Далан педагог быһыытынан уратыта
Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, норуот суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан төрөөбүтэ 96 сыла. Чурапчыга киниэхэ үөрэммит, уһуйуллубут, сахатын тылын сүмэтин бар дьонугар тириэрдиһэр учуутал идэлээх Устиния Игнатьевна Попова (Бэдьимэ) Даланы педагог быһыытынан арыйар санааларын ааҕааччыны кытары үллэстэр.
— 1956 с. кэтэхтэн үөрэҕин бүтэрэн, Минпростан 5-6 кылаастарга история учууталынан анаммыта. Нам улууһугар хас да сыл учууталлаабыта, сэттистэр салайааччыларынан үлэлээбитэ. Хатырык нэһилиэгэр оскуола завуһунан ананар. 1961 с. Хамаҕатта сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн, салгыы Чурапчыга көһөр. 1964-1976 сс. – Чурапчы орто оскуолата, 1966-1967 сс. – завуч, 1967-1976 сс. – устуоруйа учуутала. Оскуола дириэктэрэ Николай Иванович Дьячковскай “Бииргэ үөскээбиппит” ыстатыйатыгар “Оскуола коллективыгар билиитинэн-көрүүтүнэн, үлэтинэн-хамнаһынан бас-көс киһи этэ. Олох улахан оскуолатын ааспыт киһи буолан, оҕоҕо истиҥ сыһыаннааҕа. Оҕо личность быһыытынан сайдыыта, айылҕаттан ылбыт дьоҕура арыллыыта, олоххо бэйэтин миэстэтин булуута тус бэйэтиттэн тутулуктааҕын чорбоччу тутара. Киһи психологиятын үчүгэйдик билэр, оҕону куруубайдык дьарыйбат, үчүгэй-куһаҕан диэн араара туппат.
Василий Семенович история предметин үөрэтэрин таһынан икки кылааһы салайан оскуоланы бүтэртэрбитэ. 1969 сыллааҕы 16 выпуск, 1971 сыллааҕы 18 выпуск”.
Оскуола завуһа Р.М.Саввин “Кырдьыктаах ыра санааларынан кынаттаабыта буолбаат” ахтыытыгар: “Лоп курдук 20 сыл учууталлаабыта. Айар-суруйар үлэтин ити учууталлыыр сылларыгар саҕалаабыта. Үрдүкү кылаастарга история учууталынан, кылаас салайааччытынан чахчы ситиһиилээхтик үлэлээн, үөрэтэр оҕолорун куттарын туппута. Ол дьоллоох сылларын үөрүүтүн долгунугар оҕустаран, “Дьикти саас” диэн, кырдьык даҕаны, дьиктилээхэй бастакы сэһэни айбыта.
«Дьикти саас»
— Биллэрин курдук, Далан “Дьикти сааһыгар” сэттэ уонус сыллардааҕы ыччат идеалын, олоҕу көрүүтүн, дьону, тулалыыр эйгэни кытары сыһыанын суруйбут. Ити оскуола олоҕун туһунан дьиҥнэх айымньы. Хайдах эрэ оччотооҕу оҕо дневнигин санатарга дылы. Василий Семенович үөрэнээччилэрэ тутталларын-хапталларын, саҥаралларын-иҥэрэллэрин үгүстүк кэтээн көрөр эбит. Ону тэҥэ элбэхтик бэйэлэрин баҕа санааларын, улааттахтарына туох үлэһит буолуохтарын баҕаралларын туһунан өйтөн суруйуулары биэрэрин, толкуйдуу үөрэнэр наадатын этэрин өйдүүбүт. Кини учебнигы нойосуустууру олох сөбүлээбэт этэ. Быраабыланы этэн баран холобур аҕалыахтааххын. Мин “А” кылааска үөрэммит буоламмын, биир түгэҥҥэ хас да боппуруоһу суруйан баран Пудова Дуня диэн кыыһынан учууталбар бэрдэрбитим. Ону кини кылааһы хаалларан баран бэрт истиҥник кэпсэппитэ. Киинэ эбэтэр пьеса кэллэҕинэ бэйэтин тус санаатын үллэстэр этэ. Маттаҕа учууталлыы сырыттахпына, суруйааччылар кэлэ сылдьыбыттара. Далан баара. Мин «Дьикти саас» прототиптара кимнээҕий диэн ыйытааччы буоллум. Дьоруой хаһан да сирэйинэн суруллубат, хас да киһиттэн хомуур уобарас буолар диэн турардаах. Учууталбыт биһигини билигин да холбуу сылдьар. «Далаҥҥа үөрэммит дьоллоохпут» диэн биэчэргэ көрсүһэн турабыт.
Учуутал үөрэппит оҕолорун, эргиллибэт эдэр саастарын айымньытыгар үйэтиппит эбит. «Дьикти саас» биһиги олохпутугар, кэлин үлэһит да буоларбытыгар улахан оруоллаах дии саныыбын. Элбэх ыччаты олох киэҥ аартыгар киллэрэн, салгыы сайдалларыгар Далан бэйэтин өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, сүбэтин-аматын биэрэн күүс көмө, бөҕө тирэх буолбута. Ол иһин кини үөрэнээччилэрэ олоххо таба суолу тобулан, сөптөөх идэни баһылаан, бэйэлэрин төрөөбүт улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин сайдыытыгар ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан кэллилэр. Василий Семенович оҕону олус таптыыр уйан сүрэхтээх, үтүөкэннээх педагог буоларын ииппит-үөрэппит оҕолорун ахтыылара туоһулууллар. Олох уонна литература тыыннаах ситимэ салҕанар. Оҕолор учууталларын: «Биһигини көрөн олорон суруйбут буолуон сөп», -– дииллэр. Кини учуутал, чинчийээччи, историк, этнограф, фольклорист идэлэри баһылаабыта айар үлэтигэр дэгиттэр талаана арылларыгар, ааспыты бүгүҥҥүгэ таба ситимнииригэр кыах биэрбитэ. Бүгүҥҥү эдэр ыччат Далаҥҥа тэҥнэһиэхтээх, киниттэн холобур ылыахтаах. Оччоҕо биһиги аҕыйах ахсааннаах сахабыт норуота эстиэ суоҕа, наука араас өттүнэн сайдан, үөрэх төрдүн-ууһун баһылаан, кырдьык уонна сырдык иһин кыргыһан улуу норуот аатын сүгүөҕэ.
«Тулаайах оҕо»
— Далан аны бөдөҥ жанрга -– ромаҥҥа бэйэтин кыаҕын холонон көрөөрү элбэх историческай, этнографическай уонна фольклорнай матырыйаалы хомуйан, Саха сирин норуоттарын эрдэтээҥҥи историяларын сырдатар айымньылары суруйарга ылсар. Ити кэмҥэ кини суруйар идэтинэн сорунуулаахтык дьарыктанаары, Дьокуускайга Чурапчыттан көһөн киирбитэ. Далан бэйэтэ историк буолан, туруорбут соругун ситиһиилээхтик түмүктээн, 1983 с. «Бүтэй Бүлүү» диэн бэрт дьикти ис хоһоонноох, Саха сирин норуоттарын түҥ былыргы кыргыс үйэтинээҕи кэмнэрин уус-ураннык ойуулаан көрдөрөр романын суруйбутун «Тулаайах оҕо» диэн ааттаан бэчээттээбиттэрэ. Бу айымньыга хара тыаттан бултаан-алтаан айахтарын ииттинэн олорор дьирикинэйдэр, туматтар, тоҥ биистэр, сахалар ыар дьылҕалара суруллубут. Куруук кэтэнэ-манана сылдьалларыттан эдэрдэрэ салҕан, бэйэ-бэйэлэрин кытта өлөрсө-охсуһа сылдьыбакка, эйэ-дэмнээхтик олорор баҕалаахтара көстөр. Ааптар сэрии, охсуһуу туохтан төрүөттэнэрин быһаарар: иҥсэттэн, өһү-сааһы ситиһииттэн, түмсүүтэ суох буолууттан, сатаан өйдөспөттөн. Далан ити романынан туох санааны этэрий? Киһи Орто дойдуга олох олороору кэлэр, ол аата кэргэн ылан, оҕо төрөтөн, омугун тэнитиэхтээх. Өбүгэ үөрэҕин туһанан сайдар суолу тутуһуохтаах. Сэрии диэн өлүү-сүтүү. Ордук аҕыйах ахсааннаах омукка кутталлаах. Түмсүүлээх эрэ буоллахпытына, бу алдьархайтан куотаh кыахтаахпыт диэн этэр.
Биллиилээх тыл үөрэхтээҕэ М.Алексеев суруйбута: «Ньырбачаан сэрииттэн, кыргыстан тэптэрэн, биис-бииһинэн, норуот норуотунан имири эстэн хаалар ынырыктаах кырдьыгын туоһута. Кини тоҥ биистэртэн собус соҕотоҕун ордубут киһи. Ол норуот тылын саҥардыах, аатын ааттатыах кини кэннэ күн анныгар ким да суох. Норуот да, аймах-билэ да дьон мэлигир. Кини суруйааччы бэлиэтээн ааттаабытынан -– тулаайах оҕо. Кыргыһы утаран уордайыы, суруйааччы сүрэҕин кыланыыта. Тулаайах оҕо дьылҕата -– улахан, кыра норуоттар өһө-сааһа суохтук иллээхтик олороллоругар уоттаах ыҥырыы, эйэҕэ төлөннөөх пропаганда».
«Тыгын Дархан»
— Далан 1993 сыллаахха «Тыгын Дархан» диэн аатырбыт романын бэчээттэппитэ. Романы биһиги оскуолаттан, нэһилиэктэн бэрт элбэх киһи аахпыта. Кылаас чаастара, оҥоһук быыстапката, научнай конференция ыытыллыбыттара. Ити түмүгүнэн «Василий Семенович Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» романа оҕо иитиитигэр» диэн ааттаах кинигэ тахсыбыта. Үлэни Любовь Семеновна Аргунова иилээн-саҕалаан салайбыта. Романы аахпатах да киһи туох суруллубутун быыстапканы көрөн, кылаас чааһыгар сылдьан өйдөөбүт буолуохтаах. Любовь Семеновна ромаҥҥа норуот педагогикатын көстүүлэрин, үлэ көрүҥнэрин, туттуллуохтаах литератураны барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ торумнаан биэрбитэ, бары бүттүүн кыттар усулуобуйабытын олохтообута. Кинигэ аннотациятыгар суруллубут: «Уус-уран айымньы киһиэхэ, ордук үүнэн иһэр ыччакка, дьайыыта күүстээҕин норуот өйдөөхтөрө уруккуттан чорботон, бэлиэтээн этэллэрэ. Билигин уус-уран айымньыны кэлэр көлүөнэни иитиигэ биир сүрүн күүс быһыытынан көрүү, ону оҕону иитиигэ туттуу далааһына улаатта. Кинигэҕэ саха норуодунай суруйааччыта В.С.Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» диэн романын оҕону иитиигэ хайдах туһаныахха сөбүн бэйэлэрин үлэлэрин уопутуттан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ оскуолатын учууталлара үллэстэллэр». Кинигэҕэ хомус уруогун холобура, норуот педагогикатын көстүүлэрэ, айымньы тыла-өһө, санаа атастаһыытын түһүлгэтэ бааллар.
Мин роман тылын-өһүн ырыппытым. Ыстатыйабын Далан «Дьылҕам миэнэ» диэн кинигэттэн төрөөбүт тыл туһунан этиитинэн эпиграфтаабытым. Роман олоҥхо тылынан суруллубут диэн дакаастыы сатаабытым. Холобурдаабытым. Кырдьык, ромаҥҥа нууччалыы тыл суох. Саха суруйааччыта хайдах сахалыы суруйуохтааҕын холобура буолар дии саныыбын. «Дьикти саас» аныгы олох буолан нуучча тыла бэрт хойуутук туттуллар. Суруйааччы бэйэтэ бэлиэтээн турар: «С.П.Данилов мин «Дьикти сааспын» ырытар мунньахха биир главабар бэлиэтээһин оҥорбутун өйдүүбүн: кини онно олус үгүс нууччалыы тыл баарын ыйан турардаах».
Былыргы номохторго, историческай, этнографическай чахчыларга олоҕуран суруллубут, Саха сиригэр нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи кэми хабан көрдөрөр айымньы. Үтүө өйдөбүл — хаһан да биир да омугу өстүйүү, иирсии, кыргыһыы чэлгиппэтэҕэ диэн санаа Далан «Тыгын Дархан» романыгар өссө сайдан, дириҥээн көстүбүтэ.
«Тыгын Дархан» роман — саха олоҕун киэҥ далааһыннаахтык уонна дириҥник сыныйан көрдөрөр айымньы. Айымньы сахалар былыр-былыргыттан үтүө сиэрдээх-туомнаах, кырдьаҕас омук буоларбытын кэрэһилиир уонна эдэр ыччаты үлэни таптыыр, истиҥ тапталга бэриниилээх, эт-хаан өртүнэн күүстээх-уохтаах, сатабыллаах — барыга бары дьоҕурдаах буоларбытыгар угуйар айымньы. Кинигэҕэ суруйааччы былыр биһиги өбүгэлэрбит хайдах ыһыах ыһалларын, окко киирэллэрин, идэһэ өлөрөллөрүн, тимири уһааралларын, онтон да атын сиэрдэрин-туомнарын киһи аахтар ааҕа олоруох курдук суруйбут.
Ити таһынан «Тыгын Дархан» ромаҥҥа саха дьоно былыр-былыргыттан эйэлээх, нус-хас олоххо баҕалаах, Улуу Или – судаарыстыбаны тэрийэн, сэриини күөртээччилэри утары охсуһар кэскиллээх санаалаах омук буоларбытын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Маннык сүдү кинигэни аахпыт эрэ барыта дириҥ эстетическэй дуоһуйууну ылар, биһиги да омук быһыытынан силистээх-мутуктаах, сиэрдээх-туомнаах, туспа ураты култууралаах норуот эбиппит диэн киэн туттууну үөскэтэр айымньы. Айымньы сүрүн идеята, тускула – ил, эйэ Сахабыт сиригэр, Россияҕа бүтүннүүтүгэр, ону ааһан аан дойдуга олохтонноҕуна, төрөөбүт дойдубут күүстээх, инники кэскиллээх, государственноһа бөҕө, кыахтаах буолуо диэн санааҕа иитэр.
«Дьылҕам миэнэ»
— Далан «Дьылҕам миэнэ» улахан кээмэйдээх уонна кэрэхсэбиллээх айымньытыгар бэйэтин уонна кинини кытары түбэһэн түрмэҕэ эрэйи-буруйу көрбүт уонна түҥнэстибит дьылҕаламмыт дьон тустарынан кэпсиир. Бу дьон төрөөбүт-үөскээбит дойдулара, кини тутула уонна ис дьиҥэ хайдахтарын, урут үҥпүт, ымыы туттубут сыаннастарбыт – идеалларбыт хайдах эргийэн тахсыбыттарын Далан олоххо буолбут түбэлтэлэргэ сыһыары тутан, кырдьыктаахтык уонна дакаастабыллаахтык арыйар.
Ромаҥҥа ааптар тус санааларын билсэбит, кини ааҕааччыны сэһэргэһиигэ ыҥырар. Саха тылын туһунан маннык суруйбута: «Саха уонна нуучча тылларын биһиги көлүөнэ бииргэ үөрэтэн кэллибит. Онтон икки тыл хардарыта байытыһаллар диэн өйдөбүл үөскээтэ. Мин итиннэ санаам атын. Саха тыла нуучча тылын күүстээх сабыдыалынан өлөн эрэр. Ол биричиинэтэ кинилэр иккиэн тус-туһунан сокуоннаах, тус-туһунан историческай усулуобуйаларга үөскээбит тыллар. Хардарыта хайдах да байытыһар кыахтара суох. Араас өйдөбүллэр көннөрү терминнэр эрэ быһыыларынан киирэллэр. Нууччаттан оннук терминнэр хото киириилэрэ саха тылын тутулун алдьатта, алдьата да турар. Ол иһин саха дьоно күннээҕи олохторугар туттар тыллара бутулунна — икки тылы холбоон саҥарарга күһэллэллэр. Бэчээт, радио тыла эмиэ икки тыл булкааһа буолла. Олоххо нууччалыы да, сахалыы да сатаан саҥарбат, тыл быһаҕаһынан саҥарар, тыын быһаҕаһынан тыынар бэрт үгүс сахалары көрөҕүн. Биир тыллаах нууччалары ылан көр – тыллара-өстөрө ырааһын, санааларын сааһылаан этэллэрэ үчүгэйин». Оттон икки тыллаах саха киһитин киниэхэ тэҥнээн көрдөххө, сатаан санаатын сайа эппэтэ – хайдах эрэ кинилэртэн өй-санаа өттүнэн тэҥэ суох өйдөбүлү хаалларар. Студенныы сылдьан эмиэ атын үөлээннээхтэрбиниин нууччалыы үчүгэйдик уу сүүрүгүн курдук, саҥарарга үөрэммит киһи диэн баҕалааҕым».
Суруйааччы саха тыла сүппэтин туһугар туруулаһан охсуспута. Кини маҥнайгы айымньытыттан саха тылын туһунан өрүү сэһэргиирэ. «Дьикти саас» эмиэ саха тылын олус таптыыр дьоруойдаах — ол Саша Мандаров. Манна тылбаас туһунан кэпсэтэллэр. Онно нуучча улуу айымньылара сахалыы үчүгэй тылбааска букатын сымсаабаттара тоһоҕолоон бэлиэтэнэр.
Кынаттаах тыллар
— Чинчийээччилэр автор айымньыларыттан кынаттаах тыллары булааччылар.
Холобур, «Дьикти саас» айымньыттан:
- Киһи сүөһүттэн уратыта диэн кини өйө.
- Өй суох – киһи суох.
- Билии өскөтүн сурукка киирэн мунньуллубата буоллар, умнуллан хаалыа эбит, оччоҕуна киһи-аймах сайдыбакка, биир сиргэ тэпсэҥнии турдаҕына көҥүлэ.
«Тыгын Дархан» романтан:
- Ааспыты билбэт киһи күннээҕи иһэ тоторунан сылдьар, сүөһүттэн атына суох.
- Дьон ымсыырар, киһи иҥсэлээх хараҕын уота тохтуур сирэ дьоло-соргута тохтор.
- Дьону кытта өлөрсүөхтээҕэр от охсубут, мас мастаабыт быдан ордук.
- Өбүгэлэр ситимнэрэ быстыа суохтаах, оҕолор аҕаларын суолларын салгыахтаахтар.
- Сытыы өй уонна хара күүс утары турдахтарына – төһөҕө даҕаны өй барахсан баһыйарын кини билэр.
- Киһиэхэ Орто дойдуга оҕотуттан ордук күндү ама туох баар буолуон сөбүй?
Итинник норуодунай суруйааччы өбүгэлэрбит өркөн өйдөрүн, устар ууну сомоҕолуур уостарын номоҕун кэс тыл буоллун диэн кэпсиир.