Литературная Якутия


 

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

 
Саха саҥа саргытын түстэспит Ыйаах 30 сыла

30 сыл анараа өттүгэр, 1994 сыл муус устар 26 күнүгэр, Россия Президенэ Борис Ельцин “Саха норуотун 20-30-с сылларга репрессияламмыт бэрэстэбиитэллэригэр кырдьыктаах сыһыаны чөлүгэр түһэрии туһунан” Ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаах саха омукка уонунан сылларга хара дьай буолан сабардаабыт БСКП(б) КК Политбюротун “Саха сиринээҕи тэрилтэҕэ балаһыанньа туһунан” уурааҕы көтүрбүтэ, киэр илгибитэ. Бу Ыйаах икки кэрдиистээх...

 

С. А. Попов-Сэмэн Тумат төрөөбүтэ 80 сыла

П. А. Ойуунускай аатынан литературнай музейга Саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, публицист, кириитик, П. А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата С. А. Попов-Сэмэн Тумат үбүлүөйдээх 80 сааһыгар аналлаах «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» көрсүһүүгэ ыҥырабыт. Муус устар 23 күнүгэр күнүс 15:00 ч. Киириитэ 100 солк.; Пушкин картатынан...

 

Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сыла

Бөдөҥ суруйааччы, публицист, литературнай кириитик, тылбаасчыт, суруналыыс, редактор, общественнай-политическай деятель, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС бэчээтин туйгуна, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэргэ ыҥырабыт. Муус устар 25 күнэ, 10.00 ч. Суруйааччы олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоскаҕа сибэкки...

 

Бүгүн Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сыла

«Сорох литератураттан тэйиччи соҕус сылдьар ааҕааччылар: «Ол хайаларай? -– диэн ыйытыахтарын сөп. Ол эмиэ оруннаахха дылы. Биир өттүнэн Анна Парникова-Сабарай Илгэ икки кинигэлээх. «Куйаас сайын» 1992 с. тахсыбыта. Онтон 12 сыл буолан баран, 2003 с. «Күн баҕам хомуурунньугун күн сирин көрдөрбүтэ… Кини поэзиятын сиһилии ырыппыт профессор В.Б.Окорокова, народнай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай итини эмиэ бэлиэтии көрөн...

 

Наталья Харлампьева Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадаланна

СӨ норуодунай поэта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Наталья Харлампьева РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан дойду култууратын, ускуустубатын сайдыытыгар дьоһун кылаатын уонна уһун сылларга таһаарыылаах үлэтин иһин, Доҕордоһуу уордьанынан наҕараадаланна. Туһааннаах ыйаахха дойду Аҕа баһылыга Владимир...

 

Бүгүн Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылын туолар

Бүгүн, муус устар 8 күнүгэр, саха уус-уран литературатын төрүттээбит биллиилээх бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын аан бастакынан чинчийбит, киэҥ философскай көрүүлээх бэйиэт, бөлүһүөк А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй суос-соҕотох уола Реас Алексеевич Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сыла. Кини 1914 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Бүлүү куоракка төрөөбүтэ. Ити кэмҥэ Өксөкүлээх...

 

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара: Бастыҥнар билиннилэр

24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара икки күннээх үлэтэ түмүктэннэ. Сиэксийэлэринэн кыайыылаахтар билиннилэр. Быйыл сүбэ-мунньахха 19 улуустан 70-ча киһи ыҥырыллыбытыттан, ыраах улуустартан аҕыйах киһи кыайан кэлбэтилэр. Саха поэзиятыгар, прозатыгар, нууччалыы тыллаах литератураҕа, драмаҕа, кириитикэҕэ, оҕо литературатыгар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар литератураларыгар биллэр суруйааччылар...

 

«Биэс» кинигэ сүрэхтэннэ

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарын чэрчитинэн, биэс эдэр ааптар кинигэлэрин сүрэхтээтилэр. «Биэс» кинигэни «Алта» кинигэ кыһата оҥорон, чочуйан таһаарда. Кинигэ кыһатын салайааччы Зинаида Архипова этэринэн, бу сүбэ-мунньахха хас да сыл мускуллубут, айымньылара ырытыллыбыт ааптардар буолаллар. Кинилэр кимнээҕий? Римма Крылова, Николай Васильев-Харыйалаах Уола, Василий Тимофеев, Сюзанна Кондакова, Мария...

 

«Эдэрдэр куоласкытын истиэхпитин баҕарабыт»

Муус устар 3 күнүгэр 24-с Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара саҕаланна. 2-с №-дээх бырабыыталыстыба дьиэтигэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Быйыл Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтара сөргүтүллүбүтэ сүүрбэ сыл буолла. Саха сиригэр маннык мунньахтар ааспыт үйэ 60-с сылларыттан ыытыллар буолбуттара. Бүтэһигин 1987 сыллаахха ыытыллыбыта уонна дьалхааннаах кэмҥэ түбэһиннэрэн, тохтоон хаалбыта. Өр кэм буолан баран...

 

Далан педагог быһыытынан уратыта

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, норуот суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан төрөөбүтэ 96 сыла. Чурапчыга киниэхэ үөрэммит, уһуйуллубут, сахатын тылын сүмэтин бар дьонугар тириэрдиһэр учуутал идэлээх Устиния Игнатьевна Попова (Бэдьимэ) Даланы педагог быһыытынан арыйар санааларын ааҕааччыны кытары үллэстэр: — 1956 с. кэтэхтэн үөрэҕин бүтэрэн, Минпростан 5-6 кылаастарга история учууталынан анаммыта. Нам...