Литературная Якутия


 
11.11.2024
 

Дмитрий Васильевич Кустуров кэриэһигэр

Саха саарына, бөлүһүөк,суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт, публицист Миитэрэй Кустуурап — Дмитрий Васильевич Кустуров бу дьыл сэтинньи 8 күнүгэр олохтон барбытынан кэргэнигэр Саргылана Семеновнаҕа, сиэннэригэр, бары аймахтарыгар, бииргэ үлэлээбит коллегаларыгар, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит.

Дмитрий Васильевич саха омук историятын Сэһэн Ардьакыаптаан саҕалаан билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сырдаппыт норуотун иннигэр бараммат үтүөлээх легендарнайчинчийээччи-суруналыыс, кини туһунан үтүө өйдөбүл үйэлэргэ халыаҕа.

Олег Сидоров, Афанасий Мигалкин,
“Илин” сурунаал коллектива