«Саха сирэ»
«Дьэ эрэ, кэпсиэ…» айар куонкурус түмүктэннэ
«Айар» кинигэ кыһата «Дьэ эрэ, кэпсиэ…» куонкуруһун түмүгүн таһаарда. Дьиҥ олоххо буолбуту уус-уран тылынан кэпсиир ааптардар куонкурустара тохсунньуттан саҕаламмыта.
Биэс киһилээх дьүүллүүр сүбэ (сал. Евдокия Иринцеева-Огдо) быһаарыытынан, бастакы миэстэ кимиэхэ да анаммата.
2 миэстэни Саргылана Семеновна Иванова «В тихом омуте» кэпсээнинэн ылла (20000 солкуобайынан наҕараадаланар).
3 миэстэҕэ Наталья Рязанская «Мииккэ» уонна Константин Эверстов «Эрэл сырдык кыыма» кэпсээннэринэн таҕыстылар (5000-лыы солкуобай).
Биһирэбил бириистэринэн Надежда Андросова-Айтылы, Лора Танаис, Р.И.Корякина-Хотууна, Далбарай, Светлана Слепцова, Сардана Гаврильева, Дмитрий Никонов, Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, М.И.Винокурова айымньыларынан бэлиэтэннилэр. Кинилэргэ 2000 суумаҕа «Айар» кинигэлэрин бэлэх ылар сэртипикээттэр туттарыллаллар.
Кыттааччылар уонна ааҕаачылар «Айар» кинигэ кыһата маннык куонкурустары, тэрээһиннэри ыыталларыттан астыналларын уонна өссө да ыыта туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.