Литературная Якутия


 

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

 
Аныгы кэм сэргэх сэhэнньитэ

Олоҥхо дойдутунан ааттаммыт Сунтаар сирэ айар талааннаах кыргыттарынан киһи кэрэхсиирин курдук баай дойду. Дьон-сэргэ билиниитин ылбыт Сунтаар хоһоонньут кыргыттара Наталья Михалева-Сайа, Александра Григорьева-Сандаарыйа, Венера Петрова-Венера, Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Ангелина Шадринова-Суоһааны айар талааннарыгар сүгүрүйээччи элбэх. Ону сэргэ суруналыыстыка, проза жанрдарыгар ааҕааччы биһирэбилин...

 

Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сылыгар

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, биир дойдулаахпыт, саха бастакы поэтессата Варвара Потапова төрөөбүтэ 75 сыла бэлиэтэнэр. Саха дьахталларыттан бастакы чуор куоластаах поэт Варвара Потапова бу орто дойдуга төһө да кылгас уонна уустук олоҕу олорон аастар, бэйэтэ эппитинии, “кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһии, үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыс” буолар ураты уонна бэлиэ суолу хаалларан барбыта. Варвара Николаевна бэйэтин биир хоһоонугар...

 

Арассыыйатааҕы литературнай бириэмийэ лауреата — Ираида Коркина-Чугдаара

Чурапчы улууһуттан төрүттээх эдэр ааптар, «Айар аартыкпыт аргыстара» суруйарга холонор ыччат түмсүүтүн чилиэнэ Ираида Коркина-Чугдаара “Сиэрдээх Арассыыйа” литературнай бириэмийэтин лауреата буолла. Муус устар 23 күнүгэр Москва куоракка «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа быйыл алтыс сылын литературнай бириэмийэтин дьоро чааһа 1780-с сыллардаахха тутуллубут эриэккэс көстүүлээх, классика истииллээх аатырбыт...

 

«Поэттыын сэhэргэhии» үhүс түhүмэҕэ
Елизавета Мигалкина: «Билигин, бу тыыннаахпар...»

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын лабораторияҕа саалатыгар Саха тыйаатырын “Поэттыын сэһэргэһии” бырайыагын үһүс түһүмэҕэр Елизавета Мигалкина “Билигин, бу тыыннаахпар!..” диэн айар киэһэтэ буолан ааста. Елизавета Мигалкина – Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт. “Сулустар ыҥыра көрөллөр”(2007), “Хаҥыл санаа хааһаҕа” (2011), “Халлаан устун суос сатыы” (2014) уонна...

 

Харыйалаах Уола: «Хоһоон диэн — Кырдьык»

Кулун тутар 24 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтин бырайыагынан, эдэр бэйиэт Николай Васильев-Харыйалаах Уолун бастакы кинигэтин сүрэхтээһин буолан ааста. Айар киэһэни бэйиэт, Саха сирин Суруйааччыларын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта. Харыйалаах Уола – бу...

 

Иосиф Кобяков Дьокуускайга бастакы айар киэhэтэ

Кулун тутар 24 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейыгар Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр олорор Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Иосиф Кобяков өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга бастакы айар киэһэтэ истиҥ иэйиилээхтик буолан ааста. Элбэх сүбэ-ама, эҕэрдэ тыл этилиннэ, хоһоон ааҕылынна, куйаар ситиминэн төрөөбүт дойдутуттан уонна Москваттан нуучча биллэр бэйиэтэ Борис Лукинтан...

 

Күндэ хаартыската көһүннэ

Быйыл суруйааччы, публицист, суруналыыс, литературнай кириитик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Бу күннэргэ Сунтаар улууһун архыыбыгар Күндэ хаартыската көһүннэ. Бу хаартысканы архыыпка Людмила Ивановна Игнатьева бэлэхтээбит. Манна Күндэ уҥа өттүгэр кытыы олорор. 1914 сыллаахха Иркутскайга үөрэнэ сылдьан...

 

Гаврил Андросов айар киэһэтинэн Саха тыйаатырын лабораторнай саалата “Поэттыын сэһэргэһии” саҥа бырайыагы саҕалаата

Саха поэзиятын тыйаатыр нөҥүө көрөөччүгэ сырдатар, поэты ааҕааччыны кытары чугастык билсиһиннэрэр “Поэттыын сэһэргэһии” диэн Саха тыйаатырын Лабораторнай саалатын саҥа бырайыага Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр сүрэхтэннэ. Бырайыак бастакы түһүмэҕэр “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун...

 

Эргиллиэ хайаан да...
өлбөт үйэлээх айымньыларынан

Норуот суруйааччыта Василий Егорович Васильев-ХАРЫСХАЛ. Олус да соһуччутук бу күн сириттэн барда. Наһаа да хомолтолоох. Киһи дууһатынан да, эт мэйиитинэн да итэҕэйиэн баҕарбат… Соторутааҕыта курдук этэ эрээри, икки сыл ааһа охсубут эбит – 2019 сыл тохсунньу 19 күнүгэр Саха тыйаатырыгар Баһылай Харысхал айар киэһэтэ буолбута. “Аммаҕа саас этэ”, “Эргиллиэм хайаан да”, “Көмүөл”, “Бастыҥ хатыыта”, “Тэпсиллибэт үтүө аат”, “Учуутал”...

 

Убайым Күндэ
(Уйбаан Нуолур ахтыыта)

Мин кинини уу харахпынан көрөрдүү дьолломмотохпун, тиһэҕин дойдутугар, Сунтаар Хаҥалаһыгар, мин биирдээхпэр (1930 с.) кэлэ сылдьыбыта үһү. Онон эт кулгаахпынан эрэ истэ улааппытым уонна убайым олорбут сааһын быдан ааһар дьылҕаланным. Күндэ отут алтатыгар 1934 сыллаахха Дьокуускайга уһуннук ыалдьан өлбүтэ. Сэллик саас-үйэ тухары саханы сарбыйан кэлбитэ, убайбын да кини тумнубатах… Сорох аныгы, билбэт...