Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
«Сунтаар миигин ыҥырар»
Күндү доҕоттор! Саха народнай поэта Леонид Попов аатынан "Сунтаар миигин ыҥырар" региональнай ырыа-хоһоон түһүлгэтин ыытыллар болдьоҕо уларыйда! Эһигини Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр балаҕан ыйын 14 күнүгэр күүтэбит! Ырыа-хоһоон түһүлгэтин дьоро күнүн күндү ыалдьыта буолуҥ, уус-уран тыл умсугутуулаах эйгэтигэр кыттыһан, ырыа-хоһоон куттаах доҕоттордуун астына алтыһан, айымньыларгытын дьоҥҥо-сэргэҕэ... |
Cуруйааччылар сомоҕолоһор туһунан сүбэлэстилэр
“Саха сирин суруйааччылара” ассоциация уонна икки айар сойуус бэрэстэбиитэллэрэ “төгүрүк остуол” тула түмсэн олорон, Ил Дархан дуоһунаһыгар Айсен Николаевы өйүүллэрин биллэрдилэр. Бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан төрүттээх түмсүүлэр бары бииргэ түмсэн, уопсастыбаннай хамсааһыны таһаарыахха диэн сүбэлэспиттэрэ. Бастакы мунньахха 23 улуус түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, бэйэлэрин санааларын... |
Эдэр суруйааччылар XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара
Кулун тутан 26-28 күннэригэр Дьокуускай куоракка Эдэр суруйааччылар XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтара ыытыллыаҕа. Бүгүҥҥүттэн сүбэ мунньахха кыттыан баҕалаах айар дьоҕурдаах эдэр дьонтон үлэлэрин тутуу саҕаланна. Мунньахха кыттарга эдэр дьон икки түһүмэҕи ааһыахтара. Ол курдук, тэрийэр бөлөх олунньу 14 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри бастакы түһүмэҕи, кэтэхтэн куонкуруһу, ыытыаҕа. Бу түһүмэххэ... |
П.Ламутскай “Сир иччитэ”, Болот Боотур “Сааскы дьыбардар” романнарыгар булт сиэрин-туомун, үгэстэрин ойуулааһын
Саха биллэр романиһын В.С. Соловьев-Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» (1971) уонна эбээн талааннаах суруйааччытын П.А.Степанов-Ламутскай «Сир иччитэ» (1987) романнара суруйааччылар айар үлэлэригэр, ону ааһан бэйэлэрин литератураларын историятыгар улахан суолталаах романнарынан буолбуттара. Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» романынан литератураҕа бигэтик киирбитэ. Айымньы 1971 сыллаахха туспа... |
П.Ламутскай «Сир иччитэ» уонна Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» романнарыгар фольклор айымньыларын туһаныы
Эбээн норуотун тылынан уус-уран айымньыта эбээннэр сүрүн дьарыктарын кытта быстыспат ситимнээх. Эбээн фольклора маннык жанрдардаах: ньимкан – остуоруйалар; тэлэнгэл – үһүйээннэр, номохтор; икэл – тута хоһуйуллар ырыалар, нгэнукэр – таабырыннар. Бэриллэр формалара – кэпсээнинэн, эбэтэр диалог быһыытынан. Платон Ламутскай “Сир иччитэ”, Болот Боотур “Сааскы дьыбардар” романнарыгар “Эһэ уола Торгани”... |
Өксөкүлээх Өлөксөй «Труды по якутскому языку» кинигэтин сүрэхтэниитэ
Олунньу 14 күнүгэр 16 чаастан Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын академиятын уораҕайыгар айар тыл аҕатынан уонна бөлүһүөгүнэн сураҕырбыт Өксөкүлээх Өлөксөй тыл үөрэхтээҕин, лингвист уонна литература теоретигын быһыытынан чинчийэр, анаарар үлэлэрин түмпүт "Труды по якутскому языку" кинигэтин сүрэхтэниитэ буолар. Бу кинигэ Өксөкүлээх сиэнэ, ХИФУ А.Е. Кулаковскай институтун төрүттээччи дириэктэр... |
Кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан!
Суруйааччы айар үлэтэ үс тирэхтээх диэтэххэ сыыспаппыт буолуо: норуот айар кута, аан дойду классическай литературатын дириҥник билии-үөрэтии, саха норуотун өйүн-санаатын, норуот бэйэни билиниитин (самосознание), национальнай уратытын (национальная идентичность) өйдүүргэ уонна өйдөтөргө үлэ уонна ону атын норуоттарга тириэрдии буолаллар. Саха омуга тыл баайын, күүһүн иҥэринэн илдьэ сылдьар дьонун – суруйааччылары... |
Сэмэн Данилов төрөөбүтэ 100 сыла. Саха литературата – Москубаҕа
Бу күннэргэ Москуба куоракка саха норуодунай бэйиэтэ Семён Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр үрдүк көтөҕүллүүлээхтик, элбэх суруйааччы кыттыылаах аастылар. Саха суруйааччыларын бэрт улахан дэлэгээссийэтэ (барыта 13 киһи, мантан түөрдэ – норуодунай суруйааччы) Горнай улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн уонна атын да тэрилтэлэр көмөлөрүнэн кытта сылдьар. Вадим Дементьев, Геннадий Иванов... |
Харысхал: 1. Күннүк (дневник)
Эдэр суруйааччылар оскуолаларыгар бүгүҥҥү кэпсэтиибит хас күн аайы бэлиэтэнэр күннүк (дневник) туһунан буолуо. Былыр былыргыттан күннүгү толоруу интеллигенция биир сүрүн уратыта буолар. Билигин ыраахтааҕылар, государственнай деятеллэр, полководецтар, суруйааччылар суруйан хаалларбыт күннүктэрэ оччотооҕу кэми, күннүк авторын олоҕун үөрэтиигэ сүрдээх улахан суолталаах буолла. Ол күннүктэн киһи... |
Саха норуодунай суруйааччытын аатынан бириэмийэ олохтонно
Ахсынньы 5 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-ка норуот суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт Сэмэн Тиитэбис Руфов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Күөн туттабын сахабынан, Түҥ былыргы саҥабынан...» диэн литературнай киэһэ ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: суруйааччы кыргыттара Руфова-Слепцова Т.С., Иванова Е.С., уола Руфов Г.С., кийиитэ Руфова Н.Н., сиэннэрэ Коля Слепцов уонна Б.П. Руфов, ХИФУ устудьуоннара... |