Литературная Якутия


 

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

 
Евразия суруйааччыларын сойууһа Николай Лугинову эҕэрдэлиир

Турцияттан Евразия суруйааччыларын сойууһа Саха сирин народнай суруйааччытын, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлин, Аан дойдутааҕы Түүрдэр Академияларын чилиэнин Николай Лугинову 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир. Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Якуп Омероглу бэйэтин эҕэрдэ суругар бэлиэтээбитинэн, Николай Лугинов аата Евразия бары...

 

Ытык дьоммут алгыстарынан

Хас биирдии эпоха уонна общество сайдыытын хас биирдии кэрдииһэ бэйэтэ туспа дьоруойдардаах, лиидэрдэрдээх, инникилээн иһэр бэлиэ дьонноох. Олортон биирдэстэрэ саха норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү Айар сэбиэтин чилиэнэ, СӨ Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Госсоветын иһинэн Бүттүүн Кытайдааҕы “Лао Цзы” научнай уопсастыбатын бэрэссэдээтэлин...

 

Николай Лугинов 75 сааһын туолла

Суруйааччы анала араас. Айар дьон үөһэттэн айдарыылаахтар, кинилэргэ айар кыымы саҕар, кутаалыы күөттүүр күүс бэйэтэ туспа, атын. Ол айыылар күүстэрэ. Ону тэҥэ суруйааччы бэйэтигэр ылыммыт уонна туруоруммут соруктаах буолар. Сорох суруйааччы, поэт тулалыыр эйгэтин, айылҕаны, дьон күннээҕи олоҕун хоһуйар. Ким эрэ таптал туһунан сааһын тухары ыллыа-туойуо. Ол гынан дьон-сэргэ олоҕун долгутар история хардыытын...

 

Үйэлэргэ Ил Дархан Михаил Николаев кэриэһигэр

Кини сырдык сарыала Санаабытын сырдатыа, Саха сирдьитэ аатыран Үйэлэри уҥуордуо! Кини кэрэ мөссүөнэ Сүрэхпитигэр баар буолуо, Ыччаттарга кэс тыла Инникибитин түстүөҕэ! ...Аны төрүө дуо? Дьүһүннүүн-бодолуун, көрөрдүүн-истэрдиин Киһи көрөн астынар, Маннык кэрэ ураанхай! Аны үөскүө дуо? Түс-бас тыллаах, Тойон мааны көрүҥнээх Маннык саха бастыҥа! Аны ханнык Салайааччы, Үйэлэргэ номох курдук, Кэпсээнтэн...

 

«Сүрэх тэбэрин тухары» арамаан бэчээттэнэн таҕыста

С.Новгородов аатынан «Айар» кинигэ национальнай кыһата саха уонна элбэх омук дьоно умсугуйа аахпыт, тыйаатыр сыанатыгар көрбүт «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааны бэчээттээн, ааҕааччыларга күндү бэлэҕи оҥордо. «Саха литературатын саҥа кэрдиискэ таһаарбыт уонна сайдар суолун тэлбит Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана — күн бүгүн ааҕааччы кутун тутар, суолтатын сүтэрбэт үйэлээх айымньы. Ол кистэлэҥэ Софрон...

 

Тыалырар салгыннаах олоҕум...

Мин Сахаайаны тыыннааҕар туппатаҕым, ол аата эдэркээн талааннаах киһини кытта кэмигэр көрсүбэтэҕим диэн этэбин. Кини иэйэр кутун тардыытынан илбистээх, ол эрээри алгыстаах хоһоонноругар мин сүгүрүйээччитэ буолабын, ол билигин эрэ буолбатах. Наһаа дьикти, бу олоххо барыта хантан эрэ уонна туохтан эрэ син-биир тардыылаах, кэлиилээх, этиттэриилээх курдук буолар . Өссө ити син ырааттаҕа дии, 25 сыл аннараа өттүгэр...

 

Михаил Николаев уруоктара: «Саха сирэ — биһиги төрүт сирбит»

Бүгүн, атырдьах ыйын 5 күнүгэр, Олоҥхо дойдутун кутурҕан сурах тилийэ көттө — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ, саха омук национальнай лидерэ, Россия бөдөҥ политическай уонна судаарыстыбаннай деятелэ Михаил Ефимович Николаев улахан сүрэҕэ тэппэт буолла... Михаил Ефимович туһунан ЖЗЛ серияҕа кинигэ суруйбут Олег Сидоров сурунаал 2017 с. 11-с нүөмэригэр тахсыбыт ыстатыйатын билиһиннэрэбит...

 

Олег Сидоров: «Саха сиригэр чугаһатар баҕалаахпыт»

Быйыл аан бастакытын “Экопикник с Короленко” диэн айылҕаны кытта ситимнэһэр бэстибээл буолан ааста. Бу бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха сирин суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров саҥа уопсастыбаннай литературнай бириэмийэ олохтоммутун туһунан иһитиннэрдэ. Бу бириэмийэ лауреаттара буолар иһин кимнээх кыттыахтарын сөбүй? “Бу “Экопикник с Короленко” диэн айылҕаҕа ыытыллыбыт...

 

Саҥа литературнай бириэмийэ биллэрилиннэ

Нуучча биллиилээх суруйааччыта Владимир Короленко төрөөбүтэ 170 сылыгар Короленко хайатыгар ыытыллыбыт “Пикник с Короленко” экофестивальга суруйааччы аатынан саҥа уопсастыбаннай литературнай бириэмийэ олохтонно. Аан бастакытын ыытыллыбыт тэрээһин уонна бириэмийэ туһунан ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, “Илин” сурунаал эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын Ассоциациятын...

 

Короленко хайатыгар суруйааччы төрөөбүтэ 170 сыла киэҥник бэлиэтэннэ

Амма биир кэрэ миэстэтинэн нуучча улуу суруйааччыта Владимир Короленко таптаан сынньаммыт сирэ Хойуодуку хайата буолар. Билигин бу хайаны дьон-сэргэ Короленко хайата диэн ааттыыр. Бүгүн суруйааччы төрөөбүтэ 170 сыла. Манна киэҥ далааһыннаах “Пикник с Короленко” диэн экофестиваль ыытылынна. Тэрээһини Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ, Амма улууһун дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр уонна социальнай эйгэҕэ...