Литературная Якутия


 
22.09.2024
 

«Бор көмүс күһүнэ»

Айар куттаахтар түһүлгэлэрэ

«Бор көмүс күһүнэ» диэн lX төгүлүн ыытыллар литература аһаҕас бэстибээлэ Горнай улууһугар Мытаахха Бор алааһыгар буолла.

 

Бэстибээли улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Норуодунай суруйааччылар С.П уонна С.П. Даниловтар уһаайбаларыгар бэстибээл арыллыыта, «Анюта аллеятыгар» тута хоһуйуу күрэһэ буолла. Бэстибээл арыллыытын кэнниттэн ыалдьыттар «Бор» детдома тэриллибитэ 80 сылыгар аналлаах мемориальнай дуоска арыллыытыгар сырыттылар.

Эбиэт кэнниттэн аһаҕас микрофон, тылбаасчыттарга, хоһоон айааччыларга маастар-кылаастар Мытаах сынньалан киинигэр ыытылыннылар. Түмэл-галереяҕа федеральнай бырагырааманан кэлбит саҥа тэрили көрүү-истии, экскурсия, төгүрүк остуол тула кэпсэтии буолла. Тэрээһин түмүгүнэн кыайыылаахтарга анал бириистэр, кытттааччыларга сэртипикээттэр туттарылыннылар.

Тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик, интэриэһинэйдик буолан ааста. Түмүккэ ыалдьыттар бэстибээл ыытааччыларыгар махтал тылларын эттилэр.

Алена Санникова,
«Үлэ күүһэ» хаһыат, Горнай.
Хаартыскаларга Артур Егоров түһэриитэ.
 

Источник: «Саха сирэ»