Төлөннөөх сүрэҕинэн айбыта
Биһиги улууспут уонна библиотекабыт историятыгар тулхадыйбат дьыаланы оҥорон хаалларбыт бэриниилээх коммунист, талааннаах салайааччы Яковлев Николай Егорович буолар. Кини оҕолорун, ааҕааччыларын тус холобурунан уонна айымньыларга олоҕуран ииппитэ, кинигэни таптыырга иҥэрбитэ. Биһиги социальнай партнербыт, кыыһа Дьяконова Октябрина Николаевна сөбүлүүр суруйааччытын туһунан тус үлэтин билиһиннэрэбит.
Кэбээйи улууһа. Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,
общественнай корреспондент
Семен Данилов – Саха сирин уһулуччулаах национальнай поэта. Саха киһитин кутун-сүрүн долгутар айылҕаҕа, аал уокка сүгүрүйэр, сирин таптаан айбыт хоһоонноро, уостан түспэт ырыалар буолан, үйэттэн үйэҕэ бэриллэн норуот сүрэҕэр өрүү тыыннаахтар. Улахан талааннаах поэт муударай хоһооннорун аахтаххына күүскэр күүс эбиллэр, олорор олоххун анааран атыннык сыаналыыр өйүҥ уһуктар.
Быйыл поэт 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар, кини өлбөт-сүппэт айымньыларыгар сүгүрүйээччилэр кэккэлэрэ өссө хаҥаабыт буолуохтаах. Мин истээччи быһыытынан улуу поэт хоһооннорун оскуола иннинэ саастаах оҕолорго билиһиннэриим.
Талааннаах поэт хоһоонноругар хайдахтаах курдук күүстээх төрөөбүт дойдуга таптал хоһуллубутун истэн өйдүүллэрин нарын-намчы уйан дууһаларын нөҥүө аһаран, өйдөрүгэр-санааларыгар хатыылларын ситиһиэм диэн баҕа санаалаах үлэбин саҕалаатым.
Уһулуччу талааннаах поэт сүрэҕин нарын иэйиитигэр куустаран кини күн сирин көрбүт Арылыйар – Арыылаах алааһыгар ыалдьыттаатыбыт, кини ыҥырыытын ылынан, Төхтүр Мыраанын кэтэҕэр, тус бэйэтэ эрэ билэр дьэдьэннээх сиригэр, «дьэдьэн мүөттээх сытынан тыыммахтаан, Айылҕа Ийэҕэ сүгүрүйэн алгыстаах тыллары иһиттибит». «Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута» хоһоонугар төрөөбүт сиригэр-уотугар анаммыт лириката ийэҕэ–аҕаҕа, дьахтарга таптал курдук сүдү өйдөбүллээх, оҕоҕо таптал курдук нарын-намчы иэйиилээх. Поэт Ийэ айылҕатын киһилии тыыннаан-уостубат тапталынан умайан хоһуйар: кэрэчээн кыргыттар муус-маҥан хатыҥ буолан наскылдьыһан хаамаллар, нарын таһаалара имигэс талахха тэҥнэнэр, ньургуһун ып-ыраас амарах хараҕынан эрэнэ көрүнэр тулатын күнү көрсө кучу кыыһар, Сахам сирин мааны кыыһа сардаана сардаҥарар.
Поэт киһи буолбут дьоло, туох баар ситиһиитэ төрөөбүт айылҕатын, төрөөбүт алааһын кытта ыкса сибээстээх. Сахатын сирин бары муннуктарыгар сылдьыбыта, көрбүтэ, «көмүс үктэллээх хайаларын киэҥ нэлэмэн сыһыыларын, кылбаарыйар кырдалларын”. Үөрэн–сөҕө, үлүгүнэйэн туран туойбута Өлүөнэ очуостарын, Сиинэ суруктаах оппуоха хайаларын, Алдан, Амма, Бүлүү, Халыма өрүстэр кэрэ кытылларын. Муустаах муора кытылыгар тиийэн юкагир, эвен, эбэҥки, чукча суруйааччыларын кытта ыкса билсиспитэ.
Поэт Сахатын сирин хоту өттүгэр цивилизация куһаҕан тыына өтөн киирбитин, айылҕа алдьанан эрэрин өтө көрбүтэ “Кыталыгы харыстааҥ” хоһоонугар кэрэ көтөрү харыстаан ыҥырыы маннык ыар тылларын суруйбута:
Күн сириттэн эстэн эрэр Кэрэ айыы кыталык, Саха тыллаах кута-сүрэ Кыраһыабай кыталык. Аны айаан алаастарбар Көрүөҥ суоҕа өрүүтүн Күн көстүүтүн санатар Кыталыгым үҥкүүтүн… Кылбаарытта кырдалларбар Истиэҥ суоҕа букатын Кулгаахпытын сылаанньытар Кыталыгым ырыатын… Саха аймах кута-сүрэ, Ытык айыы кыталык, Күн сириттэн эстэн эрэр Кыраһыабай кыталык. Кыталыгы өрүһүйүҥ! Кыталыгы эһимэҥ! Күннэ биэриҥ, Күөхтэ биэриҥ — Күн сирин дьадьатымаҥ! Кыталыгы өрүһүйүҥ! Кыталыгы эһимэҥ! Күннэ биэриҥ, Күөхтэ биэриҥ — Күн сирин дьадьатымаҥ! |
Быйыл дойдубутугар экология сыла биллэриллэн, айылҕаны харыстыырга элбэх үлэ араас хайысхаларынан ыытыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыһарга, таптыырга, харыстыырга иитии – биһиги сүрүн сорукпут.
«Айылҕалыын кэпсэтиэх» – поэт бу хоһоонугар Ийэ айылҕа киһини көрсөөрү киэргэнэрин: күөх нуолур солкоҕо сууланан, сиэдэрэй сибэкки симэҕин иилинэн араас кэрэ отонун–дьэдьэнин кэһиилэнэн долгуйа күүтэрин ойуулуур.
… Сир кэрэ сирэйин бааһырдан Тимирчэй тиҥилэх дьэргэйэр… Биир симик испиискэ уотуттан Баай тайҕа күнүнэн мэлийэр… … Сэрэҕэ, суобаһа суох дьонтон Сэрэнэр буолууй даа, Айылҕаа. Алдьатан таптааччы аймахтан Арааран ыччаккын арчылаа… 1977 сыл
|
Талааннаах поэт Семен Данилов төлөннөөх сүрэҕинэн айан хаалларбыт айымньылара, кини өркөн өйүн, модун санаатын туоһута буолан, дьон — сэргэ сүрэҕэр кэрэ кэпсээн, ылбаҕай ырыа курдук өрүү тыыннаах буолуохтун.