Чаҕылҕан ол күнтэн — бу күҥҥэ
Бүгүн от ыйын 31 күнүгэр Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан — поэт, тылбаасчыт төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээтилэр.
Биир дойдулаахпыт Саха литературатыгар чаҕылхай, бэлиэ, умнуллубат суолу хаалларбытын, бу көлүөнэ дьоно сыа-сым курдук илдьэ сылдьан үйэтитиигэ үлэлэһэллэрэ хайҕаллаах.
Ол курдук, бу күн Л. Левин аатынан уулуссаҕа турар И.Д. Винокуров -Чаҕылҕан пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтө уурулунна. Үйэлэргэ сүппэт суруйууларын, көрүүлэрин хаалларбытын саната «Нам улууһа» МТ баһылыга Ю. Слепцов, « Хатыҥ- Арыы» МТ баһылыга Иван Ноговицын эҕэрдэ эттилэр.
Чаҕылҕан айымньытыттан быһа тардан И.В. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолтын үөрэнээччилэрин уолаттара хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр.
Бары кэлбит ыалдьыттар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн И.Д. Винокуров пааматынньыгар уурдулар.
Салгыы Хатыҥ -Арыы «Чороон» норуот айымньытын киинигэр И.Д. Винокуров — Чаҕылҕан » Талыллыбыт айымньылар» кинигэ l- l l туомнарын сүрэхтэниитэ буолла.
Чаҕылҕан уопсайа 12 кинигэни бэчээттэтэн таһаартарбыта. Дьоҕурдаах хоһоонньут, тылбаасчыт буолан, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар тылбаасчыттары бэлэмнииргэ үлэлэспитэ. Чаҕылҕан ити курдук үгүс үйэлээҕи, дьон өйүгэр-санаатыгар иҥпит үтүө суолу-ииһи хаалларан барбыта. Кини айымньылара баай ис хоһоонноохтор уонна тупсаҕайдар диэн суруйааччылар, кириитиктэр сыаналыыллар. Оҕо литературата сайдарыгар эмиэ олук уурсубут биир чаҕылхай суруйааччынан буолар.
Бу саҥа сүрэхтэнэн тахсыбыт кинигэ 2 туомнаах, Борис Иванович Павлов салайааччылаах «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыстылар. Кинигэлэр олус ис киирбэхтэр. Чаҕылҕан мичээрдээбит сэбэрэтин портрета, аны аллараа өттүгэр бэйэтэ илии баттааһына киһини тута болҕомтоҕо тутар.
1 туома «Чаҕылҕан Талыллыбыт айымньылар Хоһооннор. Поэмалар. Остуоруйалар. Кэпсээннэр». 1 туома 300 ахсааннаах, 376 сирэйдээх.
Кинигэни арыйаат да 1950 сыллаахха Чаҕылҕан бэйэтин илиитинэн уруһуйдаабытын киллэрбиттэрин көрүөххүт.
Кинигэни хомуйан-бичийэн оҥордулар: Гуманитарнай чинчийэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар дьыалаларын института, эппиэттиир редактор уонна хомуйан оҥорооччу Лидия Николаевна Романова-саха биир биллэр литературоведа, филологическай наука кандидата, СО РАН үтүөлээх бэтэрээнэ, СӨ культуратын туйгуна, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уонна Боякова Сардана Ильинична – СӨ «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайына, СО РАН үтүөлээх бэтэрээнэ, СӨ профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна.
Кинигэ аан тылыгар «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Слепцов суруйуута сахалыы уонна нууччалыы тылынан киирбит. Онтон арыйан истэххэ “И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан Общая характеристика рукописного наследия” – кинигэ ис тутулун Лидия Николаевна сырдаппыт, “Чаҕылхай Чаҕылҕан олоҕо уонна айар үлэтэ” диэн филологическай наука кандидата Дора Васильева ырытыыта киирбит. Кинигэ ис тутулугар урукку кэмҥэ араас хомуурунньукка, сурунаалга, хаһыакка, альманахха тахсыбыт айымньылара түмүллэн киирбиттэр. Бу айымньылар научнай комментарийдаахтар. Комментарийдар Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киин архыыбыгар, Рукописнай отделга харалла сытар Илья Чаҕылҕан тус бэйэтин архыыбыгар олоҕурдулар.
2 туома: «Тылбаастар. Хоһооннор. Поэмалар. Хоһоонунан драмалар». Кинигэ 300 ахсааннаах, 184 сирэйдээх буолбут.
Манна арыйаат көрөбүт — Чаҕылҕан быстах хоһооннорун. Урут араас хомуурунньуктарга, сурунаалларга, хаһыаттарга, альманахтарга тахсыбыт уус-уран тылбаастара түмүллэн тахсыбыттар. Айымньылар хаһан-ханна тахса сылдьыбыттара, поэт хайдах айымньыларын тупсарарга үлэлээбитэ комментарийдарга ыйыллыбыт. Кэники 3 сирэйгэ Илья Чаҕылҕан айар үлэтин умсулҕаннаах түгэннэриттэн хаартыскалар киирэн биэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Эҕэрдэ, махтал тыллары тириэртилэр: Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан хаан-уруу аймах дьонун аатыттан Лина Сабарайкина-Алтааны, биир дойдулаахпыт, педагогическай наука кандидата, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, РФ тылбаасчыттарын сойууһун чилиэнэ.
Саха биир олус талааннаах поэта Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан, төһө да бэрт кылгастык 38 эрэ сыл күн сиригэр олордор, кини олоҕо, айар үлэтэ норуотугар, сахатын дьонугар анаммыта.
Нам сирэ, дьоно-сэргэтэ бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан — чаҕылҕанныы сыдьаайбыт аатын, хас биирдии саха киһитэ, кини аатын киэн тутта ааттыырын туһугар бииргэ үлэлээн-хамсаан, сырдык сыаллаах үтүө түмүктэрдээх тэрээһиннэри ыытан үйэтитиэххэ. Кини суруйан хаалларбыт бастыҥ айымньылара сурукка-бичиккэ хааланнар Сахатын сирин дьонун, кэнчээри ыччатын сүрэҕэр сууланан Ийэ тыл сүмэтин иҥэрэн ааҕылла туруохтара диэн эрэнэбит!