Сахалыы
…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.
Далан суруктарын национальнай бибилэтиэкэ пуондатыгар бэлэхтээтилэр
Саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан, ойоҕор Яна Викторовна Яковлеваҕа суруйбут суруктарын улахан кыыстара Ольга Анисимова, Саха сирин национальнай бибилэтиэкэтин пуондатыгар бэлэхтээтэ. Бу суруктарга олоҕуран 2009 сыллаахха, Василий Яковлев эриирдээх-мускуурдаах, үгүс тургутуулаах олоҕун эрэллээх аргыһа, оҕолорун ийэтэ Яна Викторовна хомуйан, «Эйиэхэ эрэ…» диэн, дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох... |
Айылҕа оҕолорун туһунан уйаҕастык
Уһун кэмҥэ салайар үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээн, ордук тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэн, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт, Амма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Федосеевич Наумов сааһыран баран айар үлэҕэ хоннохтоохтук ылсан, ааҕааччы кутун-сүрүн тутан, Саха норуодунай суруйааччыта буолбутун бары... |
Норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумов кинигэтин сүрэхтээтэ
Дьокуускай куоракка П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ бэрт истиҥ, иһирэх кэпсэтиилэрдээх кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Чахчы да бэйэтин кэпсээннэринэн норуот суруйааччыта буолбут Миитэрэй Наумов 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылын кинигэ кэһиилэрдээх көрүстэ. Талааннаах суруйааччы аҥардас кыылга-сүөлгэ анаабыт 30 кэпсээнин мунньан кинигэ гынан таһаарбыт үөрүүтүн чугас дьонун кытта үллэһиннэ. Сүрэхтэнэр... |
Миитэрэй Наумов кинигэтин сүрэхтэниитэ
Дьокуускайга Платон Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумов "30 кэпсээн" диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Истиҥ киэһэҕэ кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит, суруйааччы чугас алтыһар дьоно, сүгүрүйээччилэрэ кыттыыны ылан санааларын атастастылар. Кэлбит ыалдьыттар Миитэрэй Наумов кинигэтиттэн кэпсээннэри артыыстар ааҕыыларыгар дуоһуйа иһиттилэр... |
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн Гаврил Андросов талылынна
Алтынньы 6 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун 18-с сийиэһэ буолла. Сийиэскэ бырабылыанньа саҥа састаабын таллылар. Сийиэскэ барыта 50-ча дэлэгээт кытынна. Сорохтор дэбиэринэһинэн куоластаттылар. Онон сабыылаах куоластааһыҥҥа 60 киһи куоластаан, саҥа бырабылыанньа састаабын таллылар. Бу бырабылыанньа састаабыгар киирбит 11 суруйааччы саҥа бэрэссэдээтэли таллылар. Саха сирин Суруйааччыларын... |
Афанасий Рязанскай аатын үйэтитиигэ икки улахан тэрээһин
Дьокуускай куоракка СӨ Бырабыыталыстыбатын 2-с нүөмэрдээх дьиэтигэр Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскай 150 сылыгар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылынна. Кэмпириэнсийэҕэ сүрүн дакылааттары историческай наука кандидаттара Егор Антонов, Владимир Пестерев уонна искусствоведение кандидата, Амма улууһун баһылыгын... |
Суоттуга эдэр суруйааччылар сэттис семинардара
От ыйын 18-20 күннэригэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, «Саха сирин суруйааччыта» ассоциация өйөбүлүнэн, Суоттутааҕы айар маастарыстыба семинарын тэрийэн ыытта. Бу айар ыччат түһүлгэтэ, үгэс быһыытынан, «Доҕордоһуу» Өлүөнэтээҕи история-археология музей-заповеднигар ыытылынна. Маастардарынан норуот суруйааччылара Наталья Харлампьева, Сэмэн Тумат, Куорсуннаах, М. Горькай аатынан Литература... |
Сунтаарга бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолла
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр Кутана сэлиэнньэтигэр бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах ырыа-хоһоон түһүлгэтэ буолан ааста. Бу тэрээһин кылгас түгэннэрэ өйбөр хатанан хаалбыттарын санаан ылыахпын баҕардым. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах тутааччыта, Арассыыйа Суруналыыстарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Василий Протодьяконов-Кулантай (2012 с.)... |
Бүгүн Аркук төрөөбүт күнэ
Бүгүн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, филология наукатын кандидата, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, эбээн поэта Варвара Григорьевна Белолюбская-Аркук төрөөбүт күнэ. Хоту дойду айылҕатын кэрэтэ киһи хараҕар көстөн кэлэр гына хоһуйбут хоһоонноро сурунаалбыт 2015 сыл 3-с нүөмэригэр тахсыбыттарын ааҕыҥ. Бу сыл 9-с нүөмэригэр поэт саҥа хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыахтара. Аны саас кэлиэҕим, Өймөкөөммөр төннүөҕүм... |
Бүдүрүйбүт да көнөр
Тоҕо эрэ дьолломмут барыта, сору-муҥу эҥээринэн ааспыт эмиэ хараҥа халлааҥҥа ый тыктаҕына көмүскэтээри дуу, кэпсэтээри дуу, биир тылынан эрдийээри уонна тирэҕирээри ити кэми уһулуччутук ойуулууллар. Тапталлаахтар сүрэхтэрин кистэлин Ыйга сибигинэйэллэр. Ким да истибэтин курдук аттынан устар аҕыйах былыкка кыбыталлар быһыылаах. Эрэйдээх эрэ барыта эмиэ киниэхэ, Ыйга үҥсэргиир… Тоҕо буолуой? Барар сир баҕана... |