Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
Саха поэзиятын антологията Казань куоракка сүрэхтэннэ
Казань куоракка Саха сирин күннэрин чэрчитинэн саха уонна татаар литературатыгар олус дириҥ суолталаах көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр буола тураллар. Олортон биирдэстэринэн татаар тылынан тахсыбыт саха поэзиятын антологиятын уонна татаар аныгы поэзиятын антологиятын сүрэхтэниилэрэ буолар. Саха поэзиятын антологиятын Саха сирин суруйааччыларын сойууһун көмөтүнэн былырыын күн сирин көрбүтэ. Кинигэҕэ... |
Саха суруйааччылара поэт Габдулла Тукай дойдутугар
Татарстаҥҥа Саха сирин күннэрин чэрчитинэн бэс ыйын 6 күнүгэр саха суруйааччылара татаар норуодунай поэта, литературнай кириитик, уопсастыбаннай деятель, тылбаасчыт, публицист Габдулла Тукай төрөөбүт-үөскээбит сиригэр Кырлай, Кошлауч бөһүөлэктэригэр ыалдьыттаан кэллилэр. Саха норуодунай поэта, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева Габдулла Тукай олоҕун-дьаһаҕын саха... |
«Уйгур» туhунан тус санаам
Наталья Михалева-Сайа аатын билбэт киһи өрөспүүбүлүкэҕэ суох. Кини иэйиилээх, хомоҕой тылынан дьүрүскэннии кутуллар хоһоонноро ырыа буолан кынаттаммыттара, кинигэ буолан киэҥ эйгэҕэ тарҕаммыта. Мин бүгүн Наталья Михалева-Сайа бу соторутааҕыта саҥа күн сирин көрбүт «Уйгур» диэн кинигэтин ааҕан баран бэйэм санаабын сааһылыырга сананным. Бу сэһэн сэрии ыар сылларыгар анаммыт. Уйгур диэн дьикти... |
Аныгы кэм сэргэх сэhэнньитэ
Олоҥхо дойдутунан ааттаммыт Сунтаар сирэ айар талааннаах кыргыттарынан киһи кэрэхсиирин курдук баай дойду. Дьон-сэргэ билиниитин ылбыт Сунтаар хоһоонньут кыргыттара Наталья Михалева-Сайа, Александра Григорьева-Сандаарыйа, Венера Петрова-Венера, Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Ангелина Шадринова-Суоһааны айар талааннарыгар сүгүрүйээччи элбэх. Ону сэргэ суруналыыстыка, проза жанрдарыгар ааҕааччы биһирэбилин... |
Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылыгар
Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сыла бэлиэтэнэр. Саха дьахталларыттан бастакы чуор куоластаах поэт Варвара Потапова бу орто дойдуга төһө да кылгас уонна уустук олоҕу олорон аастар, бэйэтэ эппитинии, “кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһии, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолар ураты уонна бэлиэ суолу хаалларан барбыта. Варвара Николаевна бэйэтин биир хоһоонугар... |
Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ лауреата — Ираида Коркина-Чугдаара
Чурапчы улууһуттан төрүттээх эдэр ааптар, «Айар аартыкпыт аргыстара» суруйарга холонор ыччат түмсүүтүн чилиэнэ Ираида Коркина-Чугдаара “Сиэрдээх Арассыыйа” литературнай бириэмийэтин лауреата буолла. Муус устар 23 күнүгэр Москва куоракка «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа быйыл алтыс сылын литературнай бириэмийэтин дьоро чааһа 1780-с сыллардаахха тутуллубут эриэккэс көстүүлээх, классика истииллээх аатырбыт... |
«Поэттыын сэhэргэhии» үhүс түhүмэҕэ
Елизавета Мигалкина: «Билигин, бу тыыннаахпар...»
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын лабораторияҕа саалатыгар Саха тыйаатырын “Поэттыын сэһэргэһии” бырайыагын үһүс түһүмэҕэр Елизавета Мигалкина “Билигин, бу тыыннаахпар!..” диэн айар киэһэтэ буолан ааста. Елизавета Мигалкина – Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт. “Сулустар ыҥыра көрөллөр”(2007), “Хаҥыл санаа хааһаҕа” (2011), “Халлаан устун суос сатыы” (2014) уонна... |
Харыйалаах Уола: «Хоһоон диэн — Кырдьык»
Кулун тутар 24 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтин бырайыагынан, эдэр бэйиэт Николай Васильев-Харыйалаах Уолун бастакы кинигэтин сүрэхтээһин буолан ааста. Айар киэһэни бэйиэт, Саха сирин Суруйааччыларын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта. Харыйалаах Уола – бу... |
Иосиф Кобяков Дьокуускайга бастакы айар киэhэтэ
Кулун тутар 24 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейыгар Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр олорор Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Иосиф Кобяков өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга бастакы айар киэһэтэ истиҥ иэйиилээхтик буолан ааста. Элбэх сүбэ-ама, эҕэрдэ тыл этилиннэ, хоһоон ааҕылынна, куйаар ситиминэн төрөөбүт дойдутуттан уонна Москваттан нуучча биллэр бэйиэтэ Борис Лукинтан... |
Күндэ хаартыската көһүннэ
Быйыл суруйааччы, публицист, суруналыыс, литературнай кириитик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Бу күннэргэ Сунтаар улууһун архыыбыгар Күндэ хаартыската көһүннэ. Бу хаартысканы архыыпка Людмила Ивановна Игнатьева бэлэхтээбит. Манна Күндэ уҥа өттүгэр кытыы олорор. 1914 сыллаахха Иркутскайга үөрэнэ сылдьан... |