Далан суруктарын национальнай бибилэтиэкэ пуондатыгар бэлэхтээтилэр
Саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан, ойоҕор Яна Викторовна Яковлеваҕа суруйбут суруктарын улахан кыыстара Ольга Анисимова, Саха сирин национальнай бибилэтиэкэтин пуондатыгар бэлэхтээтэ.
Бу суруктарга олоҕуран 2009 сыллаахха, Василий Яковлев эриирдээх-мускуурдаах, үгүс тургутуулаах олоҕун эрэллээх аргыһа, оҕолорун ийэтэ Яна Викторовна хомуйан, «Эйиэхэ эрэ…» диэн, дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни таһаартарбыта.
Суруктары кытта ийэтин бибилэтиэкэтиттэн биллиилээх суруйааччылар илии баттааһыннаах кинигэлэрин, Василий Яковлев-Далан бастакы ыстатыйалара тахсыбыт хаһыаттарын хомуурунньугун уонна сэдэх хаартыскаларын туттарда.
“Бу докумуоннар эрэллээх харайыыга киирэллэриттэн уонна ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тахсалларыттан олус үөрэбин. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр бу кэлиэксийэ оцифровкаланара олус улахан суолталаах – биһиги аҕабыт бэйэтэ саҥаны батыһар, аныгы кэми кытта тэҥҥэ хаамсар киһи этэ. Онон кини талаана, норуот туһугар олоҕо аныгы форматка тахсара үөрдэр”, — диэн эттэ Ольга Васильевна.
Сыл анараа өттүгэр суруйааччы дьиэ кэргэнэ бибилэтиэкэҕэ 608 докумуонтан турар тус архыыбын туттарбыттара.