Литературная Якутия


 
05.04.2024
 
Ангелина Васильева

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара: Бастыҥнар билиннилэр

24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара икки күннээх үлэтэ түмүктэннэ. Сиэксийэлэринэн кыайыылаахтар билиннилэр.

 

Быйыл сүбэ-мунньахха 19 улуустан 70-ча киһи ыҥырыллыбытыттан, ыраах улуустартан аҕыйах киһи кыайан кэлбэтилэр. Саха поэзиятыгар, прозатыгар, нууччалыы тыллаах литератураҕа, драмаҕа, кириитикэҕэ, оҕо литературатыгар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар биллэр суруйааччылар эдэрдэр айымньыларын икки күн устата ырыттылар.

Саха поэзиятыгар түмүгү Наталья Харлампьева таһаарда. Ол курдук, 4 киһини »Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэригэр мэктиэлээтэ. Сорохтор төрдүс төгүлүн кытталлар эбит. Саха поэзиятын арыйыытынан Ньурбаттан Станислав Степанов-Хотоҕос ааттанна. »Эр киһилии дьоһуннаах, киһи чахчы астынар айымньылардаах бэйиэт», — диэн туран, кинигэтин таһаарарга мэктиэлээтилэр.

Маны тэҥэ, Сюзанна Кондакованы айар командировкаҕа барарыгар мэктиэлээтилэр. Римма Крылова Суруйааччылар сойуустарын бырабылыанньатыгар айар отчуоту уонна айар киэһэни ыытарыгар мэктиэлэннэ.

Саха прозатын сиэксийэтин үлэтин түмүгүн суруйааччы Данил Макеев таһаарда. Игнатий Слепцов, Варя Егорова, Сардаана Корякина «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэригэр мэктиэлэннилэр. Проза сиэксийэтигэр кинигэтэ тахсарын курдук, үчүгэй айымньылаах ааптары булбатылар.

Норуодунай суруйааччы эдэрдэр итэҕэстэрин ыйан туран, »суруйар үлэ оҕо оонньуута буолбатах» диэтэ. Кини кэм ирдэбилинэн, эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө сэрии, байыаннай дьайыы туһунан айымньыларынан хомуурунньугу оҥорон таһаарарга уолдьаста диэн эттэ.

Нууччалыы тыллаах литература сиэксийэтигэр 15 киһи кыттыбыт. Элбэх киһи хоһоон суруйар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн манна уолаттар элбэхтэр. Кинигэни таһаартарарга Илья Васильев мэктиэлэннэ.

Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар сиэксийэлэригэр 6 киһи кыттыбыт. 2 киһи эбэҥки, 4 киһи эбээн тылынан айымньылары киллэрбиттэр. Кинилэри «Илкэн» хаһыакка бэчээттэнэллэригэр мэктиэлээтилэр. Матрена Голикованы кинигэтэ бэчээттэнэригэр мэктиэлээтилэр. Максим Дуткины «Айар» кинигэ кыһатын эһиилги былааныгар киллэрэргэ мэктиэлэннэ.

Драма сиэксийэтигэр 5 киһи 7 айымньытынан кытынна. Драма сиэксийэтин арыйыытынан «ҺӨҔҮҤ» пьеса ааптара Анжелина Ильина ааттанна. Кини айымньыта Саха тыйаатырыгар уус-уран ааҕыыга мэктиэлэннэ.

Оҕо литературатын сиэксийэтигэр 6 киһи кыттыбыт. Слепцова Ольга айар командировкаҕа барар буолла. Мария Винокурова икки сиэксийэҕэ кыттыытын түмүгүнэн, »Алта» кинигэ кыһатыгар кинигэтэ бэчээттэнэригэр мэктиэлэннэ.

Кириитикэ сиэксийэтигэр 8 киһи кыттыбытыттан, 5 киһини »Чолбоҥҥо» бэчээттэнэргэ мэктиэлээтилэр. »Кэскиллээх кириитик» ааты Мария Захароваҕа иҥэрдилэр. Кинини кириитикэ сиэксийэтин арыйыытынан ааттаатылар, айар командировканан наҕараадаланна.

«Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация салайааччыта Олег Сидоров «20 сыл устата биһиэхэ литературнай оскуола үөскээбит эбит. Биһиги саҕана маннык суох этэ», — диэн эттэ.

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара Доҕордоһуу киэһэтинэн түмүктэннэ. Манна ырыа-тойук дьиэрэйдэ, хомоҕой хоһоон ааҕылынна, эдэр ааптардар бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн-көрсөн, ыкса алтыстылар.

 

Источник: «Саха сирэ»