Литературная Якутия


 
26.03.2020
 

СОВЕЩАНИЕ МОЛОДЫХ ПИСАТЕЛЕЙ ПЕРЕНОСИТСЯ НА ОСЕНЬ

В соответствии с Указом Глава Республики «О введении режима повышенной готовности на территории Республики Саха (Якутия) и мерах по противодействию распространению новой коронавирусной инфекции (2019-nCoV)» правление Союза писателей Якутии сообщает, что XXII Республиканское совещание молодых писателей, запланированное на 1-2 апреля в г. Якутске, переносится на вторую половину сентября. О времени и месте проведения совещания будет сообщено дополнительно.

Напоминаем, что отбор участников совещания закончился 20 марта. В этом годудля участия в совещании поступило 86 заявок, соответственно на 7 секций – якутская проза, якутская поэзия, русскоязычная литература, литература КМНС, драма, критика и детская литература.

Перенос мероприятия на осень даст шанс тем, кто по тем или иным причинам не успели подать заявку на участие в XXII Республиканских совещаний молодых писателей. По дополнительным вопросам обращайтесь на электронной почте ederlit@mail.ru.

Пресс-центр Союза писателей Якутии

 

ЭДЭР СУРУЙААЧЧЫЛАР СҮБЭ МУННЬАХТАРА КҮҺҮҤҤҮГЭ КӨСТӨ

Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күүстээх дьаҥ сатыылаабытынан, кыттааччылар, уһуйааччылар уонна тэрийээччилэр чэгиэн туруктаах буолалларын туһугар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 1055 3-дээх ыйааҕыгар олоҕуран уонна туһааннаах тэрилтэлэр сүбэлэрин ылынан, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньата XXII Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарын муус устар 1-2 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыыны тохтоторго быһаарда.

Тэрийээччилэр барыллаан торумнуулларынан сүбэ мунньах балаҕан ыйын иккис аҥарыгар ыытыллыа, буолар күнэ уонна сирэ кэлин чопчуланыа.

Балаһыанньа быһыытынан кыттыан баҕалаахтар кулун тутар 20 күнүгэр диэри заявка ыытыахтаахтар этэ. Ол түмүгүнэн быйылгы тэрээһиҥҥэ 7 секцияҕа 86 заявка киирдэ, ону тэҥэ 5 киһи ыҥырыылаах быһыытынан кыттарга суруттарбыта. Секцияларынан биирдиилээн бэлиэтиир эбит буоллахха: саха поэзиятыгар – 29, саха прозатыгар – 12, нууччалыы тыллаах литератураҕа – 20, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар литератураларыгар – 4, драмаҕа – 6, кириитикэҕэ – 8, оҕо литературатыгар – 7 кыттааччы суруттарда. Саха поэзиятыгар уонна прозатыгар кэтэхтэн сүүмэрдээһиҥҥэ бастакытыгар 29 кыттааччыттан 12, иккискэ 12 кыттааччы бары аастылар.

Күһүҥҥү тэрээһиҥҥэ эбии заявка хомуйуллуоҕа. Онон араас сылтаҕынан заявка ыыппакка хаалбыттарга XXII Эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахтарыгар кыттарга кыах өссө да баар. Араас ыйытыылар баар буоллахтарына ederlit@mail.ru аадырыска суруйан чопчулаһыаххытын сөп.

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун пресс-киинэ