Норуодунай суруйааччы Амма Аччыгыйыгар ананна
Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугар сээркээн сэһэнньит саха норуодунай суруйааччыта Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйын сырдык аатын үйэтитэр бүүһүн арыллыыта буолла. Бу тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан Гаврил Гаврильевич Андросов — "Чолбон" сурунаал сүрүн редактора, Россия Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы кыттыыны ылла.
Ону кытта Амма Аччыгыйын кытта үгүстүк алтыспыт норуодунай суруйааччы В. Е. Васильев-Харысхал кэлэн олус сонун ахтыыны оҥорон киэргэттэ. Үөрэнээччибит СӨ култууратын туйгуна Виталий Очиров алгыһынан арыйда, улуус баһылыга М. М. Соров эҕэрдэлээтэ.
Муза Николаевна Мординова оҕолорун кытта эҕэрдэлэрин, махталларын долгуйа иһиттибит, Мординовтараймах ааттарыттан А. Т. Мординов, харчынан кыттыһан бүүһү оҥотторууга бачыымы көтөхпүт 1975 сыллаах выпустар ааттарыттан И. В. Харлампьева, нэһилиэк баһылыга А. И. Кулачиков, ААО Төлөн директора П. Д. Рахлеев учуутал Д. Е. Соломонова, холбоһук директора В. В. Кривошапкин эҕэрдэ тылларын эттилэр. Директор түмүк тылыгар:
Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын көрсө ыытыллар үлэ былаана.
Сыала:
- Саха норуотун сээркээн сэһэнньитин сырдык аатын үйэтитии.
- Норуодунай суруйааччы айар олоҕун, үлэтин туһунан үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии, айымньыларынааҕыыны, чинчийиини тэрийии.
- Үйэтитиигэ дириҥник ылсан үлэлээһин.
Ыытыллар үлэлэр:
- Төрөөбүт дойдутугар аатын сүгэр оскуола иннигэр сквер оҥоруу.
- С. А. Новгородов аатынан "Бичик" кинигэ кыһатын кытта бииргэ үлэлээн, "Онус тоҕо?" оҕолор айымньыларын бэчээттэтии. "Киһи уонна айымньы" кинигэни хос бэчээттэнэн тахсарын ситиһии.
- Киэн туттар биир дойдулаахпыт олоҕун, айар үлэтин киэҥник хабан үөрэтэри, айымньыларын ааҕыыны тэнитэр сыаллаах "Амма Аччыгыйа уонна билиҥҥи кэм" диэн оҕо аймах өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүлгэтин тэрийии.
- Аатын сүгэр "Кэскил" хаһыаты кытта бииргэ үлэлээһин — үлэ былаанын иһитиннэрдэ, ону үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтара дохсун ытыс тыаһынан ылыннылар. Сүрдээх истиҥ-иһирэх тэрээһини Виталий Очиров ырыаларынан киэргэтэн сэргэхситтэ,саха тылын учуутала В.С.Кривошапкина хомоҕой тылынан иилээн-саҕалаан тэрийэн ыытта.