Литературная Якутия


 

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

 
Саха литературатын таптааччылары ыҥырабыт

Семен Андреевич Попов-Тумат, Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын саха норуодунай суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Амма Аччыгыйа аатынан Ил Дархан, С.А. Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэлэрин лауреаттара, Россия суруйааччыларын сойууһун, Саха сирин бырабылыанньатын чилиэннэрэ, прозаик, поэт, оҕо суруйааччыта, тылбаасчыт, кириитик, публицист, литератураны үйэтитээччи...

 

Суһумнаан ааспыт Николай Рыкунов: суруйааччы туһунан ахтыы кинигэ сүрэхтэннэ

Национальнай библиотекаҕа эдэр сааһыгар олохтон туораабыт Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Тыл кыһата» айар холбоһук кыттыылааҕа, литература кириитигэ, литература пропагандиһа, телесуруналыыс, прозаик, тылбаасчыт Николай Рыкунов туһунан «Олох суһума» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Николай туһунан ахтыылары доҕотторо Гаврил Андросов уонна Рустам Каженкин хомуйбуттар...

 

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар сүүмэрдээһин саҕаланна

Муус устар 3-5 күннэригэр Дьокуускайга XXIV Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара ыытыллыаҕа. Сүбэ-мунньах эдэр ааптардарга айымньыларын биллэр суруйааччыларга аахтаран, ырыттаран, инникитин айар үлэлэригэр сүбэ-ама ылалларыгар, киэҥ эйгэҕэ биллэллэригэр көмөлөөх. Сүбэ-мунньахха 18-40 саастаах эдэр ааптардар айымньыларын ыытан, сүүмэрдээһини ааһан, кытталлар. Кэтэхтэн түһүмэххэ...

 

"Эйгэ" биэриигэ былыргы Байаҕантай улууһун Хотуоһаптар Аҕа Ууһун баай историятын туһунан

"Эйгэ" биэриигэ былыргы Байаҕантай улууһун Хотуоһаптар Аҕа Ууһун баай историятын, сэдэх хаартыскаларын туһунан сиһилии Хотуоһаптар сыдьааннара Люция БУРЦЕВА уонна Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун председателя, кыраайы үөрэтээччи Гаврил АНДРОСОВ ыалдьыттаатылар. Биэриигэ бу күннэргэ үөрэтиллэн көстүбүт Күлүмнүүр, НЕУСТРОЕВТАР уонна да атын үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыт улууканнаах...

 

Эписиэр уонна поэт Анатолий Храмов – ыччат литератураҕа бириэмийэтин лауреата

Smart-библиотекаҕа 40 саастарыгар диэри эдэр суруйааччыларга аналлаах Н.Д. Неустроев аатынан литература бириэмийэтэ төрдүс төгүлүн туттарылынна. 2023 сыл түмүгүнэн лауреат үрдүк аатын былырыын «Дорога жизни» хоһоон хомуурунньугун таһаарбытын уонна Москва, Дьокуускай куораттарга патриоттуу тыыннаах айар көрсүһүүлэри ыыппытын иһин, поэт Анатолий Храмов сүктэ. Киниэхэ наҕарааданы бириэмийэ хамыыһыйатын...

 

Буойун-бэйиэт Василий Рожин кинигэлэрин сүрэхтээтилэр

Байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн баран сырдык тыынын толук уурбут боотур, «Эр санаа» уордьан, «Хорсунун иһин» мэтээл кавалердара, Н.Д. Неустроев аатынан эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн Эдэр литератордар сүбэлэрин чилиэнэ, Дьааҥыттан төрүттээх талааннаах бэйиэт Василий Рожин «Уот сүрэх» уонна «Оставляя белый след» диэн хоһооннорун...

 

«Айары» айбыт, «Бичиги» биһирэппит дьон буолаҕыт

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунаһын миниистирэ Афанасий Ноев “Айар” кинигэ кыһатын кэлэктиибин кытта көрүстэ. «Айар»-га быйылгы саҥа үлэ нэдиэлэтэ миниистири кытта көрсүһүүнэн көдьүүстээхтик саҕаланна. «Айар» кыһа урут Сыыппара уонна инновация министиэристибэтин иһинэн сылдьыбыт буоллаҕына, аны Култуура министиэристибэтин көрүүтүгэр-истиитигэр 38-с тэрилтэнэн киирдэ. Бу көрсүһүүгэ миниистир...

 

Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар

Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 118 сыла. Филология наукатын хандьыдаата Михаил Чооруоһап «Амма Аччыгыйын айымньыларыгар ох тыллар» ыстатыйатыгар: «Амма Аччыгыйа биһиги литературабытыгар бастакылартан биирдэстэринэн ох тылы...

 

Арассыыйа устар бөлөҕө суруйааччы Огдоҕо ыалдьыттаата

Саҥа дьыл буолаары турдаҕына, Арассыыйа телевидениетын устар бөлөҕө биһиги биир идэлээхпитигэр, суруналыыстыка салаатыгар Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, литература аан дойдутааҕы куонкурустарын лауреаттара Евдокия Иринцееваҕа-Огдоҕо кэлэн ыалдьыттаата. Ол курдук, устар бөлөх Арассыыйа эрэгийиэннэригэр олорор норуоттар Саҥа дьылга туох ураты аһы астыылларын уһулла уонна Арассыыйа 1-кы уонна ОРТ...

 

Сайа: “Дойдубут олоҕо эрэ туруктаах буоллун!”

«2023 сыл миэхэ тохсунньу тоһуттар тымныыта туругуран турдаҕына, “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Тэбэр сүрэх” диэн хоһооннорум саҥа хомуурунньугун сүрэхтээһиммиттэн саҕаламмыта. Кинигэм атыыга тута бүтэн, сайын бу кинигэбин “Айардар” хаттаан таһаарбыттара. Онон, бу сыл тухары “сүрэҕим тэбэн, санаам сайдан”, айар-суруйар үлэбэр тахсыылаахтык сырыттым. Урут Олоҥхо ыһыаҕар биирдэ эрэ сылдьыбыт сирбэр – Өлүөхүмэ...