Иван Мигалкин: «Таптал тыллар сыһыантан»
Ыам ыйын 24 күнүгэр Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич Мигалкин уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги кэккэбититтэн туораабытынан дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.
Иван Мигалкин 70 сааһын көрсө «Таптал тыллар сыһыантан» кинигэтэ «Айар» кинигэ кыһатыгар кини тыыннааҕар күн сирин көрбүтэ.
«Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин айымньыларыттан талыллан оҥоһуллубут, кини бэргэн этиилэриттэн түмүллүбүт кинигэтин кэрэхсиэххит. Бэйиэт сулус санаалара кынаттаах Пегас буолан, олох улусханын сырдык тыыннаан, киһи бу сиргэ Тапталга, Дьолго, Олох олорорго ананан кэлбитин дууһа кылын таарыйан, өйгө-сүрэххэ иэйиилээхтик тиэрдиэ дии саныыбын…» диэн кинигэни хомуйан оҥорбут Галина Фролова суруйбут.
Хомуурунньукка Иван Мигалкин олох араас өрүттэрин кыраҕытык таба көрөн, сүрэҕинэн таайан, киһи санаатын эгэлгэтин сытыы, бэргэн тылынан этэр-тыынар.
«Бар дьоммор үлүскэн үөрүүнү үксэттэрбиэн, буорга түспүт бурдук сиэмэтин курдук, аҕыйах ахсааннаах төрөөбүт сахам норуотугар кыра да туһаны оҥордорбун диэн санаалаах олорорум, үлэлиирим олохпун уһатыа, үтүө өйдөбүлү хаалларан үйэтитиэ диэн сырдык эрэллээхпин».
«Мин олохпор — өрө да тахсыбытым, Таннары да сурулаан түспүтүм… Хайҕаммытым, ол быыһыгар үөҕүллүбүтүм, Дьоҥҥо эрэлбин син биир ыһыктыбатаҕым….» «Кырдьыыны араастаан өйдүүллэр, Кырдьыыны -– кырыыска тэҥнииллэр, Кырдьыыга дьоллоохтор тиийэллэр — Сааһырыы чыпчаалын үөһүгэр. Манна баар -– кылбаа күннээх сандал саас, Көмүс күһүн алтан сэбирдэхтэрэ — Сүрэххэ иҥмит дьикти үҥкүүлэрэ…» |
«Үлэҕэ үрдүк ситиһии, олоххо дьолуҥ, үөрүүҥ-көтүүҥ — барыта бэйэҕиттэн, тус олоххуттан тутулуктаах. Дьоҥҥо, олоххо, тулалыыр эйгэҕэ бэйэҥ сыһыаныҥ хайдаҕый да оннук!»
«Санааттан ыралар үөскүүллэр, Ыраттан олоххо тардыстыы күүһүрэр». «Олоххо тапталым суоһунан Кустуктар куустуннар алааспын». «Таптыыр дьоҕуру сүтэрии — бу сорсуйуу». «Мин сүрэҕим Түлэй түүнүн да Сэргэхтик уһуктуо — Поэзия чуумпу тоҥсууругар». |