Литературная Якутия


 
08.04.2024
 
Надежда Егорова

Бүгүн Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылын туолар

Бүгүн, муус устар 8 күнүгэр, саха уус-уран литературатын төрүттээбит биллиилээх бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын аан бастакынан чинчийбит, киэҥ философскай көрүүлээх бэйиэт, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй суос-соҕотох уола Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сыла.

 

Кини 1914 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Бүлүү куоракка төрөөбүтэ. Ити кэмҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүүтээҕи 3 кылаастаах училищеҕа учууталлаабыта.

Реас Чөркөөх сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. 12 сааһыттан соҕотох хаалан аймахтарын, билэр дьонун көмөлөрүнэн үөрэнэн, 1936 с. Дьокуускай педагогическай техникумун бүтэрбитэ.

Кини туһунан салгыы Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһугун саха тылын учуутала Валентина Кривошапкина хомуйан оҥорбут үлэтиттэн тута олус элбэҕи билиэххэ, туһаныахха сөп.

 

Источник: «Саха сирэ»