Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
Саха норуодунай бэйиэтэ Василий Сивцевкэ аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ыытылыннылар
Саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, публицист, литератураны ырытааччы, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Тарасович Сивцев төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытылыннылар. Улуус бары нэһилиэктэрин бибилэтиэкэлэригэр араас өрүттээх тэрээһиннэр: куйаар ситиминэн виртуальнай быыстапкалар, презентациялар, биктэриинэлэр буоллулар. Ол курдук, улуустааҕы модельнай... |
Оҕо литературатыгар бириэмийэ кыайыылааҕа билиннэ
Ахсынньы 18 күнүгэр оҕо литературатыгар меценат Руслан Федотов олохтообут бириэмийэтин туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Кини бу бастакы бириэмийэ кыайыылааҕар 500 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти туттарда. Аҕыс ый анараа өттүгэр, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров уонна урбаанньыт Руслан Федотов буолан... |
Суруйааччы Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах түмэл аһылынна
Ахсынньы 12 күнүгэр Майатааҕы киин бибилэтиэкэ биллиилээх суруйааччы, поэт Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта» диэн түһүлгэни тэрийдэ. Мэҥэ Хаҥаласка 2023 сылга суруйааччы И.М. Сосиҥҥа анаммыт сыл биллэриллибитэ, ол чэрчитинэн элбэх тэрээһин ыытыллыбыта. Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах кыракый түмэл аһыллыыта наһаа истиҥник, үчүгэйдик тэриллэн ыытылынна... |
Николай Лугинов кинигэтэ Кытайга сүрэхтэннэ
Пекиҥҥэ саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов «Время перемен» кинигэтэ кытай тылыгар тылбаастаммытын сүрэхтэниитэ буолла. Тэрээһин Арассыыйа култуурунай киинигэр ыытылынна. Лао Цзы аан дойдутааҕы уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ эппитинэн, Пекиҥҥэ тахсыбыт кинигэлэри былдьаһыгынан атыылаһан, бүтэрбиттэр. Бу кинигэҕэ биһиги эрабыт иннинээҕи V – III үйэлэргэ кытай уонна хууннар сыһыаннарын... |
Харысхал «Таптал түөрт муннуга» кэпсээнэ
Бүгүн — саха норуодунай суруйааччыта, драматург, прозаик Василий Егорович Васильев-Харысхал төрөөбүтэ 73 сыла. Василий Егорович 1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1968 с. оскуоланы бүтэрээт, холкуоска тырахтарыыстаабыта. 1969-1974 сылларга Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэммитэ. «Кыым», кэлин «Саха сирэ» хаһыаттарга кэрэспэдьиэннээбитэ. 1976... |
Дмитрий Наумов үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ салҕаналлар
Алтынньы 27 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл, Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Федосеевич Наумовы 75 сааһынан эҕэрдэлээтилэр. «Кэпсээн киэһэтэ» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха академическай тыйаатырын... |
Литэрэтиирэбит доҕорун сүрэҕин сылааһа
Мин бу тыллары Ольга Иосифовна Пашкевичка аныам этэ. Ольга Пашкевич литература устуоругун, суруйааччы уонна биһиги сойууспут бырабылыанньатын актыыбынай позициялаах чилиэнин быһыытынан биһиэхэ, саха суруйааччыларыгар олус чугас киһинэн буолар. Кини олус толоругас, истиҥ, сайаҕас уонна биһиги кыһалҕабытыгар чугас. Үгүс түбэлтэттэн биири холобурдуохпун сөп. Хас да сыллааҕыта биир үтүө күн Ольга Иосифовна... |
«Өксөкүлээх Өлөксөй эргимтэтэ» кинигэ сүрэхтэннэ
Алтынньы 26 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ саалатыгар “Өксөкүлээх Өлөксөй. А.Е. Кулаковскай уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоно-сэргэтэ: ахтыылар, источниктар” кинигэ күн сирин көрдө. Улуу поэт, саха литературатын төрүттээччи, учуонай, бөлүһүөк суруйааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай норуотун туһугар үтүмэн үгүс үтүөлээх. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо уонна айан, суруйан, чинчийэн... |
Намылы саҥа кинигэтин дьоруойун кытта дьоро көрсүһүүтэ
Кыраайы үөрэтэр В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ быйылгыттан «Билсиҥ: суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» бырайыак үлэлиир. Ааптары кытта атах тэпсэн олорон кини кинигэтин ырытыы — ааҕааччылар олус сөбүлүүр тэрээһиннэрэ. Быйылгы бырайыак үһүс тэрээһинэ СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Надежда Егорова-Намылы соторутааҕыта күн сирин көрбүт... |
Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов устудьуоннардыын көрүстэ
Бэҕэһээ, алтынньы 23 күнүгэр, норуодунай суруйааччы Николай Алексеевич Лугинов Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун, Ю.А.Готовцев аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы технологическай техникум уонна «Айар уустар» диэн креативнай индустрия кэллиэһин, П.П.Романов аатын сүгэр Дьокуускайдааҕы художественнай училище, А.Д.Макарова аатын сүгэр култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуоннарын кытта көрүстэ... |