Үрүҥ тыыннаах араҥаччы…
Бүгүһүн, Үөһээ Бүлүүгэ поэт Хара Лааҥкы:»Бэйээт кыргыттар күннэрэ илин саҕахтан сарсыарда дэйбиирдэнэн тахсыбыта уонна күлэ-үөрэ уот куйааһынан күлүм гынан күлүбүрүү уматаат, ол саҕахха киирбитэ. Көр, кэрэ диэн оннук кыл түгэнэ эбээт»,- диэн турар.
Мин Тааттаттан тардыылаах, Чөркөөхтөн төргүүлээх Елена Филатованы-Сыгыйыгы кытта хоһоонньуттар ватсааптарын нөҥүө эрэ билсэр этибит. Бары таатталар курдук Сыгыйык хоһоонун тыла баайа, ис хоһооно дириҥэ дьикти. Оттон кинини илэ бэйэтин поэт Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнүгэр көрөн аһарбытым.
Уһун хатыҥыр уҥуохтаах мааны чээл күөҕэ солко таҥастаах далбар-хотун уу курдук унаарыйан, уҥуоҕа суох хамсаан Арылы дьүөгэтинээн уун-утары хагдарыйбыт күһүҥҥү тэлгэһэ сымнаҕас көбүөрүн устун чараас-чараастык көрсөн ыла,чэпчэки бэйэлээхтик бу дыгыйан иһэллэр эбит. Миигин көрөн:»Ии, сэгэрбиин, ии, Күн Сиккиэрээ, эҕэрдээ!»,- диэн истиҥ-иһирэх мип-минньигэс саҥа түөһүн иһиттэн оргууй сыыйыллан тахсан күөх халлааҥҥа «ии-ии, ээ-ээ»,- диэн эҥээрдэ. Ааһан иһэр улдьаа тыал оччолооҕу истэн, мэктиэтигэр халадаай ырбаахы сайбалдьыйар тэллэҕэр таалан хаалла, сырсан испит сиккиэр кыыс ситэн кэлэн, симиттэ түһэн кылбаа маҥан иэдэһиттэн имэрийэн ылла.
Көр оннук, уран тылы оһуордуур, уйан тылы ойуулуур киһини айылҕа истэ-сэгэйэ кэтэһэр, бииргэ үөрсэр буоллаҕа.
…Сир ийэ көстүбэт сииктэрин Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ, Үс дойду силимин арыйар Күлүүһэ суох күлүк харабыла… Уулаах харах умсугуйбат, Инчэҕэй илиилээх туппат, Талба таҥастаах чугаһаабат Дьэҥкир аартык доҕуһуолдьута… |
Елена Филатова-Сыгыйык, быйыл 2017 сылга Дьокуускай куоракка бэчээттэнэн тахсыбыт «Арыллыы» диэн дьикти ааттаах хоһооннорун хомуурунньугар Олох уонна толкуй диэн түһүмэххэ «Мин» диэн хоһооҥҥо бу иннигэр ватсаап ситимигэр дөрүн-дөрүн көрсөн ааһар киһим саҥа, ураты өттүнэн арыллан кэллэ. Бу түһүмэххэ сэргэ «Мин бүгүн атыммын» диэн тыллара ити санааны күүһүрдэллэр. Ааптар ис кутун чараас эҋгэтинэн орто киһи кыайан көрбөтүн-истибэтин сэрэйэр-билэр айылгылаах. Сыгыйык поэзиятын өйдүүргэ хоруйу киһи бу хоһооннортон булар курдук.
Ол курдук, уобарастаан суруйуу, тылынан ойуулааһын олус холкутук ис-иһиттэн тахсар үөскээбит санааҕа сөп түбэһэр күүрээн, тэтим хас хоһоон аайы ырыа курдук ылбаҕайдык иһиллэн биир тыынынан ааҕыллар. Айылҕа иэйиитэ түһүмэххэ- «Куйаас» хоһооҥҥо:
…Сир-дойду өрүтэ эппэҥнээн Сыралҕан уотугар бустулар… …Тыал оҕо мэнигэ хаптайан Түҥ тыаҕа аҕылыы кирийдэ… |
«Ардах» хоһоонугар:
…Ардах аргыый ыалдьыттаан Атахтарын хомунна, Ааһар былыт сууланан Ааста быатын курданан. |
Ону таһынан, «Сайыҥҥы былыттар», «Үрэхчээн» хоһооннорго Сыгыйык айылҕаны тыыннааҕымсытан, уобарастаан көрдөрө кини суруйар-айар талаана тыла баайын,өйө-санаата сырдык күүстээҕин көрдөрөр. Төрөөбүт дойдуга, чугас дьонугар-сэргэтигэр истиҥ, сэмэй, эрэллээх таптал тыына маннык хоһооннорго иһиллэн ааһар:»Таптыыбын», «Көҥүл тойук», «Сааскы ыалдьыт», «Суор». Дьахтар нарын-намчы таайтарар иэйиитин кэрэтэ:»Ырааххын», «Доҕорбор», «Хаһан этэй?», «Эн кэллиҥ» хоһоонноругар иһирэх тыл итэҕэтиилээхтик илгийэр. Хоһоон хайдах, туохтан суруллан-айыллан тахсара «Иэйии муҥар» иһиллэр.
Елена Филатова-Сыгыйык кинигэтин илиибэр бу киэһэ тутаат даҕаны хайа бастакы илииһи арыйыахпыттан уу-судургутук утаппыттыы, умсугуйан, ыраас үрүччэ уутун амсайбыттыы кылыгыраччы ааҕан кэбистим. Ол курдук кини хоһоонноро Поэзия диэн Үрдүк Эйгэҕэ киһини сиэтэн илдьэ бараллар. Сыгыйык айар хонуутугар дьаарбайан дуоһуйуу, киэн туттуу, үөрүү долгунугар сылаастык махтана куустардым.