Дьону дьоллоох оҥороору
Бу күннэргэ «Айар» кинигэ национальнай кыһатыгар суруйааччы Г.Г. Вешников-Баал Хабырыыс олоҕор, айар үлэтигэр анаммыт бэрт интэриэһинэй, киэҥ ис хоһоонноох кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Киэҥ эйгэҕэ анаммыт научнай таһаарыыны филологическай наука доктора Валентина Семенова салайааччылаах айар бөлөх, «Айар» кинигэ кыһатын салаатын үлэһитэ Саргылана Константинова, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл научнай үлэһитэ Ефросиния Ноговицына бэлэмнээн таһаардылар.
Кинигэ «Баал Хабырыыс олоҕун суола», «Баал Хабырыыс поэзиятын туспата», «Баал Хабырыыс лиирикэтин уус-уран уратылара» салааларыгар суруйааччы туспа буочардаах айар үлэтэ сырдатыллар.
«Г. Г.Вешников-Баал Хабырыыс саха литературатыгар сэмэй эрээри, ааҕааччыны толкуйдатар, сүрэх иһинэн киирэр поэзия кистэлэҥин баһылаабыт суруйааччы быһыытынан биллэр. Баал Хабырыыс дьоҥҥо биһирэтэр, дьону тардар кистэлэҥин билээри, олоҕун суолун нөҥүө айымньыларын, айар үлэтин уратытын кэтээн көрөөрү бу үлэни суруйдубут», — дииллэр ааптардар кинигэ киирии тылыгар.
Баал Хабырыыс — Уус Алдантан төрүттээх суруйааччы. Биир дойдулаахтара кини аатын үйэтитиигэ утумнаахтык үлэлииллэрэ көстөр. Кэнники эрэ сыллары ылан көрдөххө, 2019 сыллаахха Уус Күөлүнээҕи федеральнай модельнай бибилэтиэкэ үлэһитэ М. Пестрякова Баал Хабырыыс олоҕун, айар үлэтин сырдатар биобиблиографическай ыйынньыгы, 2024 с. «Ыстарбын ньии дьон сүрэҕэр туох эрэ кэрэни айан…» — диэн бэйиэт хоһоонноругар айыллыбыт ырыалары хомуйан, нуоталаан, аудиолаан ырыанньыгы бэчээттэппитэ.
Бу саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ сонун өрүттэринэн, ааптардар ыйалларынан, суруйааччы олоҕун биир ситимҥэ киллэрэн, докумуоннарга, бэйэтин уонна чугас дьонун ахтыыларыгар олоҕуран, суруйааччы олоҕун туһунан киэҥник сырдатыы.
Дьон-сэргэ, ааҕааччылар айар дьон туһунан суруйууларга кинилэр тус олохторун туһунан кэпсэммити хаһан баҕарар сэргээн ааҕаллар. Бу кинигэ ааҕааччы интэриэһин тардар биир түгэнинэн Баал Хабырыыс кэргэнэ, таптал туһунан элбэх хоһооннор айыллыыларыгар муза буолбут, скульптор идэлээх Ольга Степановна Скубченко туһунан киэҥник билиһиннэрии буолбут.
Суруйааччы 1962 сыллаахха Москва куоракка Донецкай уобаластан төрүттээх Ольга Скубченколыын сөбүлэһэн, бэйэтэ эппитинии, «соһумар тапталтан эдэр сааһы эргитэн» ыал буолбуттар. Кинилэр ыал буолан олордохторуна элбэхтик алтыспыт суруйааччылар ахтыбыттарынан, Ольга Степановна олус сытыы-хотуу, саҥалаах-иҥэлээх эбит. «Мин кини иннинэ итинник үрдүк култууралаах. сырдык санаалаах, үтүө сыһыаннаах эр киһини көрсүбэтэҕим, ол иһин таптаабытым», — диир эбит Ольга Скубченко.
«Ыйытыма даа ааспыты, Ким кими таптаабытын, Ыйытыма даа ааспыты, Күн-дьыл былыта саппытын. Ол кэмҥэ көрсүбүт буолуох, аптыам этэ син эйигин. Ол кэмҥэ көрсүбүт буолуох, Сөбүлүөҥ этэ дуо, миигин?!» |
Бу сааһырбыт көлүөнэ уоһуттан түһэрбэккэ ыллаабыт ырыата Баал Хабырыыс тапталлаах кэргэнигэр анаабыт хоһоонуттан айыллыбыт эбит.
Суруйааччы кэргэниниин 7 сыл дьоллоохтук олорбуттар. Саха айар дьонун кытта алтыспыт РСФСР үтүөлээх худуоһунньук скульптора Ольга Скубченко элбэх суруйааччылар мэтириэттэрин дьүһүйэн оҥорбута Дьокуускай мусуойдарыгар баара биллэр.
Баал Хабырыыс Дьокуускайга көмүллүбүтэ, кэргэнэ Ольга Скубченко өйдөбүнньүк пааматынньыгы туруорбута, суруйан хаалларбыт рукописьтарын Дьокуускайга аҕалбыта.
Дьэ, онон Баал Хабырыыс айар үлэтинэн уонна таптыыр киһитинээн дьоллоох олоҕун туһунан кинигэҕэ бэрт сэргэхтик кэпсэммитэ бу кинигэни илиитигэр ылбыт ааҕааччыны умсугутуо.
Баал Хабырыыс айар үлэтигэр анаммыт кинигэ баай ис хоһоонноох, элбэҕи кэпсиир хаартыскаларынан доҕуһуолламмыта биир туспа кэрэхсэбиллээх.
«Ыстарбын ньии дьон сүрэҕэр Туох эрэ кэрэни айан, Ол туос түннүгүнэн да түһэр Үрүҥ күммүт бытархайын…» |
Бу эмиэ Гаврил Вешников-Баал Хабырыыс номоҕон уонна нарын лиирикэтин тэтэрээтиттэн ырыа буолан айыллыбыт, дьон сүрэҕэр кэрэни айбыт айымньы суруйааччы аатын ааттата ылланар.