«СЭРГЭЛЭЭХ УОТТАРА»
историятыттан
1923–1925 сс. Дьокуускайдааҕы учуутал техникумугар «Сайдыы» диэн ааттаах айар куруһуок тэриллэн үлэлээбитэ. Эллэй, Абаҕыыныскай, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Н. Заболоцкай, С. Ефремов ити куруһуоктан айар үлэлэрин саҕалаабыттара.
1925-27 сс. куорат үрдүнэн икки куруһуок үлэлээбитэ: “Саха Омук” общество иһинэн айар ыччат түмсүүтэ уонна “Кыһыл Сулус” диэн түмсүү.
Аҕа көлүөнэ суруйааччылар ыччат айар түмсүүтүгэр олус улахан сабыдыаллаах этилэр: А.Кулаковскай, А. Софронов, П. Ойуунускай, А. Бояров, В. Леонтьев уонна Күндэ.
Педагогическай институт аһыллыбытын кэннэ айар куруһуогу Валерий Чиряев, кини кэнниттэн Иван Арбита салайа сылдьыбыттара. Онно кыттыыны ылаллара номнуо дьоҥҥо биллибит эдэр суруйааччылар Күннүк Уурастыырап, Семен, Софрон Даниловтар, Л. Попов, Баал Хабырыыс.
1972 сыллаах “Сэргэлээх уоттара” түмсүү литературнай сурунаал редакторынан А. Тарасов, худуоһунньугунан П. Харитонов, секретарынан К. Ефремова үлэлээбиттэр.
“Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүү чилиэннэрэ салайааччыларын Е.П. Шестаков – Эрчимэни кытары. Бу кэмҥэ Федор Гуляев, Мария Кудрина, Александр Тарасов, Михаил Прохоров, Мария Михайлова, Павел Харитонов уонна Сэмэн Тумат куруһуок старостатын быһыытынан утумнаахтык дьарыктаммыттара.
Сурунаалга түмсүү чилиэннэрэ бэйэлэрин хоһооннорун, тэттик кэпсээннэрин автор хаартыскатын уонна кини туһунан кылгас комментарий суруйаллар эбит. Хас биирдии айымньыны олус үчүгэй иллюстрация киэргэтэр.
Маны таһынан, куруһуокка эрдэ дьарыктаммыт: Василий Дедюкин, Уйбаан Ороһуунускай, Евдокия Тимофеева, Варвара Потапова, Иннокентий Левин айымньылара киирбиттэр.
Сэмэн Тумат бу кэмҥэ СГУ саха салаатын V-с курсун устудьуона. 1970-1972 сс. куруһуок старостата. Түөрт айымньыта киирбит (“Туруйалар”, “Сибэккилэр тустарынан баллада”, “Күн-дьыл ааһыаҕа”, “Хаһан да умайбатах уотунан”).
Павел Харитонов түөрт хоһооно киирбит (“Тутааччылар”, “Атамаан төбөтүн үтүктэн”, “Дьөлүһүөн угунуу”, “Күһүҥҥү хатыҥҥа ириэрдим”).
Мария Михайлова СГУ саха салаатын III курсун устудьуона. Үс хоһооно киирбит (“Эйиэхэ”, “Саҥа күҥҥэ”, “Кэрэҕэр сүгүрүйэн, долгуйан”).
Михаил Прохоров СГУ саха салаатын I курсун устудьуона. Сурунаалга биэс хоһооно киирбит (“Тугуй бу, тугуй бу”, “Миэхэ эн”, “Айманнахпына”, “Ыраах баян тыаһыыр”, “Көрүҥ эрэ, доҕоттоор!”).
Александр Тарасов СГУ саха салаатын III курсун студена. Сэмэн Тумат кэнниттэн, 1972 с. куруһуок старостатынан үлэлиир. Үс хоһооно киирбит (“Сананабын саҕыахпын”, “Ахтылҕан”, “Куттанабын”).
Мария Кудрина СГУ саха салаатын III курсун студена. Куруһуок активнай чилиэнэ. “Дьүкээбил уота” диэн тэттик кэпсээнэ киирбит.
Федор Гуляев СГУ саха салаатын I курсун студена. Автор “Тостубут тараах” диэн кыракый кэпсээнэ суруллубут.
“Сэргэлээх уоттара” түмсүү иккис литературнай сурунаала (1975 сыл). П. Харитонов, А. Тарасов, М. Михайлова, М. Кудрина, А. Акимов, Г. Егоров, Т. Находкина.
Бу сурунаалга 1977-1978 сс. дьарыктаммыт оҕолор айымньылара эмиэ киирэ сылдьаллар. Ол курдук: Т. Алексеева, В. Хон, Е. Винокуров, Р. Иванов, И. Потапова.
“Куруһуок үлэтин сүрүн форматынан студеннар уус-ураннык суруйууларын дьүүллэһии, ырытыы, сүбэ-ама биэрэн инникигэ өссө көҕүлээһин буолар”, – диэн салайааччы Е.П. Шестаков – Эрчимэн суруйбут.
Куруһуок чилиэннэрэ биллиилээх поэттары, бөдөҥ прозаиктары кытары көрсөн сүбэ-ама ылаллар эбит.
“Сэргэлээх уоттарыгар” активнайдык кыттыбыт оҕолор төһө да үөрэхтэрин бүтэрэн бардаллар, айар үлэнэн дьарыктаналларын тохтоппоттор, үгүстэрэ кинигэлэнэллэр эбит.
Куруһуокка сылдьар оҕолор айымньыларыттан үчүгэйин талан “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттииллэр эбит. Хас сыл аайы ити курдук сыал-сорук туруорунан, ону ситиһэргэ кыһаналлар.
Поэт Моисей Ефимов “Сэргэлээх уоттара” түмсүү: туһунан маннык суруйбут: “1948 сыллаахха күһүн Якутскайдааҕы пединститут иһинэн институт преподавателэ поэт Семен Данилов салайааччылаах литературнай куруһуок тэриллибитэ”.
Куруһуокка И. Гоголев, И. Спиридонов, И. Федосеев, И. Иванов, М. Иванов, Р. Максимова, Ф. Аргунов, В. Гольдеров, А. Федоров, А. Дьяконов, С. Федотов, Р. Баҕатаайыскай о.д.а. кыттыыны ылалларын туһунан ахтар.
Бары айар үлэнэн үлүһүйбүт дьон этибит диир. Бастаан “Сэргэлээх уоттара” диэн илиинэн суруллар сурунаалы таһаарбыттар. Куруһуок сурунаал аатынан ааттаммыт эбит.