Литературная Якутия


 
26.05.2017
 
Елена АНТОНОВА-КҮН СИККИЭРЭ

Михаил Гоголев-Долгун «Тайах уонна бартыбыайын» кэпсээнэ

Михаил Гоголев–Долгун (Горнай, Бэрдьигэстээх) бу аҕыйах сылтан бэттэх прозаҕа айымньылаахтык ылсан үлэлээн, хайы-үйэ алта кинигэ ааптара буолан, быйыл СӨ Суруйааччыларын сойууһун, норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар ассоциацияларын сойууһун чилиэнэ буолла.

2014 сыллаахха Дьокуускайга «Дани Алмас» компанияҕа бэчээттэммит «Өбүгэм үгэһигэр сүгүрүйэн» диэн иккис кинигэтигэр истиҥ-иһирэх тылынан тус олоҕун, аар тайҕаҕа булт эриирдээх-мускуурдаах соноругар сылдьыбыт бэйэтин уонна билэр дьоннорун дьиибэ-дьээбэ, сытыы түгэннэриттэн кэпсээннэрэ киирбиттэр. Олортон булка сылдьыы биир көрдөөх кэпсээнин ааҕааччы хараҕыннан ырытан көрөргө холоннум.

Мындыр өйдөөхтөр этэллэринэн, саҥата суох, дьоһуннаах, күлбэт-үөрбэт киһитээҕэр ис-иһиттэн истиҥник иэйэн күлэр киһи майгытын кэтэҕэр туох даҕаны хара күлүк санаа саспат, сыстыбат дьиҥнээх киһи дииллэр эбит. Көр-күлүү аргыстаах буоллаххына олох ханнык даҕаны соһуччу хаспахтарын үрдүнэн көтүтэн, этэҥҥэ туораан иһэр эбиккин.

Көрдөөх-күлүүлээх уобараһы айыы бэйэтэ туспа уустуктардаах. Ол эбэтэр, ааптар, буола турар олох соһуччу уларыйыыларыгар өйө-санаата сөп түбэһэн, тэҥҥэ айаннаһар имигэс салайыныыга санаа-сүрэх буһуута-хатыыта быһаарар күүһэ улахан.

Айымньыга киирдэххэ, сааскы кус булдун кэмигэр буолбут дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт итэҕэтиилээх отуу көрдөөх кэпсээнэ. Хара саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы, ааптар бэйэтэ үһүс сирэй аатыттан ойуулаан-мандардаан, “туустаан-тумалаан” сэһэргиир. Айылҕа бэйэтэ даҕаны тэҥҥэ үтүө хараҕынан үөрэ-көтө көрсөр. Тута имигэс талах курдук сытыы тыл-өс ааҕааччыны бэйэтигэр умсугутан, үлүннэрэн-омуннуран кэмэ суох киэҥ киэлини тоҕо кэһэн, кэпсээн-ипсээн иликэчийэр, оннооҕор тула сааскы чаҕылхай салгын мэктиэтигэр тэҥҥэ хообурҕаччы кычыгаланан бычыгырыыр. Дьээбэ-дьиибэ тыл-өс иччитэ хайы-үйэ ыырдыбыт бэрэмэдэйдэригэр кылыгыраан ылар, кэтэһэр харахтара кылахачыйа оонньуур. Суруйар талааннаах киһи ааҕааччыны кэпсээн саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы дьээбэлээх, тэбэнэттээх тэтимэ уҕараабакка, уларыйбакка эбии тэбиэһирэн, киэлитэ кэҥээн сиэтэн иһэр. Ааҕааччыны көр-күлүү үрдүк очуоһугар ытыаран иэрийэ күллэрэр, дуоһутар. «Дьэ, биир оннук үтүө саас үс арахсыспат атастыылар, аттанан-атыырданан, ыҥыыр-төргүү бөҕөлөнөн, бултуур сирдэрин син этэҥҥэ буллулар. Дойдуларын булбут дьон дьиэтээҕи, эрэһээҥкитэ суох “хаайыыттан”, сарапааннаах “борокуруортан” этэҥҥэ мүлчү харбаппыттарыттан үөрэн-көтөн, дьэ, бэйэлэрэ эрэ билэллэринэн, үүнэ-тэһиинэ суох омоллоон олоҕун, дьэргэстэй ыһыаҕын тардан кэбиһэллэр… …дьэ, дэлэччи соҕус сокуускалаах, уһун кыһыны быһа кэтэспит чалбараҥнарын саҕалаатылар.»

Туох барыта кэмнэнэр кэрдиистээх, бүтэр уһуктаах…

Үс аллар атастыылар бэйэлэрин дэмнэрин билсибит, эрэллээх доҕордуу дьоннор. Отуутааҕы даҕаны хос ааттарыгар өһүргэнсибэккэ үөрэнэн хаалбыттара ону этэр. Персонажтар хайдах майгылаахтарын-сигилилээхтэрин ити хос ааттара кэпсии сылдьар: арыый дьаһаллаахтара “кылаабынай хамаандуйуссай” Ньукулай, кини маннааҕы хос аата Бүтэһик Эрэл, онтон Сэмэн – айылҕаттан айдарыылаах худуоһунньук, онон ханнык даҕаны булт төһө ыраах-чугас турарын, олорорун миэтэрэтигэр тиийэ чуолкайдык этээччи, маннааҕы аата Дальномер диэн, түгэххэ Өлүөсэ отуута, кини биир итэҕэһэ диэн, утуйдаҕына уһуктубатынан тэҥнээҕэ суох киһи. Ол иһин, маннааҕы аата, Түүнүгүрбэ диэн. Бу дьон манна өрүү бултуур-алтыыр сирдэрэ буолара биирдии бэйэлэрэ анал отуулаахтарыттан көстөр. Долгун үөрүйэх бэйэлээхтик, сүр сымсатык нууччалыы тыллары сахалыы киэпкэ уган туттара, көр-күлүү быһыытын-майгытын эбии сытыырхатан, тупсаран биэрэр: -рэп, -эккэйимээт баара, -зубуугун, -устаабым жуоскай, -нээ, туут-то быыла, -баҕадьыы бостуой. Дьоммут «туох баар сииктэринэн көтүрүтэ барыах айылаах түүлээх холбукаларын биллэр ньыманан абырахтаан» бараннар, дуу-даа буолан,ыраахтан киһи саҥатын да, ырыатын да кыайан соччо араарбат буолан, киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран, сарсыардааҥҥы дылы маныахтаах отууларыгар сааларын-саадахтарын, ыһык «наркуомабыскайдарын» ылан көһөн күккүрэһэн биирдии-биирдии отууларыгар арахсан дьүккүһэллэр.

Сэмэн отуутугар кус манаан олорон устунан күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ хаана-сиинэ итийэн сылаанньыйан, ахтыбычча дьиэтигэр тиийэ охсон «үөһэ өттүнэн үөрэн, аллара өттүнэн кыйаханан» Матайар Маасатын ыйаастыгас хараҕа сымнаҕас орон диэки эйэргээн эрэннэрэрдии кэтэһэрин санаан, сылаанньыйа олордоҕунаа, икки мороду сирэйин быһа көтө сыһан, эккээйимээттэр бааллара, санаатын быһан кэбиһэллэр. Маннык түгэн кэпсээни ордук олоххо чугас, истиҥ тыынныыр. Кистэл буолбатах, ыал олоҕун дьоло-соргута буор кут тапталыттан, ордук ороҥҥо тапсыыттан тутулуктааҕа биллэр.

«Дьэ, онтон Сэмэн дөйүҥү уҥа кулгааҕа истэринэн үрэх төрдүттэн хамандууссайын Ньукулай ньааҕыргыыр саҥатын уорбалаан били аһылыгын эрдэ дьаһайан «хоруоҥкатын» да ыллатта, устунан аныгылыы да рэптэттэ.»

Суруйааччы олоҕу кэтээн көрбүт баай уоппутуттан, киһи дууһатыгар хас да киһи баар буолуоҕун билэр, утарыта туруоран мөккүһүннэртиир: «Биһиги киһибит иҥсэтэ көбөн, турулус-ирилис көрөөтүн икки Сэмэн баар буола түстэ: сэрэҕэ «Тулуй!», ньоҕойо: «Дабаай!» диэн тардыалаһыы буолар. Ньоҕойо иһиттэҕинэ Ньукулайа эбиитин били аһыгар топпокко, кини диэки ууну кэһэн иһэр тыаһын да чалымнатта. Оччолооҕу истэн ньоҕой Сэмэммит: «нээ, туут-то быыла, баҕадьыы-бостуой!..» –диэн ботугураат киһититтэн өрүсүһэн били аһын аһа охсон айаҕар таҥнары тутта. Быыһыгар сатаммакка чачайан, анараа дойдуга быһа бара сыһан, үрүҥүнэн-харанан күлтэччи көрөн ылла. Аһын бүтэрэн баран истибитэ: киһитин саҥата өссө сүрдэммит, «йаах-таа, йаах-таа!», – диэн хаһыы-ыһыы бөҕө.

– Тыый даа, киһибит, быһыыта, моһуогурбут… Киһилии сатаан саҥарбат буолбут дуу… – диэн мөҥүттэ былаастаан ботугуруу олордоҕуна, отуутун кэннигэр адьас чугас, биир аарыма тайах, муоһа-туйаҕа адаарыйбытынан, кини диэки көрөн, кулгаахтара бу даллайан турар ахан эбит. Сэмэн соһуйан, сүүскэ бэрдэрбит курдук аллайан турбахтыы түһэн баран, ыксалыттан үрүксээгин булкуйарын быыһыгар «саа,.. сүнньүөх,.. сыа,.. быар,.. быар» – диэн баллыгырыы олорон суос-соҕотох сүнньүөхтээҕин ылан иһэн төлө тутан ууга түһэрэн кэбиһэр. Ньукулай саҥата аттана сытар борооскуттан итэҕэһэ суох орулуура иһиллэр. Тыа мааны кыыла ол кинилэр айдааннарын истэн туруо дуо, бэйэтэ сыаллаах-соруктаах ааһан истэҕэ, баран иһэр суолунан киирэн сэгэйэ турдаҕа дии.»

Кэпсээҥҥэ саха киһитэ айылҕа оҕото буолара, айылҕа барахсан көмүс түһэҕэр көҥүл тыынан-сананан, төһө кыайаргынан муҥутуурдук үөрэр-көтөр үрдүк үөрүүттэн ордук күндү туох баар буолуой бу сиргэ, диэн санааҕа кэлэҕин. Бэрт кыраттан, дуона суохтан киһи сатаан үөрэри эмиэ сатыахтаах эбээт. Ол биһиги олохпутугар үксүн итэҕэс буолар. Суруйааччы бэрт мындырдык маны этэрэ – бэйэтэ олох философията, олох диэн үөрүү буоллаҕа.

Ааптар бу түбэлтэни кэм даҕаны сүөм түспэккэ мындырдык түмүктүүр: көҥүлэ суох бултуох кэриэтин оннук буолбута ордук диэн көхсүн кэҥэтинэр.

Бүтэһигэр, прозаҕа көрү-күлүүнү суруйуу суруйар киһи имигэс, сытыы, булугас өйүн, киэҥ-холку көҕүһүн көрдөрөр. Кэпсээн бары өттүнэн толору сиппит-хоппут биир сутурук кэриэтэ, итэҕэс-быһаҕас, ордук-хос суох. Бу сиппит-силигилээбит айымньы суруйааччы дьонугар–сэргэтигэр этиэхтээх тыла дириҥ силистээҕин, үрдүк эйгэлээҕин кэрэһилиир.

 

Источник: Имхолайк