Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
Александр Амбросьев Альфред Нобель аатынан дипломунан наҕараадаланна
Айар куттаах Александр Амбросьев-Сайылык Уола Аан дойдутааҕы Наука уонна ускуустуба академиятын (МАНИ) саҥа бырыайыагар кыттан, Альфред Нобель аатынан үрдүк дипломунан наҕараадаланна. Ааптар «Аарыма» диэн киэҥ ааҕааччыга биллибит сэһэнин тылбааһынан кыттан, биллэр кириитиктэр үрдүк сыанабылларын ылла, аан дойду кэскиллээх бириэмэйэтинэн бэлиэтэннэ. Ону таһынан Александр Амбросьев 5 хоһооно... |
Кини олоҕо – хорсун быһыыны оҥоруу
(Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылыгар)
Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин саха ааҕааччытын тапталын ылбыт, айымньылара биир бастакынан нууччалыы тылбаастанан дойдуга, бырааттыы түүр норуоттарыгар биллибит ураты талааннаах суруйааччы, саха литэрэтиирэтэ сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит бөдөҥ прозаик буолар. Кини дириҥ ис хоһоонноох олоҕо, охсуһуута, айар үлэнэн дьарыктаныыта, ыар ыарыыны туруулаһыыта – барыта уос номоҕуттан... |
Бүгүн суруйааччы Анастасия Сыромятникова төрөөбүт күнэ
Бүгүн, тохсунньу 24 күнүгэр, прозаик, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РСФСР уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Томпо улууһун бочуоттаах гражданина Анастасия Сыромятникова төрөөбүтэ 107 сыла. Анастасия Саввична Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Дьокуускай куоракка уобаластааҕы бартыыйынай оскуоланы, 1962 сыллаахха М.Горькай аатынан Литература институтун иһинэн... |
Оскуолаттан тахсыбыт аартык
(Саха биллиилээх суруйааччыта, поэт,прозаик,тылбаасчыт Василий Гольдеров-Ороһу Уола төрөөбүтэ 90 сылын көрсө)
Аҕам 1932 с. тохсунньу 16 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саҥа тэриллибит оскуола дьиэҕэ, онно олорон үлэлиир остуорас хоһугар саҥа төрөөбүт эһээкэй оҕо бэбээрбит. Эбэм Өрүүнэ ол курдук күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕотун үөрэх-билии биһигэр — оскуолаҕа төрөппүт. Төрөөбүтэ аҕыйах хоммут оҕону эбээ Маарыйата сыарҕалаах атынан кэлэн оҕус тириитигэр суулаан Сырдык алааһыгар илдьэ барбыт. Аҕам... |
Бүгүн «Кут-сүр» түсчүтэ Тэрис төрөөбүтэ 70 сыла
Бүгүн суруйааччы, публицист, кириитик, филология наукатын хандьытаата, «Кут-сүр» кыһа түсчүтэ Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис төрөөбүтэ 70 сыла. Бүлүү куоратыттан төрүттээх Лазарь Андреевич 1983 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрэн, 1984 сылтан Гуманитарнай чинчийиилэр институттарыгар үлэлээбитэ. 1993 сыллаахха «Фоносемантика основ образных слов якутского языка» тиэмэҕэ хандьытаат диссертациятын... |
Бүгүн суруйааччы Степан Ефремов төрөөбүт күнэ
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, Саха АССР үтүөлээх учуутала, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, драматург, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Ефремов төрөөбүт күнэ. Степан Павлович 1905 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас улууһун III Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Айар үлэнэн гражданскай сэрии сылларыттан дьарыктаммыта. Суруйааччы Күндэ салайар «Сайдыы» литература куруһуогун, П.Ойуунускай, А.Бояров уонна А.Иванов... |
Надежда Ильина – Н.Д. Неустроев аатынан бириэмийэ лауреата
Быйыл иккис төгүлүн саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев аатынан ыччат литератураҕа бириэмийэтин лауреата ааттанна. Лауреатынан драмалыы айымньыларын иһин драматург, поэт, очеркист Надежда Ильина буолла. Тэрийэр кэмитиэт иһитиннэрэринэн, кыайыылаахха бириэмийэни ахсынньы 28 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Литература судаарыстыбаннай музейыгар Россия... |
Баары – баарынан, суоҕу – суоҕунан
Бу күһүн Альберт Семенович Егоров-Альберт Бүлүүйүскэй саха билиҥҥи кэминээҕи поэзиятын биир чаҕылхай көстүүтэ буолбут литэрэтииринэй нэһилиэстибэтин саҥа кырыыта – күннүгэ, суругунан алтыһыыта, эрдэтээҥҥи хоһоонноро, кэпсээннэрэ уонна биир дойдулаахтарын ахтыылара күн сирин көрдүлэр. Биир бэйэм бастакы билсиһэр ааҕыым кэнниттэн саха литэрэтиирэни таптааччыларыгар, саха норуотугар бүттүүнүгэр үйэлээх күндү... |
Суруйааччы Огдолуун сарсыардааҥҥы чэйдэ иһиэҕиҥ
«Айар» кинигэ кыһата ахсынньы 8 күнүгэр сарсыарда 10 чааска «Тото-хана» эрэстэрээҥҥэ «Суруйааччыны кытары сарсыардааҥы аһылык» үгэс буолбут тэрээһинигэр ыҥырар. Бу күн суруналыыс, суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдо айар үлэтин, чуолаан «Ыйдаҥа түүн» кинигэтин тула кэпсэтии буолуоҕа. Кэлбит дьон ааптар маннык айымньыны суруйарыгар туох төрүөт буолбутун, сүрүн дьоруой уобараһа кимтэн ылыллыбытын... |
Сайа Махтал киэһэтэ
Бэҕэһээ норуот суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа «Саха сирин норуодунай суруйааччыта» ааты иҥэрбиттэригэр тэрийбит Махтал киэһэтинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Чахчыта да буолуохтаах киһи буолла, ылыахтаах киһи ылла. Мин көрүүбэр, билиҥҥи саха литературатыгар айар талаанынан саамай инники кирбиигэ сылдьар бэйиэт, суруйааччы, ити аата да суох норуот тапталлаах бэйиэтэ. «Сайа бэҕэһээҥҥи Махталын киэһэтин... |