СУРУЙААЧЧЫЛАР ЧАКЫРГА ЭРИЛИКТЭРГЭ ЫАЛДЬЫТТААТЫЛАР
Тохсунньу 24 күнэ – саха уус-уран литературатыгар аан бастакы роман ааптара, прозаик, олоҥхоһут, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүт күнэ. Бу бэлиэ күн суруйааччы биир дойдулаахтара Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр литература бырааһынньыгын тэрийэн ыыттылар. Ол курдук, улуус үөрэнээччилэрин научнай-практическай конференцията, саха тылын уонна литературатын учууталларыгар олохтоох оскуола педагога Аграфена Софронова маастар-кылааһа уонна Эрилик Эристиин былырыын кыһын тахсыбыт «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотун сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Бу тэрээһиннэргэ Саха сирин Суруйааччыларын сойууһуттан бэрэссэдээтэли солбуйааччы Гаврил Андросов, норуот суруйааччылара Сэмэн Тумат уонна Баһылай Харысхал, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун, Чурапчы улууһугар олохтоох Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Павел Федоров-Сомоҕо састааптаах бөлөх ыалдьыттаата. Ону тэҥэ Дьокуускай куораттан П.А. Ойуунускай аатынан Литература судаарыстыбаннай музейын дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова уонна музей отделын салайааччыта Ньургуйаана Халгаева кытыннылар.
Суруйааччылар улахан бөлөхтөрө Чакырга ыалдьыттааһына былырыын ахсынньыга дорҕоонноохтук бэлиэтэммит Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун 85 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүрүн сэргэ, суруйааччы Эрилик Эристиин аатын кытта быһаччы ситимнээх. Онуоха биир кэмҥэ Чурапчы улууһун соҕурууҥҥу нэһилиэктэрин хаппыт Эрилик Эристиин сопхуоһу кытта Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, 1969 сыллаахха балаҕан ыйыгар шефтии сыһыаны олохтоон, бииргэ үлэлэспиттэрэ былырыын 50 сылын туолбута тирэх буолла. Бу суруйааччы аатын сүгэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин уонна айар холбоһук өр кэмҥэ бииргэ үлэлэспиттэрин түмүгэр Чурапчы сиригэр, чуолаан Чакыр нэһилиэгэр үгүс саха литературатын историятыгар киирэр улахан көрсүһүүлэр буолуталаабыттара, ол иһигэр нуучча, казах, о.д.а. Сэбиэскэй Сойуус бөдөҥ суруйааччылара ыалдьыттаабыттара, Суруйааччылар сынньанар дьиэлэрэ тутуллан үлэлээбитэ, Эрилик Эристиин аатынан литератураҕа бириэмийэ олохтоммута, литература музейа арыллыбыта, тыа сирин туруу үлэһит дьоно айар интеллигенцияны кытта чугастык алтыһыыларын уонна хардарыта көмөлөсүһүүлэрин олуга охсуллубута. Холобура, литератураҕа бириэмийэ лауреаттарынан кэлин норуот суруйааччытыгар тиийэ үүммүт Семен Руфов, Андрей Кривошапкин буолбуттара. 2017 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 125 сылыгар чурапчылар бу наҕарааданы сөргүтэн биир дойдулаахтара, норуот суруйааччыта Сэмэн Тумакка туттарбыттара. Бу дьоһуннаах үлэ саҕаланыытыгар уонна үгэскэ кубулуйан сайдыытын төрдүгэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот поэта Семен Данилов уонна Эрилик Эристиин сопхуос салайааччыта Роман Филиппов турбуттарын бэлиэтиэх кэриҥнээхпит.
Оттон П.А. Ойуунускай аатынан Литература судаарыстыбаннай музейын үлэһиттэрэ бу тэрээһиҥҥэ кыттыылара эмиэ суруйааччылар уонна сопхуос бииргэ үлэлэһиилэрин кытта ситимнээх. Ол курдук, чакырдар Эрилик Эристиин аатынан музей биир кэмҥэ литература музейын филиала буола сылдьыбытын ахталлар. Билигин тоҥон турар музей дьиэтигэр Эрилик Эристииҥҥэ сыһыаннаах экспонаттары сэргэ Сэбиэскэй Сойууска эрэ буолбакка аан дойдуга тиийэ биллибит бөдөҥ суруйааччылар тус автографтаах кинигэлэрэ, суруктара хараллан сыталлара кэрэхсэбиллээх. Музей биир сэдэх экспонатынан түгэҕэр рунаҕа майгылыыр бичиктээх чороон буоларын санатар эмиэ тоҕоостоох. Суруйааччылар таһырдьа 45 кыраадыстаах дьыбар сабардаан турарын аахсыбакка музейы көрөн, матырыйааллары кытта билсэн, Сергей Михалков, Константин Симонов, Николай Носов, Сергей Наровчатов курдук уран тыл улахан маастардарын, казах, башкир, татаар, алтай, Грузия, Украина, Прибалтика чулуу суруйааччыларын бэлэхтээбит кинигэлэрин эт илиилэринэн тутан көрөн астыннылар.
Чакыр нэһилиэгэр иккис сылын үлэлиир эдэр баһылык Константин Лебедев: «Эһиил газ киирдэҕинэ музейы ититэргэ, штат аттаран үлэлэтэргэ холонуохпут», – диэн инники былааныттан үллэстэр. Манна даҕатан аҕыннахха, кини 2017 сыллаахха суруйааччы үбүлүөйүгэр кыайан бэчээттэммэккэ хаалбыт «Айыы Дьөһүөл» олоҥхону кинигэ гынан таһаарыыга үбүн-харчытын булууга күүскэ үлэлэспитин дьон-сэргэ махтанан бэлиэтиир. Кэскиллээх салайааччы биир дойдулааҕын аатын үйэтитиигэ салгыы ылсар, урукку Эрилик Эристиин сопхуос литература эйгэтигэр үтүө үгэстэрин сөргүтэр баҕалааҕын биллэрэр. Онтон Эрилик Эристиин аатынан оскуола баай үөрүйэхтээх дириэктэрэ Александра Неустроева да үйэтитиини ытык иэһинэн ааттыыр.
«Айыы Дьөһүөл» олоҥхону Саха судаарыстыбаннай университетыгар преподавателынан үлэлээбит саха тылын уонна литературатын өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр бөдөҥ учуутала Мария Филиппова бэчээккэ бэлэмнээбит. Кини билигин төрөөбүт нэһилиэгин историятын кинигэтин оҥорууга ылсан үлэлэһэн эрэрин уонна Эрилик Эристиин аймаҕа, биир дойдулааҕа да буоларынан суруйааччыны үйэтитиигэ кыттыһар былааннардааҕын биллэрэр.
Литература бырааһынньыгын кэмигэр Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун уонна Чурапчы улууһун кытта уруккуттан баар ситими өссө бөҕөргөтөргө кэпсэтиилэр бардылар.