Сиэн Кынат «Уматар чуумпу», «Айылгы арыллыыта» кинигэлэрэ
Анатолий Старостин — Сиэн Кынат «Уматар чуумпу» кинигэтэ аан, аат, түөрт хоһоон, ахтыы тиһиликтэриттэн турар. Аан, аат хоһооннор киһини сиэтэн киллэрэр, бүтэһигэр олоххо тапталга алҕаан туттарар курдуктар, сүрүн хоруйу биэрэллэр. «Кырдьыгы өрө тутан суруйдарбын диэн баҕалаахпын…» бу тыллар Сиэн Кынат олоҕун анаабыт дьулуурун көрдөрөллөр.
БАСТАКЫ ТИҺИЛИК. Айылҕа айылгыта.
Дохсуннук субуллар добун дуолан былыттары Сөҕө, сонургуу умсугуйа көрөрүм. Аны билигин уу-нуурал, уу чуумпу уу ньуурун Хараҥа дириҥ далайы оргууй одуулуур үгэстэнним. |
Сиэн Кынат бу хоһоонун тыллара кинигэ ис хоһоонун олус чопчутук этэллэр.
Сайын туһунан хоһоонугар: «… Хобордооҕуҥ өлгөм аһы-үөлү сырдьыгыната сырылатар…», — диэн тэҥнээн уу сахалыы сылаастык эппитэ эчи сылааһын, сымнаҕаһын.
Өрүстэри, хайалары — түмсүү, холбоһуу, күүһүрүү күүстээх ис баҕа санаатын бэлиэтин дьүөрэлии көрөрө айылҕаҕа сүгүрүйэ таптыырын этэр.
Тыл хоһооннорун тиһигэр: «Дууһата киртийбит киһи… — үйэ сүҥкэннээх буруйа.., сүрэх муус курдук тымныйыытын, ымсыы майгы балысханын.., ону туох тохтотуой…, ол туһугар уус тыл, төбөлөөх тыл чочуллар» диэн хоруй биэрэр.
Сиэн Кынат төрөөбүт тыл туһунан этиитэ олус күндү:
Ийэ тыл эккэ киирэн ититэрин, имэҥирдэрин… Ханнык саха киһитигэр бу өйдөммөт буолуой. |
ИККИС ТИҺИЛИК. «Аартык алгыһа» тиһигэр:
Киһи олоҕун суолун маннык быһаарар: Эн инникиҥ, эн өйдөбүлүҥ, эн дьайыыҥ төһөнөн сырдыктар да, Соччонон сырдык суолу, ахтыыны хаалларыаҥ… |
Манна ааптар бэйэтин олоҕугар этинэн-хаанынан билэн этэрэ иһиллэр.
«Таптал таайсыыта» тиһиккэ:
Эйигин санаатарбын эрэ, Сарсыардааҥҥы сибэккилэр тыыннарын сыллыыр курдукпун… Эйигин санаатарбын эрэ, Сып-сымнаҕас сыа-сым хаары ытыспар уулларар курдукпун… Истиҥ иэйии сойор быыһык кэмэ үүннэ дуу?.. …Син биир эрэллээх эйэҕэспэр эргиллэн кэлэ туруоҕум… |
Этэн кэбиспитэ эчи нарынын, уйаҕаһын, таптал иэйиитин кэргэнигэр сүтэрбэккэ илдьэ сылдьара ырааһын, бэриниилээҕин, күүстээҕин — уостубат дьиҥнээх Таптал баарын туоһулуур.
«Санаа» тиһигэр:
Биир дьэбэрэттэн тахсан иһэн атын дьэбэрэҕэ түһүөҥ. Хаһан хонуу көстөрө, охсуу охтороро биллибэт. Эн хонууну, томтору бу баардыы биттэнэн була сатаа. Айан хас тоҕойун, эргиирин, эрэйин сылыктаа. |
— Бу тыллар ааҕааччыга сүбэ-соргу буолаллар.
Туох кистэлэ кэлиэй? Дьадаҥы, тиийиммэт-түгэммэт олох аһынан кэмнэнэр. Аһынан кэмнэнэр саныыр санаабыт, намтыыр майгыбыт. Аһыыр эрэ инниттэн эн олох олорор курдуккун. Сылаас олбохтоох, байым астаах аһыыр сир баҕалаах. Онно бэйэ киһитэ, ньылаҥса, эйэҥкэ буолуох тустааххын. Онно сананыма, оройго охсуохтара, отуоруҥ хамсыа. Ким эрэ көрүлээн бүтэрин кэтэһиэх тустааххын. Дьиҥ талаан сыаналаммат олоҥхо дойдутугар олордохпут. |
Үлүгэрдээх үпкэ малааһын, юбилей, тэрээһин бөҕө буолар, оттон ол кэмигэр төһүүннүүр, иилиир-саҕалыыр дьоһуннаах тыл этиллибэккэ кураанах аһааһын эрэ буолар.
Киһи хара сарсыардаттан хайдах сайдан туох туһаны оҥорбут киһи диэбэккэ, иһин тоторор туһунан толкуйга түһэрин оруобуна сөпкө эппитин сөҕөбүн. Маны киһи эрэ кыайан таба тайанан эппэт. Чаҕылхай.
Сиэн Кынат кинигэтин ааҕан иһэн санаа сырдыыр, харах аһыллар, күн дьэҥкэрэр. Уура сылдьан ааҕарга олус туһалаах кинигэ. Ааптарга барҕа махтал! Олоҕор дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну!
Уһуутуур чуумпу
Ыыс-быдан тумарык быыһыгар,Ыас хараҥа халлаан анныгар Доргуйа турбут хоһоон ах барар, Дьиэрэйэ түспүт ырыа ньим буолар… Хаарыан сырдык сүрэхтэр, Хайдахтаах улуу тапталлар Хараастаннар умсаллар, Хаһыытаппытынан куоталлар… Таммах хааҥҥа тыгыалаан, Көй салгыҥҥа тырымнаан Өлбөт мэҥэ уутунуу, Өрүһүйэр үрүҥ тыынныы… Ол эрээри кинилэр тыллаллар, Олоххо иккистээн төннөллөр Тулаайахсыйбыт сир уолунуун Тула уһуутуур чуумпулуун… |
Сиэн Кынакка
Сата Таас түһүлгэтигэр,Сиэн Кынат аттыгар, Алтан аалыы чаҕылыйа Анааран ылбыта наҕылыйа. Ханна куотуох бэйэтэй Халлаан иэйэр дэгэтэ, Хаарыан дорҕоон ийэтэ, Хамныыр хампа кэрэтэ… Амарах аҕалыы быһааран, Айыы санаата сыдьаайда, Аар сарыал сандааран Аламай күнэ умайда. Үтүө киһи — Сиэн Кынат, Истиҥ сүрэх — Сиэн Кынат, Ааттыын даҕаны — кынат, Айар киһиэхэ дьэ кынат! Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ
2016 сыл |
Сиэн Кынат
Үчүгэй да хоһоону аахтым,Үкэр куйааска бустум, Сибэкки сиигин истим, Сиртэн көтөн ыллым. Үчүгэй да хоһоону аахтым, Үүккэ-сүөгэйгэ түстүм, Үйэлээх санааны сырыстым, Үтүө тыыҥҥа сөҥнүм. Үчүгэй да хоһоону аахтым, Үрүмэ былыты куустум, Үрдүк күҥҥэ үҥтүм, Үүт көлүйэбэр умустум. |
Анатолий Старостин-Сиэн Кынат: «Айылгы арыллыыта». Бу кинигэни арыйан ааҕан истэҕиҥ аайы киһи туох эрэ биллибэт кэрэ, истиҥ дириҥ иэйии далайыгар умсан устан барар курдук. Кинигэ бастакы тиһилигэр айылҕа айылгытыгар хоһооннор бэйэлэрэ Ийэ айылҕа кэриэтэ нарыннарыан-намчыларыан. Киһи уонна айылҕа быстыспат ситимнээхтэр. Дэлэҕэ, этиэ дуо, оннооҕор, бу курус да тыыннаах хоһоонугар: «Киһилии саҥарар, киһилии кэпсэтэр сибэккилэри көрүстүм…». Оттон дьэ таҥара кийиитэ сибэккигэ анаабыт хоһооно үүт-үкчү кыыс оҕоҕо анаммыт кэриэтэ:
Сибэккилэртэн талыллан эн «Таҥара кийиитэ» буолбуккун. Үөһэттэн айдарыллан кэлбит Айыы оҕото эбиккин. Кийиит курдук килбигийэ, кэмчиэрийэ туттаҕын. Халлаан күөҕэ ытарҕаҕын эйэҥэлэтэ дьиримнэтэн, Халлаан күөҕэ чуораанчыккын кылыгырата оонньотон, Халлаан күөҕэ эминньэххин сэгэччи тэрэтэн, Халлаан күөҕэ уулаах хараххынан унаарыччы одуулаан, Халлаан күөҕэ аһыллыбыт уоскунан убуруохча айылаах Сир үрдүн олоҕун сэргэҕэлии, көрө-истэ тураҕын. Кылгас сайыннаах тыйыс дойдуга үчүгэйиэн эн баарыҥ. Төһө да өлөрсүү, уот сэрии, аас-туор, сутааһын буоллун, Төһө да олох отуора хамсаан сүнньүн булуммакка Түөскэ түсүһүү, бэрсиһии, кэтэх билсиһии баарын үрдүнэн Ыраас “Таҥара кийиитэ» кистээн киэмсийэ, Кэтэһэ, сэргии, өрүү үүнэ, үрдүү туруоҕуҥ! |
Тыал, уу, сир, халлаан, былыт, күн, салгын — барыларыгар киһи кута-сүрэ, тыына баар, киһи бэйэтин курдук кинилэр «киртийэллэр, кэбирииллэр, кэриэтииллэр».
Бастакы тиһилик. Манна «мунаарар, мунчаарар санааларын кинигэ эрэ сирдиирин, сайгыырын, дьиктигэ тиэрдэрин, сүбэһитин», санааҕар даҕаны эргэни умнубакка өрүү өйдүү сылдьыахтааҕыҥ туһунан эппитэ үчүгэйиэн-мындырыан:
Санаалар син-биир саҥа үүммүт күннэр курдуктар. Ааспыт санааны саҥа күн, саҥа хаардыы саба үллүйэр. Саҥа күн саҥа санааны саргылыыр, эргэни умуннарар, Эн эргэни өйдөө. Оччоҕо эрэ саҥа кэми сатаан салайыаҥ. |
* * *
Өйдөөҕүнэн өҥнөнөр хоһоонум хоно-өрүү киирэн кэллэ.Санааҕа-онооҕо баттатан хайдах эрэ кэри-куру. Хоноһом барахсан, күүспүн, көҥүлбүн эн илдьэ хаалыаҥ. |
«Хоноһом барахсан» диэн хоһоону эппитэ ис хоһооно дириҥиэн, санаа аҕыйах тылынан этиллибитэ үчүгэйиэн.
Тыл суолтата — бу киһи тыыннаах бэйэтэ, олоҕо, ол туһунан уот харахха этиллибит тыллар:
Мин тылым — мин тыыным-быарым, өйүм-санаам, этим-сииним, Мин тылым — мин кутум-сүрүм, өргөһүм, майгым-сигилим, Мин тылым — мин ычам, ыырым, кыаҕым, күүһүм, көҥүлүм. |
Бу Сиргэ дьоллоох олох төрдө — ил-эйэ буолар, ону Тыл эрэ ситиһэр сүдү күүс буоларын Сиэн кынат маннык этэр:
Өһүөнү өһүлэр аптаах тыл илгэ-эйэҕэ сирдиир. Ол тылга баар хос тыл ис кистэл арчылыыр алгыстаах, Хааннаах уот сэриини тохтотор кистэлэҥ дириҥ силистээх. |
Хоһоон суруйар дьоҥҥо сүбэлиир, барсар аналлаахтар:
Тыл сүрэҕи сылаанньыта иэйдэҕинэ – ол дьиҥнээх тыл. Тыл дууһаны таарыйан аастаҕына – ол күүстээх тыл. Тыл ыарыы буолан арахпакка ааллаҕына кытаат, тимир буол. |
Төрөөбүт Ийэ тыла иинэн-хатан сүппэтин-симэлийбэтин туһугар ааптар ис кута ыалдьара кини тылы тыыннаах курдук эппит хоһоонун тылларыттан өйдүүгүн, хайдахтаах улууканннаах уоттаах-төлөннөөх:
Саха тылын ытыстарыгар ылан ыйааһыҥҥа уурдулар. Чуумпуруҥ! Тылынан кынаттаныы ыйааһыны хамсатыа… Тыл барда. Саха тылын ыйааһына чэпчээтэр чэпчээн иһэр. Сахалыы саҥаны истэ, өйдүү, сэҥээрэ да сатаабакка Кырдьыбыт, өйдөммөт көрүҥүттэн кыбыстыбыт курдук туттан Сүтэр аналга ыйыы оҥорон уураахтаан кээстилэр. …Суох, тохтооҥ! Тыл тыына, дууһата ыйааһыннаах. Ийэ тылбытын кэдэрги төлкөлөөн быһа этимэҥ. Кырыыс тыл сүрэхтэргэ батары түһүө. Кылыс тыл орой сиигинэн ойон тахсыа. |
Киһи сиргэ көҥүл төрүүр, ол эрээри бу көҥүлүн көмүскүүрэ кытаанах. Үксүн киһи туохтан эрэ, дьон-сэргэ санаатыттан-тылыттан, судаарыстыбаттан, үлэлиир-олорор сириттэн өрүү тутулуктаах буолан хаалар.
«Хоһоонум киэҥ нэлэмэн хонуутугар мин Үрүҥ Аар тойоммун» хоһооҥҥо Сиэн Кынат маннык бэркэ суруйар:
«Миэхэ муҥура биллибэт көҥүл дууһа олорор.» Биллэн турар, көҥүл буолуу киһи билиитин таһымыттан, санаатын күүһүттэн олус тутулуктаах. Көҥүл эрэ киһи толору дьоллоох буолар.
Бу Сиргэ олох курус, мөкү өрүттэрин бэйээт киһи этинэн-сиининэн, сүрэҕинэн ордук чугастык ылынан билэр, аһынар. Кырдьыгы өрө тутуу, көмүскээһин өрүү охсуһуу аҥардаах.
Миигиттэн тахсар тыллар тоҕо курустарый?.. Оннук олоххо харааччы мунан олордохпут… Мин көрөр-истэр өйбүттэн тутулуга суох Этим-сииним, сүрэҕим бэйэтин эйгэтин суруйар. |
Иккис тиһиликкэ «Көтүү» хоһоону олус сөбүлээтим. Ааҕан истэҕим аайы бэйэм көтөн иһэр курдук буолабын. Олоҕун устата ааптар дьонун, дойдутун туһугар кырдьыгы көрдүүр, көмүскүүр “үргэл тойук чочуйар” айанньыт:
…Айан түргэн. Эргиччи элэҥнэс сурууһыннар. Айан будулҕан. Туора оҕустаран тохтоон хаалбатах киһи. Дьоммор-сэргэбэр ананан үргэл тойук чочуллар. |
Анатолий Старостин-Сиэн Кынат таптыыр киһитигэр анаммыт хоһооно барыта бэйэтэ кэрии кэрэ тыыннаах ырыа тэҥэ. Хас хоһоон бэйэтэ дьикти кэрэ тыл, дорҕоон хатыламмат ойуулаах оһуорунан сөхтөрөр. Таптыыр талаан киһи аайы кыайан бэриллибэт. Аан дойду биир дьикти таайыллыбат кэрэтэ Дьахтар буолар. Дьиҥнээхтик таптаан иэйэр эрэ киһи итинник тыллары булан, тапталлааҕар анаан суруйара буолуо:
Кыбыстыма дуу, сэгэриэм, күн эйигин көрбөт ээ көрбөт. Көһүн айылҕаттан айдарыллыбыт кэрэ таһааҕын арыйан, Сөтүөлээ, мин харахтарым умсугуйбут утатыыларыгар. Халлаан эн таҥаһа суоххар олох даҕаны кыһаммат. Тыа уонна хонуу эйигин көрөөрү өндөйүөхтэрэ суоҕа. Арай уу ньуура эн дьүһүҥҥүн үтүктэн дьиримнии мичиҥниэ. Мин өйбүн сүтэрэн талбааран ылыаҕым уонна дьэ уһуктуом. |
Ааптар таптыыр киһитин «чүмэчим, таас кырыымпам» диэн эйэҕэстик ааттыыр.
Олох киэҥ суолугар үктэнэр киһиэхэ сүбэ курдук:
Кытаанах дуулаҕа санаалан.Өҕүллүмэ. Өһүллүмэ. Сидьиҥ дьаллыгы,кыдьыгы хам баттаа, киэр кыйдаа. Күүскүн, күүскүн түмүнэн санааҕын, санааҕын буҕатыт. Өйдүүгүөн, мантан атын тыыннаах иэйэр олох суох. |
Сиэн Кынат олох эриирдээх-мускуурдаах эргиирин ааспыт киһи быһыытынан, сиппит-хоппут бөлүһүөк дьонугар-сэргэтигэр сүбэ-соргу биэрэр:
...Олох куруук ыарахан, онно эн сөп түбэһиэхтээххин. Биһиги барыбыт тус-туһунан араас суоллаах дьоннорбут. …Күүскүн, күүскүн түмүнэн санааҕын, санааҕын буҕатыт. Өйдүүгүөн, мантан атын тыыннаах иэйэр олох суох. …Санааҕар тутума ити үөн өһүөннээх кири-хаҕы… …Аһыныгас амармх буолуу – эн аналаҥ, эн аатыҥ. …Эн хаһан да өһүргэнимэ, бэйэҕин онтон үрдүктүк тутун… |
Бэйэтин ыарахан айанын ааптар маннык этэр:
…Иитэ-саҕата биллибэт ити иэдээннээх иинтэн Сору сүүспүнэн солоон, муҥу муннубунан тыыран Ынчыгым ырыа ыллыгынан үөһэ ыттан тахсыбытым. |
«Кэпсэтии» хоһооҥҥо билиҥҥи олохпут кырдьыга уот харахха этиллэр:
…Улуу өркөн киһи атын киһи дьоҕурун өрүү өйдүүр, өйүүр. Айылҕа да ис сүрэхтэн аһыныгас, амарах сыһыаны эрэйэр. Олох куруук ыарахан, онно эн сөп түбэһиэхтээххин. Биһиги барыбыт тус-туһунан араас суоллаах дьоннорбут. |
Сиэн Кынат туһата суох айдааны эрэ тардар кураанах куолуну маннык бөлүһүөктээн эппитэ үчүгэйиэн:
Туох туһалааҕый солуута суох утарсыы? Утарыстыҥ да уларыт, тупаср, чочуй, чэчирэт. Саҥаны, сонуну ай. Ол суох буоллаҕына хомун. Сымыйанан була сатаан сата баһын тардыма. |
Үһүс тиһиликкэ Уйулҕа уйула. Киһи барахсан төһөлөөх ыар олоҕу, утарсыыны, «туора анньыллыыны, дьаралыктааһыны» көрсөн, «баҕа санаатын күүһүн өһүлэн, самнаран, буомурдан, итэҕэлин тэпсэн, эрэлин кэҕиннэрэн, тапталын күлүү гынан» итинник атаҕастабылы нөҥүө ааһан тыыннаах хаалбытын киһи сөҕөр:
Олох итии хобордооҕор мин дууһам ууллан сырдьыгыныыр. Олус да татым өйдөөх буоламмын итиннэ киирэн биэрдэҕим. Ити итии хобордооххо дууһам эрэйдээх кумуччу түүрүллэр. Түүрүллэр төһө да хоруордар ис дьиҥэ чөл хаалаары. |
«Сэттэ Чуумпу» анабыл алаһатыгар саха киһитин барытын таарыйбыт улуу сүтүк туһунан этиллэр. Оо, хаарыан дьоммут барахсаттар Аҕа дойду сэриитин толоонугар туох иһин тыыннарын толук уурбуттара билигин даҕаны кыайан ситэ өйдөммөккө, туолбакка турдаҕа.
«Үргэл» тойукка:
Мин атын киһи кыайтарыытын, атаҕастаныытын Аһара чугастык бэйэбэр ылынабын. Атын киһи муҥун-сорун, муҥатыйыытын, кыһалҕатын Уйадыйа, харааста, Ыарытыйа истэбин. |
Маннык Алампалыы дьон кыһалҕатын, ыалдьар ыарыытын олус чугастык сүрэҕэр-быарыгар ылынан тэҥҥэ ыалдьар, ыарахаттары тулуйан онтон хайдах тахсары сүбэлиир киһи бэйээт, бөлүһүөк Сиэн Кынат норуоттан тахсыбыт норуот уола, норуот сытыы бөрүөлээх бэйээтэ буоллаҕа эбээт.
Төрдүс тиһилик Кэм кэрэтэ. Ааптар манна этэр:
Ойор күннээх,күөх халлааннах дойдум туһугар буолбатах, Хаһан эрэ кэлиэхтээх дьол-соргу туһугар буолбатах, Улуу үйэм сайдыытын,тутулун туһугар буолбатах Субу баар истиҥ чугас дьонум туһугар олох олордоҕум. |
— Бу тылларга Сиэн Кынат сиргэ төрөөбүт киһи чугас дьонун,дьиэ кэргэнин харыстыыра, ол туһугар олороро булгуруйбат соруга. Хас биирдии киһи оннук олоҕун оҥостон олордоҕуна эрэ сиэрдээх буолара көстөр. Ити санааны бигэргэтэн, үлэһит эрэ киһи кэннигэр тугу эбит хаалларар буоллаҕа:
…Ас аһаныллан бүтэр, албан аат бүгүн баар, сарсын суох. Төрөппүтүҥ, төлкөлөөбүтүҥ, айбытыҥ ол кэскиллээх… |
Нус-нас, чуумпу олох кинини уоскуппат:
Бу итиитэ-тымныыта, ырааһа-кирдээҕэ, үрүҥэ-харата, Кырдьыга-сымыйата, көлдьүнэ-көдьүүһэ, көҥүлэ баара-суоҕа Чахчыта биллибэт өйө-төйө суох өттөйөр эйгэбин Хайдах эрэ, хайдах эрэ тутахсыта таптыыр курдукпун… |
Кинигэ бүтэһигэр ааптар тыллара манныктар:
Оо, хаста, хаста мин ааппын Эриэн ыт элэгэр ыыппыттара буолуой? Хаста, хаста мин ааппын ахта-ахта Астына, дуоһуйа тиистэрин сууммуттара буолуой? Ол туох суолталаах буолуой, Өскөтүн саас ахсын саҥаттан саҥа Икки таптаһар сүрэх көрсүһүүтэ бу тыҥаан кэллэҕинэ? Өскөтүн күһүн ахсын аата ахса суох Өһөс майгы көмнөх курдук көмүлүннэҕинэ? |
Син биир инникигэ эрэл санаа, таптал олоҕу өрүү киэргэтэ турдаҕа. Таптал кэрэ иэйиитэ тугу барытын кыайар улуу күүс, диир ааптар. Дьиҥнээх тапталы билэр, билбит киһи эрэ итинник этэр.
Сиэн Кынаты ааҕан бардахха хайдах эрэ ып-ыраас үрүччэ үүта кырылыы-кылыгырыы искэр иҥнигэһэ-толлугаһа суох, кудуххайдык кутуллан хас иһиҥ нуотаратыгар кылабачыйа оонньоон киирэн бара турар.Ити айымньыны суруйбут киһи эмиэ ыраас, дьэҥкир туругун бэлиэтэ.