Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
“Норуодунай суруйааччы буолар кыахтааҕа”
Биллэр суруйааччы, бэйиэт, тылбаасчыт Василий Васильевич Яковлев бүгүн төрөөбүтэ 85 сыла. Бу кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, кини кэргэнэ Клара Трифоновна Кулаковскаяны кытары сэһэргэстим. Василий Яковлев олоҕун аргыһа, кэргэнэ Клара Кулаковская 82-с хаарыгар үктэнэн, билигин оҕолорун кытары Дьокуускай куоракка олорор. Клара Трифоновна ийэтинэн Чурапчыттан, аҕатынан Тааттаттан төрүттээх. Кини эһэтэ – саха литературатын... |
Москваҕа – литературнайга үөрэнэ!
Саха ыччаттара Москваҕа, аатырбыт М.Горькай аатынан Литературнай институкка тылбаасчыт идэтигэр үөрэнэ баран эрэллэр. Онуоха тоҕо ураты болҕомто уурулларый, дии саныыр буоллахха, бу курдук тэрээһиннээхтик биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 8 эдэр киһи лоп-курдук 45 (!) сыл анараа өттүгэр — 1974 сыллаахха, бу институт тылбааска салаатыгар үөрэнэ тиийбитэ. Ону барытын оччолорго Саха сиринээҕи Суруйааччылар... |
ПОЭТ ТИҺЭХ СЫРЫЫТА
Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Андреевич Попов быйыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолар
Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Андреевич Попов быйыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Леонид Андреевич Николай Гоголь «Тарас Бульба», Борис Полевой «Повесть о настоящем человеке», Александр Фадеев «Молодая гвардия», Александр Пушкин, Михаил Лермонтов, Владимир Маяковскай хоһооннорун сахалыы саҥардыбыт, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага” уордьаннардаах суруйааччы... |
Поэт Гаврил Андросов Казахстаҥҥа Лев Гумилев мэтээлинэн наҕараадаланна
От ыйын 4-5 күннэригэр Казахстан киин куоратыгар Нур-Султаҥҥа “Евразия киин куораттарын суруйааччылара” аан дойдутааҕы форумҥа саха поэта, “Чолбон” сурунаал сүрүн редакторын солбуйааччы Гаврил Андросов аан дойдуга биллэр учуонай, суруйааччы, историк, философ, географ, публицист Лев Гумилев мэтээлин тутта. Бу тэрээһини Казахстан Суруйааччыларын сойууһа уонна Нур-Султан куорат акиматын (мэриятын)... |
Өбүгэлэрбит хаһан эрэ биир кутаа тула олорбуттара…
Биллэрин курдук, ааспыт сыл бүтүүтүгэр Азербайджан киин куоратыгар Бакуга, саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” кинигэтэ азербайджан тылынан тылбаастанан, бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан биһиги ааҕааччыларбытыгар иһитиннэрбиппит. Саҥа кинигэни Улуу Ойуунускай убайбыт дойдутугар, Саха сиригэр билиһиннэрии, сүрэхтээһин, бэс ыйын 27 — от ыйын 1 күннэригэр Саха сиригэр ыытыллыбыт... |
Норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин 65 сааһын туолла
Иван Мигалкин — саха норуодунай бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ үөрэҕириитин, бэчээтин, култууратын туйгуна, Уус Алдан, Нам, Үөһээ Бүлүү улуустарын, Мүрү, Лөгөй нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, СӨ Президенин оҕо литературатыгар Амма Аччыгыйа аатынан бириэмийэтин бастакы лауреата, С.Есенин кыһыл көмүс, Н.Гумилев Улахан үрүҥ көмүс, И.Бунин, С.Маршак мэтээллэрдээх, 40-тан тахса кинигэ ааптара... |
Норуодунай поэт Иван Мигалкин Анаабырга сырыыта
СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин Анаабыр улууһугар оскуола ыҥырыытынан кэлэ сылдьан сэргэхситтэ. Иван Васильевич кэлбит күнүгэр “Чуораанчык” диэн оҕо уһуйааныгар сылдьыбыта. Кырачаан оҕолордуун уопсай тылы булбута, оҕо кинигэлэрин бэлэхтээн үөрдүбүтэ. Сарсыҥҥытыгар Сааскылаахтан 160 килэмиэтирдээх сиргэ сытар Лаптев муора кытыытыгар долган омук түөлбэлээн олорор Үрүҥ Хайаҕа... |
Өксөкүлээх — Болгария түмэлигэр
Кулун тутар 26 күнүгэр Болгария Плиска куоратыгар А.Е.Кулаковскайга-Өксөкүлээх Өлөксөйгө "Музей Кириллицы" түмэлигэр, Аан дойду ааттаах-суоллаах суруйааччыларын кэккэтигэр, Саха Улуу суруйааччытыгар бюст туруорулунна. Аһыллыы сиэрин-туомун, алгыһын, түмүк оһуохайын Саха норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев толордо. Тэрээһиҥҥэ суруйааччы хаан уруу аймахтара: Раиса Реасовна, Лариса Реасовна Кулаковскайдар... |
Дмитрий Апросимов 90 сааһыгар
Кулун тутар 22 күнүгэр эбэҥки дэгиттэр талааннаах бэйиэтэ, сэһэнньитэ, уруһуйдьута, фольклориһа Дмитрий Нестерович Апросимов (1929-1983) 90 сыллаах юбилейынан “Элбэх ыыччатым ааппын үйэтитэр...” ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Ааҕааччыларга поэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо дьүһүйүүтүн билиһиннэрэбит. Эбэҥки норуотун уһулуччулаах уола, бэйиэт, ойууһут, сээркээн сэһэнньит Дмитрий Нестерович Апросимов... |
Тулааһын
Николай Алексеевичтыын мин биэс сыллааҕыта Кэбээйи улууһугар Таас Тумуска тиийэ бииргэ сылдьыһан кэлэн баран, кини туһунан санааларбын, айымньыларыгар сыанабылбын хаһыакка, "Чолбон" сурунаалга бэчээттэтэн турабын. Бүгүн ыалдьыкка биир эрэ балаһа ананарынан, уруккубун хатылаабаппын. Интернеттэн кини туһунан билиэх айылааххытын киллэрэ сатаабаппын. Бастатан туран, дьон үксэ төрүттэрбит туһунан, тугу саҥаны... |