Бэйиэт Зинаида Архипова айар киэһэтэ буолла
Бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы, СӨ бэчээтин туйгуна Зинаида Архипова «Көс кут» кинигэтин сүрэхтиир айар киэһэтэ буолла.
Уран тылы, ураты уобарастары сөбүлүүр сүгүрүйээччилэрэ илбистээх тыл иҥмит Алампа саалатыгар толору муһуннулар. Зинаида бэйэтин хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕан, ааҕааччыларыгар бэлэхтээтэ.
Норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева бастакынан эҕэрдэлээтэ:
— Сойууска 20 сыл бэрэссэдээтэллиир кэммэр талааннаах дьону туора туппатах киһибин. Зина айар үлэтин бастааҥҥыттан кэтээн көрөбүн. Кинигэтэ тахсан истэҕин ахсын, айар үлэтэ сайдан, хардыыта кэҥээн испитэ.
Кини норуот, саха олоҕун үрдэтэр, уу сахалыы, хантан да туораттан ылбатах күүстээх уобарастардаах, метафоралардаах. Киниэхэ куруук этэбин ээ: «Бытааннык, аҕыйахтык суруйаҕын». Ол эрээри, хас биирдии хоһооно сиппит-хоппут буолар. Саха поэзиятыгар инникитин өссө да улаханнык этэр, айар кыахтаах бэйиэт диэн көрөбүн, эрэнэбин.
Елена Слепцова-Куорсуннаах:
— «Көс кут» кинигэни ылаат да, тас хаҕар хараҕым быраҕыллыбыта. Михаил Старостин Зинаны көрбөтөх да буоллар, бу уруһуйа киниэхэ анаммыт курдук. Зина хоһоонноро сылтан сыл дириҥээн, философията кэҥээн иһэр. Онон, үлэлээ-хамсаа, талааҥҥар эрэ эрэнэн олорума. Талаан үлэни эрэйэр, — диэн эттэ.
Ньургуйаана Илларионова, Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы:
— Бу күнү биһиги өр кэтэстибит. Киэн туттар, таптыыр кыыспытын истиҥник эҕэрдэлиибит! «Алта» кинигэ кыһатын кытта биһиги айымньылаахтык бииргэ үлэлэһэбит. Зинаида Архиповтар диэн Амма сис ыалын мурун бүөтэ кыыстара буолар. Киинэ түспүт сирин-дойдутун куруук киэн тутта кэпсиир, туойар, кини айар үлэтин кэтээн көрөбүт, киэн туттабыт.
Дьоро киэһэҕэ эдэр ырыаһыт Милена Борисова Амма туһунан ырыатын бэлэхтээтэ. «Зина хоһооннорун наһаа кылгастык аахта. Киһи иһиттэр истэн олоруох курдук. Чахчы да поэзия кынатыгар уйдаран ыллыбыт» диэн көрөөччүлэр санааларын эттилэр.
«Бэйэтигэр олус ирдэбиллээх. Ылыста да, барытын үрдүк таһымҥа, астыктык оҥорор'», «Араас да талба талааннаах. Бэйэтин хоһооннорун үчүгэйдик ааҕар бэйиэт аҕыйах ээ. Наһаа да үчүгэйдик, артыыс курдук ааҕар эбит», «Кинигэтин хаҕар ойууламмыт кыыс баттаҕар анньыммыт сардаанатын курдук алта араас талба талааннаах эбит. Суруйар эрэ буолбакка, тэрийэр, иистэнэр дьоҕурдаах» диэн санаалар иһилиннилэр.
Сүрдээх сылаас, истиҥ киэһэ буолан ааста.