Литературная Якутия


 
12.04.2024
 

Наталья Харлампьева Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадаланна

СӨ норуодунай поэта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Наталья Харлампьева РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан дойду култууратын, ускуустубатын сайдыытыгар дьоһун кылаатын уонна уһун сылларга таһаарыылаах үлэтин иһин, Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадаланна.

 

Туһааннаах ыйаахха дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин муус устар 11 күнүгэр илии баттаата. Доҕордоһуу уордьана (Орден Дружбы) 1994 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр олохтоммута.

Наталья Харлампьева 1952 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай таһынааҕы бөһүөлэккэ Маҕаҥҥа төрөөбүтэ. СГУ кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Үлэтин Маҕан авиапордугар таһаҕаһы таһыы сулууспатыттан саҕалаабыта. «Северная трасса» хаһыакка, ССКП обкомугар бэчээт секторын инструкторынан, Кэбээйигэ райком сэкирэтээринэн, «Кыым» хаһыакка култуура отделын сэбиэдиссэйинэн, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай эрэдээктэринэн, Саха сирин дьахталларын сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир дьахтар олоҕун киэҥ эйгэтин, саха ааҕааччытыгар умсугутуулаахтык суруйар «Далбар Хотун» сурунаалы төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ буолан, кылаабынай эрэдээктэринэн, «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.

Источник: «Саха сирэ»