Литературная Якутия

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

«Сэргэлээх уоттара» историятыттан. 3 чааһа

1940–50 сс. Институкка саха литературатын Н. Заболоцкай, кини кэнниттэн Семен Данилов үөрэппиттэрэ. Семен Данилов айар түмсүүнү тэрийбитэ.
Поэт Моисей Ефимов “Сэргэлээх уоттара” түмсүү туһунан маннык суруйбут: “1948 сыллаахха күһүн Якутскайдааҕы пединститут иһинэн институт преподавателэ, поэт Семен Данилов салайааччылаах литературнай куруһуок тэриллибитэ”. Куруһуокка Т. Сметанин, М. Ефимов...

«Сэргэлээх уоттара» историятыттан. 2 чааһа

1923–1925 сс. Дьокуускайдааҕы учуутал техникумугар «Сайдыы» диэн ааттаах айар куруһуок тэриллэн үлэлээбитэ. Эллэй, Абаҕыыныскай, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Н. Заболоцкай, С. Ефремов ити куруһуоктан айар үлэлэрин саҕалаабыттара.
1925-27 сс. куорат үрдүнэн икки куруһуок үлэлээбитэ: “Саха Омук” общество иһинэн айар ыччат түмсүүтэ уонна “Кыһыл Сулус” диэн түмсүү...

«Сэргэлээх уоттара» историятыттан. 1 чааһа