Егор Андреев-Хоһуунай хоһоонноро
Күн да күн күлүм күлбүт, Кууһа, кууһа уохтаахтык уураабыт, Тоһуйа, тоһуйа сылаастык сыллаабыт, Сүрэҕим үөрдэ толугуруу мөҕүстэ, Иэдэһим итийдэ, имнэрэ тэтэрдэ… |
Бу манна этиллибит сырдык куттаах тыллар, күн аайы Хоһуунай айбыт хоһоонноро салгын ситимигэр тилийэ көтөллөр. Хоһоон тылын күүһэ ханыыласпыт, хатыланар тылларынан, рифманан бэриллэр. Ааптар хатыланар тыллары, рифманы, уһун сүһүөхтээх тыллары таба туттара, хоһоон тэтимэ бэйэтэ бэлэм ырыа курдук тыаһаан-ууһаан долгулдьуйан, сэгэлдьийэн барар. Ол курдук хайы-үйэ ырыа буолбут: «Суруйбут киһи хаарга», «Аргыс ардахтар», «Таптаа олоҕу» хоһооннор ааҕан бардахха ыллаан-туойан барар кэриэтэлэр. Айар ааптар ити тус уратыта.
«Хоһуунай – бэйэм толкуйдаабыт аатым. Төрөөбүт ыйбынан алтынньыбын, онон сахалыы аатым «Хоһуун» сөп түбэһэр, онно «ай» эбэн биэрбитим. Саҥа хоһооҥҥо холоно сылдьар кэммэр «Хоһууннук ай» диэн ааты ылыммытым. Онтукам арыт ыһыктынар кэммэр кымньыылыыр кэриэтэ, бэйэбэр сөптөөх аат дии саныыбын», – диир ааптар Егор Андреев-Хоһуунай.
Егор Андреев-Хоһуунай хоһооннорун: «Мичээрдэ бэлэхтээ», «Алаас ахтылҕана», «Хатыҥнарым кыргыттарым», «Эппэтэх иэйиилэрим», «Сайыҥҥы илдьит», «Таптал уонна хаар», «Ситэр санаам», «Ытыыбын дуу, ыллыыбын дуу», «Сибэкким миэнэ», «Санаа күүһэ», «Оҕолорум охторум», «Күн да күн» – көрдөххө, эр киһи таптыыр дьахтарыгар, төрөөбүт дойдутун айылҕатыгар, алтыһар дьонугар-сэргэтигэр, олоххо сыһыанын көрдөрөр тыыннаахтар. Ааптар хоһоонун тылларыгар кутуллар иэйии олус нарын-намчы куттаах, сылаас-сымнаҕас, истиҥ-иһирэх тэтимнээх, тыыннааҕын тухары бэйэтин таптыырыгар, тапталыгар эрэллээх, халбаҥнаабат бэриниилээх киһи ис кута ыраас, уһун, киэҥ уостубат, уҕараабат тыыннаах:
Ибир салгын итии тыына Ийэм кэриэтэ сылааһынан илгийдэ… …Тойон сүрэх толору тыынна Айылҕа кэрэтигэр махтана ыллаата. (“Сайыҥҥы илдьиккэ”)
|
Хоһуунай тулалыыр айылҕа кэрэтин, олох үрүҥүн-харатын этинэн-хаанынан, ис кутунан сэрэйэр-таайар, уус киһи хараҕынан барытын өйдөөн көрөр уонна ону уран тылынан ойуулаан хоһоонноругар кутар. Олох ыараханын-кыһалҕатын мээнэ суруйбат, туохха барытыгар үчүгэйи-үтүөнү булан, санааны түһэрбэккэ, чахчы даҕаны эр киһилии хорсун ааттаах Хоһуунай бу хоһоонноругар этэр:
Ытыыбын дуу, ыллыыбын дуу, Ытыахтааҕар ыллаабытым ордуга, Сытыахтааҕар турбутум үчүгэйэ, Биллэр эбээт олоххо Ардыгар тыйыстык тыынар, Сороҕор курустук кууһар Бу сирдээҕи олохпор… Билэҕиэн, Ыарыы уонна олох Ыаллаһар ынчык кэмнэрин, Олох уонна өлүү Хапсыһар тиһэх түгэннэрин… …Көрөҕүөн Ыарыыны кыайбыт олоҕун, Олоххо дьулуура күүстээҕин… («Санаа күүһэ»)
|
Бу курдук, Хоһуунай, төрөөбүт сахатын тылын имитэн-хомутан, хайаан да таҥара табатыныы чочуллубут хоһоону айарга күннэтэ бэйэтин суолун хоһоон хогуутугар көрдүүр, сылайбакка-элэйбэккэ үлэлиир:
Оҕолоруом, охторуом, олоруҥ Өһүөннээх өргөһү көтүппэккэ, Олоххо өрүүтүн көтүһэ Дьоллоох сүрэхтиин алтыһа! |