Литературная Якутия


 
28.05.2024
 

Күлүмнүүр аата-суола тиллэригэр улахан оруоллаах этэ

Иван Васильевич Мигалкин поэзияны эрэ буолбакка, историяны, культураны өрө туппут киһи буолар. Ол туһунан Саха сирин Суруйааччыларын Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Олег Гаврильевич Сидоров ахтан-санаан ааста:

 

– Саха тыллаах дьоҥҥо бүгүн, кырдьык, хомолтолоох күн. Иван Васильевич Мигалкины тиһэх суолугар атаарабыт… Кини киһи быһыытынан, аҕыйах тылы эттэхпинэ, Иван Васильевич сырдык киһи, сырдык сыдьаайар киһитэ этэ. Өссө устудьуоннуу сылдьан үһүс кууруска «Кыым» хаһыакка практика бара сылдьан, Иван Васильевыһы кытта билсэн турабын.

ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ БУ КЫРДЬЫК ПОЭТ ДИЭН УОБАРАСКА ОЛУС БАРСАР, СЫРДЫК КӨСТҮҮМНЭЭХ, БЭЙЭТИН ОЛУС КӨРҮНЭН ТАҤНАР, ПОЭЗИЯНАН ТЫЫНАР ПОЭТ БЫҺЫЫТЫНАН БИҺИЭХЭ, УСТУДЬУОННАРГА ХОЛОБУР КУРДУК КӨСТӨРӨ.

Бэйэтин бириэмэтин харыстаабакка биһигини кытта кэпсэтэрэ уонна өссө уопсайга кэлэн көрсүһүү тэрийэн ааспыттааҕа.

Онтон ыла Иван Васильевичтыын бу кэмҥэ диэри истиҥник көрсөн, кэпсэтэн кэллибит. Биирдэ дойдутугар Бороҕоҥҥо “юбилейбын ыытаҕын» диэн ыҥыран, айар биэчэрин ыытан турардаахпын.

Уйбаан этэллэрин курдук, дьоҥҥо олус чугас, сырдык санаалаах киһи этэ. Ол санаатын поэзиятыгар, бииргэ алтыһан ааспыт суруйааччыларын, саха биллиилээх дьонун туһунан суруйууларыгар тиспитэ.

МИХАИЛ ЕФИМОВИЧ НИКОЛАЕВ МОСКВАҔА БУОЛБУТ БИИР КӨРСҮҺҮҮГЭ: “ХАЙА, ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ ХАЙДАХ СЫЛДЬАРЫЙ? КЭЛИН ТУГУ АЙАР-ТУТАР?” – ДИЭН ОЛОХ ЧОПЧУ ЫЙЫТАН ТУРАР УОННА: “КИНИ АЙЫМНЬЫЛАРЫН ОЛУС КЭТЭҺЭН ААҔААЧЧЫБЫН”, – ДИЭН ЭППИТЭ.

Ол курдук Иван Васильевич саханы саха дэтэр суруйааччыбыт, поэппыт, публициспыт этэ. Кини историяны, культураны өрө туппут киһи буолар.

 

ХОЛОБУР, МАННА СӨПКӨ АХТАН АҺАРДЫЛАР, КҮЛҮМНҮҮР ТУҺУНАН ИРАИДА САМОНОВНА КЛИОРИНА КЭННИТТЭН БИИР БАСТАКЫНАН ИТИ СУОЛУ САЛҔААБЫТ КИҺИ БУОЛАР. ОЧЧОЛОРГО БОРОҔОН ТИПОГРАФИЯТЫГАР АҔЫЙАХ ДА ТИРАЖТААХ КИНИГЭ ТАҺААРБЫТТАРА. БУ КҮЛҮМНҮҮР ААТА-СУОЛА ТИЛЛЭРИГЭР, ҮТҮӨ ААТА НОРУОТУГАР ТӨННӨРҮГЭР, КИНИ ААТЫН ҮЙЭТИТИИГЭ УЛАХАН ОРУОЛЛААХ ЭТЭ.

Иван Васильевич Саха республикатын Степной Думаттан, Күлүмүнүүртэн саҕалаан биһиги Автономнай республикабыт төрүттэниитин – барытын хайдах эрэ бииргэ ситимнээн киэҥник көрөрө.

“Илин” сурунаалы таһаарарбытыгар биир бастакынан өйөөбүтэ. “Олус да сахаҕа наадалаах сурунаал”, – диирэ. Наар өйүүрэ, айымньыларын бэчээттэтэрэ.

70-90-УС СЫЛЛАРТАН 2000 СЫЛЛАРГА ДИЭРИ КИНИ ПОЭЗИЯҔА ЧАҔЫЛХАЙ СУЛУС БУОЛАН СЫЛДЬАР, СЫЛДЬЫАҔА ДАҔАНЫ.

Мин Иван Васильевиһы кытта билсибиппиттэн олус диэн киэн туттабын. Көрсүһүүлэргэ, айар-тутар дьоҥҥо хас биирдии киһиэхэ бириэмэтин харыстаабакка кэпсэтэн, кинилэр хоһооннорун ырытан, хас биирдии строкаларын көрөрө, мастер-класс курдук оҥороро. Ол да иһин кинини олуһун диэн бары ытыктыыллар этэ.

ИВАН ВАСИЛЬЕВИЧ ҮРДҮК ТАҺЫМЫНАН ИСТОРИЯНЫ, КУЛЬТУРАНЫ, ПОЭЗИЯНЫ СЫРДАТААЧЧЫ – ПРОСВЕТИТЕЛЬ ЭТЭ. ОЛ КИНИ АЙЫМНЬЫЛАРЫГАР КӨСТӨР.

Уонна, биллэн турар, Иван Васильевич санаата киэҥэ, дириҥэ, дириҥ силистээх, аймахтаах. Кини быраатын Александр Васильевиһы кытта доҕордуу истиҥ сыһыаннаах этибит. Афанасий Васильевичтыын бу кэмҥэ диэри доҕордоһон кэллибит. Мин Мигалкиннарга махталым улахан.

Биһиги өйбүтүгэр Иван Васильевич сырдыгы сыдьаайар киһи быһыытынан хаалыаҕа. Эн дьоҥҥор Зоя Васильевнаҕа, оҕолоргор Екатеринаҕа, Айталинаҕа, Ньургуҥҥа дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит.

Бэчээккэ бэлэмнээтилэр
Сардаана МАТВЕЕВА, Виктория КОЛОДЕЗНИКОВА

Источник: «Кэскил»