Литературная Якутия


 

Сахалыы

…Ханнык да тиэмэҕэ биир сүрүн санаа (идея) баар буолуохтаах; олоххо баартан суруйар буоллаххына, эн маны фотография курдук устума, эн кинини бэйэҥ идеяҕынан сырдатан, уус-уран айымньы күүһүнэн дьүһүннээн көрдөр. Идеятын, caнaaҕын толору суруй, толору тэнит, форманан хааччахтаама, идеяны дьүһүннээбэт форма наадата суох, идеяны көрдөрөөрү форма оҥоһуллар, идеяны тыыннаах дьүһүннүүргэ, бу дьүһүн тас көстөр көстүүгүн биэрэргэ, ол онно эрэ форма суолтата улаатан тахсар. Уус-уран айымньыга идея суолтата форма суолтатын бастыыр, ол эрээри умнума: сыгынньах идея, формата суох идея, уус-уран айымньыны биэрбэт, иккиэн арахсыспат ситимнээхтэр, идеяттан айымньы дьүһүнэ тахсар, идеяттан тахсар дьүһүнэ эмиэ бу идея сүнньүнэн көрөн сөптөөх форма бэриллэр. Айымньы дьыалата — улахан улуу дьыала буолар, онон айар үлэбит, культурабыт үрдээтэҕин ахсын, үрдүк кэрдиискэ тахсан иһиэхтээх. Биһиги төрүт сорукпут – олоххо инники этэрээт буолан иһиэхтээхпит.

Былатыан Ойуунускай.
Уус-уран тыл эдэр үлэһиттэрин бөлөхтөрүн соруктара. –
П. А. Ойуунускай. Айымньылар. 7 том. –
Якутск: Як.кн-ое изд-во. – С.103.

 
Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий Осипов галереятыгар «Суруйааччылар мөссүөннэрэ» диэн быыстапкаттан саҕаланна. Быыстапкаҕа сүрүннээн норуодунай худуоһунньук Афанасий Осипов уруһуйдаабыт суруйааччыларын мэтириэттэрэ уонна график худуоһунньуктар Валериан Васильев, Эллэй Сивцев үлэлэрэ турбуттар. Үөрүүлээх...

 

Суруйааччылар сойуустара 90 сааһын бэлиэтээтэ

Сэтинньи 27 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх мунньах буолла. Наталья Харлампьева, норуодунай бэйиэт: — Быйыл Арассыыйаҕа Суруйааччылар сойуустара төрүттэммиттэрэ 90 сылын бары эрэгийиэннэргэ бэлиэтииллэр. 1934 сыл ахсынньы саҥатыгар саха суруйааччыларын кэмпириэнсийэлэрэ буолан, саҥа сойуус тэриллибитэ. Бастакы бэрэссэдээтэлинэн Платон Ойуунускай...

 

Мин сахабын дэнэрбэр…
(Наталья Харлампьева саҥа кинигэтэ)

“Айар “ кинигэ национальнай кыһатын долбууругар — саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева “Эрбэһинтэн ыйытаар“ диэн хоһооннорун саҥа хомуурунньуга таҕыста. Норуодунай бэйиэт саха ааҕааччыларын, айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэрин хомуһуннаах хоһоон, илбистээх иэйии түһүлгэтигэр ыалдьыттата ыҥырар. Норуодунай бэйиэт саҥа кинигэтэ “Мин сахабын дэнэрбэр… “ диэн саха киһитин кутун-сүрүн таарыйар...

 

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос ааптара, саха народнай поэта Савва Иванович Тарасов үбүлүөйдээх 90 сылын түмүктүүр тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Тэрээһин Саха национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар народнай поэт 90 сыллаах үбүлүөйүгэр ананан тахсыбыт “Саха Саарына Сааба” кинигэ сүрэхтэниититтэн...

 

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла. 2019 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммит суру­йааччы төрөппүт кыыһа Татьяна Тимофеевна Сметанинаны кытта кэпсэтиини таһаарабыт. Татьяна Тимофеевна, эн аҕаҥ Орто дойду олоҕуттан эрдэ күрэнэн, тулаайах хаал­быккын. Улахан суруйааччы оҕото буоларгын хаһан үчүгэйдик билбиккиний? Аҕам Тимофей...

 

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан төгүрүк 20 сыл устата Суруйааччылар сойуустарын саха норуодунай бэйиэтэ Наталья ХАРЛАМПЬЕВА айымньылаахтык салайда. Бүгүн биһиги Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ киэҥник биллэр-көстөр суруйааччы, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл Наталья Ивановна Харлампьевалыын...

 

Ольга Корякина-Умсуура саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Сэтинньи 21 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар Ольга Корякина-Умсуура «Биэрэ Дабыыдап. Сарбыллыбыт талаан (айар үлэтин чинчийии)» саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ. Кинигэҕэ Саха сиригэр үөрэҕи-сайдыыны олохтуурга сыратын-сылбатын биэрэн үлэлээбит бастакы оҕо поэта, бастакы «Букубаары» суруйбут ааптар Вера Давыдова олоҕо, айар үлэтэ сырдатыллар. Киэһэни саха норуодунай поэта Наталья...

 

Бэйиэт Зинаида Архипова айар киэһэтэ буолла

Бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Алта» кинигэ кыһатын салайааччы, СӨ бэчээтин туйгуна Зинаида Архипова «Көс кут» кинигэтин сүрэхтиир айар киэһэтэ буолла. Уран тылы, ураты уобарастары сөбүлүүр сүгүрүйээччилэрэ илбистээх тыл иҥмит Алампа саалатыгар толору муһуннулар. Зинаида бэйэтин хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕан, ааҕааччыларыгар бэлэхтээтэ. Норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева бастакынан...

 

Дьону дьоллоох оҥороору

Бу күннэргэ “Айар» кинигэ национальнай кыһатыгар суруйааччы Г.Г. Вешников-Баал Хабырыыс олоҕор, айар үлэтигэр анаммыт бэрт интэриэһинэй, киэҥ ис хоһоонноох кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Киэҥ эйгэҕэ анаммыт научнай таһаарыыны филологическай наука доктора Валентина Семенова салайааччылаах айар бөлөх, “Айар “ кинигэ кыһатын салаатын үлэһитэ Саргылана Константинова, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэл...

 

Дмитрий Васильевич Кустуров кэриэһигэр

Саха саарына, бөлүһүөк,суруналыыс, суруйааччы, тылбаасчыт, публицист Миитэрэй Кустуурап — Дмитрий Васильевич Кустуров бу дьыл сэтинньи 8 күнүгэр олохтон барбытынан кэргэнигэр Саргылана Семеновнаҕа, сиэннэригэр, бары аймахтарыгар, бииргэ үлэлээбит коллегаларыгар, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит. Дмитрий Васильевич саха омук историятын Сэһэн Ардьакыаптаан саҕалаан билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сырдаппыт...