Литературная Якутия


 
17.12.2017
 

Сэмэн Данилов төрөөбүтэ 100 сыла. Саха литературата – Москубаҕа

Бу күннэргэ Москуба куоракка саха норуодунай бэйиэтэ Семён Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр үрдүк көтөҕүллүүлээхтик, элбэх суруйааччы кыттыылаах аастылар. Саха суруйааччыларын бэрт улахан дэлэгээссийэтэ (барыта 13 киһи, мантан түөрдэ – норуодунай суруйааччы) Горнай улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн уонна атын да тэрилтэлэр көмөлөрүнэн кытта сылдьар. Вадим Дементьев, Геннадий Иванов, Анатолий Парпара, Сергей Гловюк курдук нуучча суруйааччылара истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр, салгыы бииргэ үлэлиир туһунан кэпсэттилэр. «Литературная газета» уонна араас литературнай сурунааллар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Духуобунай сайдыыга уоннай айар сойуустары кытары үлэҕэ салаата бу тэрээһиҥҥэ өйөбүллэрин иһин Горнай улууһун баһылыга Н.В. Андреевка, Саха сириттэн төрүттээхтэр Москубатааҕы түмсүүлэриттэн Людмила Павловаҕа махталын тириэрдэр.

«Бу көннөрү үөрүү-көтүү, ахтыһыы эрэ буолбакка, инникитин бииргэ үлэлэһэр суоллары торумнааһын буолбута саарбаҕа суох. Семён Данилов «Мой русский язык» хоһооно бу киэһээ үс төгүл доргуччу ааҕылынна. Ити мээнэҕэ буолбатах. ХХ үйэҕэ саха литературата бэйэтин эрэ эйгэтигэр хаайтарбакка, сайда турарын туоһута», – диэн саха норуодунай бэйиэтэ Семён Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри сүрүннээччилэр Москубаттан биллэрэллэр.

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ