Литературная Якутия


 
30.12.2023
 

Сайа: “Дойдубут олоҕо эрэ туруктаах буоллун!”

«2023 сыл миэхэ тохсунньу тоһуттар тымныыта туругуран турдаҕына, “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Тэбэр сүрэх” диэн хоһооннорум саҥа хомуурунньугун сүрэхтээһиммиттэн саҕаламмыта. Кинигэм атыыга тута бүтэн, сайын бу кинигэбин “Айардар” хаттаан таһаарбыттара. Онон, бу сыл тухары “сүрэҕим тэбэн, санаам сайдан”, айар-суруйар үлэбэр тахсыылаахтык сырыттым.

 

Урут Олоҥхо ыһыаҕар биирдэ эрэ сылдьыбыт сирбэр – Өлүөхүмэ улууһугар ааҕааччылар ыҥырыыларынан бара сылдьыбыппын алгыстаах айаҥҥа киллэрэбин. Ону таһынан Нам улууһун “Отуу уота” уран сурукка түмсүүтэ анаан-минээн ыҥыран олус истиҥ көрсүһүүлэри тэрийбитэ. Суоттуга ыҥырыллан тиийэн, ааҕааччылардыын истиҥ-иһирэх көрсүһүүм, мэлдьи буоларын курдук, айар үлэҕэ кынаттаабыта. “Ийэ тыл” көҥүл түмсүү салайааччытынан талбыттара, онон бу үлэбинэн эмиэ элбэх мунньахтарга, көрсүһүүлэргэ сырыттым. Сунтаар улууһа бу сылы Төрүт тыл сылынан биллэрбитинэн, үөрүүлээх арыллыытыгар олунньуга Сунтаарга баран кэлбитим. Оҕо сахалыы саҥарбат буолбута барыбыт иэдээнэ буоларын дьон-сэргэ өйдөөн, кими да кэтэспэккэ бэйэтин дьиэтин, чугас дьонун тула үлэни ыытары ытык иэһин курдук ылынарын, “саха тылын саллаата” буоларын туһугар билигин үлэ барар. Ордук “кэнсиэпсийэ оҕолоро” диэн, олох киин түһүлгэтигэр тахсар саастарыгар кэлбит эдэр дьон, эдэр төрөппүттэр күргүөм хамсааһыннара үтүө холобур буоларыттан үөрэбин. Ону таһынан салалта эмиэ төрөөбүт тылга болҕомтону хаһааҥҥытааҕар да уурда. Аҥардас сахалыы саҥалаах ойуулуктары оҕолорбутугар утары уунар кыахтаммыппыт баараҕай ситиһии буолар. Ол эрээри, тугу да тэрийэн, төһөлөөх да ыҥыран, төрөппүттэр уонна эһээлэр, эбээлэр оҕо төрөөбүт тылыгар убанар быһыытын-майгытын тэрийбэтэхтэринэ, бу хамсаныыбыт кэрэгэй буола туруо.

Айар үлэбэр биир дьоһуннаах бэлэҕи СӨ үтүөлээх артыыһа Ырыа Саарын оҥордо. Кини мин 2000 с. суруйбут “Күннээх дуоҕа” диэн бастакы бэрэсидьиэммитигэр анаабыт хоһооммор кэрэ мелодияны айан, ырыа гынан сүрэхтээтэ. Бу ырыа мин таптыыр ырыаларбыттан биирдэстэрэ буолла.

Үлэбэр “Саха суола” биэриим ыырын кэҥэттим. Санаабар олус сэргэх дьону, түгэннэри уһулан көрдөрдүбүт. Режиссерум Нина Корниловалыын саҥа документальнай киинэлэргэ анаан сайын элбэх устуулары оҥорбуппут. Ону сыл саҕаланыытыттан көрөн барыаххыт диэн эрэннэрэбин.

Дьүөгэ кыргыттарбынаан тэриммит “Сунтаар суһума” бөлөхпүтүнэн хас да кэнсиэри куоракка уонна улуустарга оҥороммут олохпутун киэргэттибит. Бэйэм илиибин тоһутан өр соҕус гипсэлээх сырыттым. Ол илиибин көтөхпүтүнэн кэнсиэргэ да кытынным, айаннарга да сырыттым – онон оспутун билбэккэ да хааллым диэххэ сөп. Соторутааҕыта урут чугаһаабат хомуспар оонньуурга үөрэнэн биир үктэл үрдээтим.

Уонна, биллэн турар, “Улуу Тымныы Оҕуһа” диэн бастакы үһүйээним (остуоруйам) күн сирин көрөн тарҕана турар. Ааҕааччылартан сэҥээриилэр киирэн эрэллэр.

Үүнэр сыл от күөҕэ өҥнөөх, мас Луо кыыл сыла. Үкчү бу маннык өҥнөөх-талалаах Луо кыыл 1964 с. кэлэн ааспыт эбит. Бу биһиги – 60 сааспытын туолааччылар төрөөбүт сылбыт. Биллэн турар, бу сылга элбэх бэлиэ түгэннэри ыралыыбын. Бастакытынан, ааһан эрэр сылга саҕалаабыт үлэлэрим түмүктэрэ көстүө: Олоҥхо тыйаатырыгар, Саха тыйаатырыгар, документальнай киинэлэрбэр, саҥа сэһэннээх кинигэҕэ. “Туймаада” вокальнай ансаамбылга анаан биир үлэни оҥорбутум, ол тахсарын күүтэбин. “Уйгур” сэһэним атын тылларга тылбаастаныа. Ити курдук, айар үлэ чороон аайы иитиллэ, минньийэ турар курдук. Ону бар дьоммор кэритэр сылым кэлэн иһэр буолуохтаах. Дойдубут олоҕо эрэ туруктаах буоллун!

Наталья МИХАЛЕВА-САЙА,
СӨ норуодунай суруйааччыта

Источник: «Саха сирэ»