В.В. Илларионов «Поэт Василий Босяк» кэпсээнин ааҕа олорон
1968 с. Василий Васильевичка умнуллубат үтүө сайын кэлэн ааспыт эбит. Улахан куонкуруһу ааһан, Саха государственнай университетын саха салаатын устудьуона буолбут. Оччолорго биир ый тыаҕа от, хортуоппуй хомууругар практикаҕа ыыталлара. Үөһээ Бүлүү улууһугар, ыраах Давыдов учаастагар от үлэтигэр көмөлөһөн баран, алтынньы бастакы күнүгэр үөрэнэ кэлбиттэр. Саха салаатыгар 25 устудьуон эбиттэр. Куурус ыстаарастатынан Ганя Филипповы, комсорунан Гоша Неймоховы, профкомҥа Федя Васильевы талан түмсүүлээх группа буолан, сыыйа-баайа билсэн бодоруһан барбыттар.
Кинилэри кытта үөрэнэригэр Василий Босиков кэргэннээх, уол оҕолоох эбит. Уопсайга олорботох, онон үөрэнэ эрэ кэллэҕинэ көрсөр, кэпсэтэр эбиттэр. Үгүстэрэ тыа муҥкук уолаттара буоланнар, кинилэргэ холоотоххо Вася билбитэ-көрбүтэ, бодоруспута, алтыспыта элбэх эбит. Таайдара Василий Афанасьевич уонна Николай Афанасьевич Босиковтар буолалларын истэн улаханнык сөхпүттэр. Василий Афанасьевич Босиков оччолорго Саха театрын дириэктэрэ, бөдөҥ-садаҥ, бэрт толуу көрүҥнээх киһи эбит. Кыра таайа Николай Афанасьевич Босиков хаһыакка үлэлиир саҥа биллэн эрэр поэт.
Василий Босиков маҥнайгы куурустан поэт быһыытынан биллибит. «Эдэр коммунист» хаһыакка хоһооннорун түһүмэҕэ тахсыбыт уонна Босяк диэн псевдонимнааҕа биллибит. Хоһооҥҥо тардыһыылаах буолан поэттары кытары бодоруһар, билсэр эбит. Василий Васильевич суруйарынан «Вася эдэр сааһыттан улахан дьону, биллэр поэттары кытта алтыспыт буолан, литератураҕа киэҥ билиилээҕэ, үгүстүк мөккүһэр да этэ. Оччотооҕу кэмҥэ суруйааччылардыын, поэттардыын алтыһыы толору астаах остуол тула буолара. Онон Вася, кыралаан да буоллар, аһыы аска охтуулааҕа. «Ол эрээри бииргэ үөрэнэр уолаттарын ол «үтүө» аска көҕүлүү сатаабат этэ», – диэн суруйар. Манна ааҕарбын тохтотон бараммын санаатым, биһиги бу кэмҥэ поэзияҕа кыра хардыылары оҥорон эрэр дьон эмиэ түмсэбит, кэпсэтэбит, сүбэлэһэбит эрээри бу көрсүһүүлэрбит ол «үтүө » аһа суох буолар диэн. Бары чөл олоҕу тутуһар дьон быһыытынан сахабыт төрүт аһын өрө тутабыт, «доруобай аһылык» диэҥҥэ охтубут дьон буолабыт.
Үрдүкү куурустарга таҕыстахтарын аайы Вася Босиковтыын бодоруһуулара, табаарыстаһыылара ордук чугас, истиҥ буолан испит. Иккис уолун оҕоломмутугар Рая Былбанаеваны кытары куурустан харчы хомуйан оҕо кэлээскэтин сүгэн-көтөҕөн илдьибиттэр, онно доҕордоро ийэтинээн ис сүрэхтэн үөрбүттэр. Вася төрөөбүт күнүн бүтүн кууруһунан хаста да ылбыттар. Ийэтэ эмээхсин наар үөрэ-көтө көрсөр эбит.
Вася факультет уус-уран көрүүтүгэр көхтөөхтүк кыттан В.Н. Протодьяконов «Улугбек» оруолун олус үчүгэйдик оонньоон устудьуоннар ортолоругар сүөм үрдээбит, биллэр-көстөр киһи буолбут. 1973 с. үөрэхтэрин бүтэрэн бары онно-манна үрүө-тараа барбыттар. Вася дойдутугар тахсан учууталлаабыт, сотору буолаат куоракка төннөн кэлбит. Василий Иванович куорат 14-с нүөмэрдээх оскуолатыгар бэрт айымньылаахтык үлэлээбит.
«Дьокуускай куоракка кини курдук тупсаҕай кабинеттаах саха тылын учуутала суоҕа. Василий Иванович бэйэтэ уруһуйдуура, суруйара, онон кими да көрдөһө барбакка бэйэтин илиитинэн оҥорбута үгүс буолара. Оскуолаҕа үлэлиириттэн чахчы астынара, киэн туттара. Үөрэтэр оҕолоругар ис сүрэҕиттэн кыһаллара, кинилэр ситиһиилэринэн киэн туттара. Бастыҥ оҕолоро саха салаатыгар киирэн үөрэнэллэрин көҕүлүүрэ», – диэн ааптар олус истиҥник суруйар. Василий Иванович саха тылын дьиҥнээх патриота, пропагандиһа, саха тылын оскуолаҕа үөрэтиигэ аналлаах мунньахтарга, «Тыл, өй, билии» конференцияларга саха тыла кэхтэн, сүтэн-симэлийэн эрэриттэн улаханнык кыһыйан-абаран туран тыл этэн, «Ийэ» диэн иһирэх, «Аҕа» диэн амарах тылларбытын умнан эрэрбитин санатан туран хоһоон ааҕан түмүктүүр эбит.
Национальнай оскуола концепцията олоххо киириитин ис сүрэҕиттэн ылыммыт, сахалыы таҥас тиктэрбит, оскуолаҕа кабинетын маҥнайгынан бэйэтэ сүүрэн-көтөн саха балаҕанын киэбинэн оҥорбут. Куорат да, тыа да учууталларын ыҥыран семинардары, практическай дьарыктары ыыппыт. Бэйэтэ ааттаах алгысчыт эбит. «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн методическай пособиены суруйан таһаартарбыта төрүт култуура учууталларыгар олус туһалаах кинигэ буолбут.
Кэлин Василий Иванович СӨ үтүөлээх учууталын үрдүк аатын ылбыт. Кыыһа Уля саха тылын учуутала буолбутугар ис сүрэҕиттэн үөрбүт, «туйах хатарааччым» диир эбит.
Ааптар ахтыытыгар: «Хоһоонугар таптал туһунан элбэхтик суруйара. Кэргэнин оскуолаттан таптаабытын, кини туһугар үгүстүк турууласпытын, суругунан да быһаарсыбытын кэпсиирэ. Улята Бүлүү педучилищетыгар киирбитин батыһан тиийбитин, Бүлүү өрүс саҥа тураатын кытта туораан тахсыбытын, кэнниттэн уу халыйан иһэрин кэпсээтэҕинэ, мин куйахам күүрэрэ», – диэн суруйар.
Василий Иванович ыалдьыбыт, иккитэ улаханнык инсуллаабыт. Бииргэ үөрэммиттэрэ доҕордорун кытары билсэ турбуттар. Ыалдьан сыттаҕына хоһугар бары мустан үбүлүөйүн бииргэ ылбыттар.
Василий Иванович Босиков биир киһи олорорун олорон, оҕолонон-урууланан, саха тыла, литературата сайдарын, төрүт култуура төлкөлөөх түөрэҕэ түһэрин туһугар туруулаһан үлэлээбит сүдү киһибит буоларын сөҕө-махтайа аахтым. Доҕотторугар, коллегаларыгар үтүө өйдөбүл хаалларбыт. Эдэр сааһын доҕотторо кини сырдык мөссүөнүн, төрөөбүт тылын муҥутуурдук таптыырын, кини сайдарын туһугар улахан кылаатын киллэрбитин мэлдьи өйдүү-саныы сылдьаллара киһи санаатын көтөҕөр. Аҕа көлүөнэ дьоммут бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ доҕордуу сыһыаннара киһи сүрэҕин долгутар.