруктар, былааннар?
– Соруктары бириэмэ-кэм бэйэтэ туруорар буоллаҕа. Мин санаабар, суруйааччы соруга – бэйэ норуотун үрдүктүк тутуу. Устуоруйаны саҥалыы харахпытынан көрөр кэммит кэллэ. Баай устуоруйабытын дириҥник хасыһан, норуоппутун ытыктыырга, сыаналыырга тиэрдэр, норуоппутугар тирэх буолар чаҕылхай чахчылары, түгэннэри булан ылар, киэн тутта кэпсиир-ипсиир, суруйар наада. Маныаха биһиги, суруйааччылар, учуонайдарбытын кытта күүспүтүн холбоон үлэлиэхтээхпит.
Бэйэм тустаах айар үлэбэр былааннарбын арааһа, барытын арыйан биэрбэтим буолуо, арай бу тахсаары сылдьар айымньыларбын ааттыым дуу. Бастакы кинигэм – биһиги устуоруйабыт, норуоппут дьылҕатын туһунан, доҕордоһуу уонна таҥнарыы туһунан санаалар туймуулара-хоһооннор, “Эрбэһинтэн ыйытаар” диэн ааттаах. Иккис кинигэм – “Үөрүү” диэн лирика. Дьиҥнээх доҕордоһуу, дьол, үөрүү туһунан олоҕу балачча билбит киһи хараҕынан көрөн, анаарыы-хоһооннор…