Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
Иван Мигалкин: «Таптал тыллар сыһыантан»
Ыам ыйын 24 күнүгэр Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич Мигалкин уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги кэккэбититтэн туораабытынан дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит. Иван Мигалкин 70 сааһын көрсө «Таптал тыллар сыһыантан» кинигэтэ «Айар» кинигэ кыһатыгар кини тыыннааҕар күн сирин көрбүтэ... |
Пушкин автографтарын, уруһуйдарын көрдөрүүгэ туруоруохтара
Быйыл нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүтэ 225 сылын туолар. Санкт-Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй пуорум (ПМЭФ) култуураҕа бэстибээлигэр Пушкин үбүлүөйүн сырдатыахтара. Пуорум былаһааккатыгар кини автографтара, 1817 сыллаах уруһуйдара көрдөрүүгэ туруохтара диэн ТАСС иһитиннэрэр. Бэс ыйын 4 күнүгэр ПМЭФ култуураҕа бэстибээлэ аһыллыаҕа. Бэстибээл сүрүн... |
Саха суруйааччыларын сыдьааннара биир түһүлгэҕэ муһуннулар
(видео)
Бүгүн, ыам ыйын 16 күнүгэр, саха литературатын устуоруйатыгар киирэр дьоһуннаах тэрээһин П.Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр буолан ааста. Ол курдук, «Суруйааччы аата – үйэлэргэ” диэн cаха классик уонна норуодунай суруйааччыларын нэһилиэнньиктэрин кытары сэргэх уонна сэдэх көрсүһүүнү СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, П.Ойуунускай... |
Бүгүн ыам ыйын 13 күнэ — саха бастакы бэйиэт кыыһа Варвара Потапова төрөөбүт күнэ
Бу күннэргэ Күөх Ньурба бэйэтин талааннаах кыыһын сырдык аатын ахтан-санаан ааһар… Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. Саха дьахталларыттан бастакы чуор куоластаах бэйиэт Варвара Потапова бу орто дойдуга төһө да кылгас уонна уустук олоҕу олорон аастар, бэйэтэ эппитинии “кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһии, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолар ураты уонна... |
Фронтовик-суруйааччылар тустарынан быыстапка аһыллыаҕа
Национальнай бибилэтиэкэҕэ ыам ыйын 8 күнүттэн «Они показали войну без прикрас. 100 лет — писателям-фронтовикам» виртуальнай быыстапка туруоҕа. Быыстапка үбүлүөйдээх фронтовик-суруйааччылар: Виктор Петрович Астафьев (төрөөбүтэ 100 сылынан), Владимир Осипович Богомолов (төрөөбүтэ 100 сылынан), Юрий Васильевич Бондарев (төрөөбүтэ 100 сылынан), Василь Владимирович Быков (төрөөбүтэ 100 сылынан), Борис Львович... |
Баал Хабырыыс хоһооннорунан ырыанньык таҕыста
Лиирик-бэйиэт Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс хоһооннорунан ырыанньык бэчээттэнэн таҕыста. Саҥа кинигэни бэйиэт төрөөбүт-үөскээбит Курбуһаҕын бибилэтиэкэтэ оҥордо. Саха литературатыгар бэйэтин ураты суолун хаалларбыт, нарын тойуктаах лиирик-бэйиэт Гавриил Григорьевич Вешников-Баал Хабырыыс отуттан тахса сыл поэзия хонуутугар уһаарыллан, тыыннааҕар 21 кинигэни сахалыы, нууччалыы тылларынан... |
“Саха саргыта” альманах иккис нүөмэрин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө биһиги бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаевка анаммыт “Саха саргыта” диэн альманах иккис нүөмэрэ сүрэхтэннэ. Бу альманаҕы “Сахабэчээт” тэрилтэ үлэлэһэн таһаарда. Сурунаал киэҥ ааҕааччыга аналлаах. Альманах “Саха саргыта”: “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е.Николаев уонна саха саргыта” норуоппут урукку кэмнэрин кэрэһэлиир, ону тэҥэ саҥаны саҕарга, инникини түстүүргэ... |
Саха саҥа саргытын түстэспит Ыйаах 30 сыла
30 сыл анараа өттүгэр, 1994 сыл муус устар 26 күнүгэр, Россия Президенэ Борис Ельцин “Саха норуотун 20-30-с сылларга репрессияламмыт бэрэстэбиитэллэригэр кырдьыктаах сыһыаны чөлүгэр түһэрии туһунан” Ыйааҕа тахсыбыта. Бу ыйаах саха омукка уонунан сылларга хара дьай буолан сабардаабыт БСКП(б) КК Политбюротун “Саха сиринээҕи тэрилтэҕэ балаһыанньа туһунан” уурааҕы көтүрбүтэ, киэр илгибитэ. Бу Ыйаах икки кэрдиистээх... |
С. А. Попов-Сэмэн Тумат төрөөбүтэ 80 сыла
П. А. Ойуунускай аатынан литературнай музейга Саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, публицист, кириитик, П. А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата С. А. Попов-Сэмэн Тумат үбүлүөйдээх 80 сааһыгар аналлаах «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» көрсүһүүгэ ыҥырабыт. Муус устар 23 күнүгэр күнүс 15:00 ч. Киириитэ 100 солк.; Пушкин картатынан... |
Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сыла
Бөдөҥ суруйааччы, публицист, литературнай кириитик, тылбаасчыт, суруналыыс, редактор, общественнай-политическай деятель, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС бэчээтин туйгуна, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Петр Денисович Аввакумов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһиннэргэ ыҥырабыт. Муус устар 25 күнэ, 10.00 ч. Суруйааччы олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоскаҕа сибэкки... |