Литературная Якутия


 

Вести из улусов

Музей «ЖЗЛ в Амге» к 100-летию издательства «Молодая гвардия»

Сегодня, 12 октября, в Амгинской центральной библиотеке им. В.М. Новикова – Күннүк Урастырова состоялось торжественное открытие музея «ЖЗЛ в Амге», посвященного знаменитой серии издательства «Молодая гвардия» «Жизнь замечательных людей». Проект реализован к 100-летию издательства «Молодая гвардия». Сегодня в музее «ЖЗЛ в Амге» представлено более 200 экземпляров книжной серии «Жизнь замечательных...

 

Төлөннөөх сүрэҕинэн айбыта. Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар

Семен Данилов – Саха сирин уһулуччулаах национальнай поэта. Саха киһитин кутун-сүрүн долгутар айылҕаҕа, аал уокка сүгүрүйэр, сирин таптаан айбыт хоһоонноро, уостан түспэт ырыалар буолан, үйэттэн үйэҕэ бэриллэн норуот сүрэҕэр өрүү тыыннаахтар. Улахан талааннаах поэт муударай хоһооннорун аахтаххына күүскэр күүс эбиллэр, олорор олоххун анааран атыннык сыаналыыр өйүҥ уһуктар. Быйыл поэт 100 сылын туолар үбүлүөйдээх...

 

Сунтаар ырыа айааччыларын түмсүүтэ

Бэс ыйын 7 күнүгэр улуус киинин Олоҥхо дьиэтигэр Сунтаар улууһун айар куттаахтарын «Ньургуһун» литературнай түмсүүтэ уонна ырыа айааччылара бииргэ мустан сүбэлэстилэр. Сүбэ мунньаҕы улуустааҕы култуура уонна айылгы салалтатын эдэр салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана киирии тылынан аста уонна сыл устата ыытыллыахтаах тэрээһин боппуруостарга санаатын үллэһиннэ. Улуус ырыа айааччылара 90-с сылларга «Ньургуһун»...

 

«Өбүгэм омоон суолунан» Нарыйа Элясова кинигэтэ таҕыста

Ыам ыйын 19 күнүгэр Кэбээйи Мукучутугар «Дайан» сынньалаҥ, култуура киинигэр суруйааччы В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясова «Өбүгэм омоон суолунан» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Дьоро киэһэни иилээн-саҕалаан ыытта Нарыйа Элясова кийиитэ Любовь Николаевна Григорьева.
Истиҥ, иһирэх эйгэҕэ киирэн астынан-дуоһуйан, санаалыын чэпчээн, ɵйдүүн ырааһыран дьэҥкэрбит курдукпун...

 

Михаил Гоголев-Долгун кинигэтин сүрэхтэниитэ

Ыам ыйын 27 күнүгэр Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сынньалаҥ киинигэр «Айылҕаттан анатыылаах, өбүгэлэртэн үөттэриилээх» диэн ааттаах СӨ баһаарынай сулууспатын бэтэрээнэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин уонна СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Михаил Павлович Гоголев-Долгун кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Саха киһитин сиэринэн булчут сорсуннааҕа...

 

Михаил Гоголев-Долгун «Тайах уонна бартыбыайын» кэпсээнэ

Михаил Гоголев–Долгун (Горнай, Бэрдьигэстээх) бу аҕыйах сылтан бэттэх прозаҕа айымньылаахтык ылсан үлэлээн, хайы-үйэ алта кинигэ ааптара буолан, быйыл СӨ Суруйааччыларын сойууһун, норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар ассоциацияларын сойууһун чилиэнэ буолла. 2014 сыллаахха Дьокуускайга «Дани Алмас» компанияҕа бэчээттэммит «Өбүгэм үгэһигэр сүгүрүйэн» диэн иккис кинигэтигэр истиҥ-иһирэх тылынан...

 

В.В. Илларионов «Поэт Василий Босяк» кэпсээнин ааҕа олорон

1968 с. Василий Васильевичка умнуллубат үтүө сайын кэлэн ааспыт эбит. Улахан куонкуруһу ааһан, Саха государственнай университетын саха салаатын устудьуона буолбут. Оччолорго биир ый тыаҕа от, хортуоппуй хомууругар практикаҕа ыыталлара. Үөһээ Бүлүү улууһугар, ыраах Давыдов учаастагар от үлэтигэр көмөлөһөн баран, алтынньы бастакы күнүгэр үөрэнэ кэлбиттэр. Саха салаатыгар 25 устудьуон эбиттэр...

 

Сиэн Кынат «Уматар чуумпу», «Айылгы арыллыыта» кинигэлэрэ

Анатолий Старостин — Сиэн Кынат «Уматар чуумпу» кинигэтэ аан, аат, түөрт хоһоон, ахтыы тиһиликтэриттэн турар. Аан, аат хоһооннор киһини сиэтэн киллэрэр, бүтэһигэр олоххо тапталга алҕаан туттарар курдуктар, сүрүн хоруйу биэрэллэр. «Кырдьыгы өрө тутан суруйдарбын диэн баҕалаахпын…» бу тыллар Сиэн Кынат олоҕун анаабыт дьулуурун көрдөрөллөр.
БАСТАКЫ ТИҺИЛИК. Айылҕа айылгыта...

 

Егор Андреев-Хоһуунай хоһоонноро

Бу манна этиллибит сырдык куттаах тыллар, күн аайы Хоһуунай айбыт хоһоонноро салгын ситимигэр тилийэ көтөллөр. Хоһоон тылын күүһэ ханыыласпыт, хатыланар тылларынан, рифманан бэриллэр. Ааптар хатыланар тыллары, рифманы, уһун сүһүөхтээх тыллары таба туттара, хоһоон тэтимэ бэйэтэ бэлэм ырыа курдук тыаһаан-ууһаан долгулдьуйан, сэгэлдьийэн барар. Ол курдук хайы-үйэ ырыа буолбут: «Суруйбут киһи хаарга», «Аргыс ардахтар»...

 

Бэйээт сүрэҕэ

Бу аймана-аҥаатта турар улаҕата биллибэт Улуу Дойдуну, анарааҥҥыта көстүбэт Аан Дайдыны иэгэйэр икки атахтаах, саллайар салаҥ бастаах киһи барахсан — урааҥхай саха төрөөн-ууһаан, төрүттээн-уустаан, баа бэйэлээх буолан баһылаан-көһүлээн олорор. Оттон үллэр үйэлэр өргөстөрүгэр, аллар дьыллар арҕастарыгар тыыннаах хаалан тыын салҕыырга, тыган тыллар сыдьаан ууһатарга бу кулун буолан кулахачыйа, ирбинньэх буолан эргичийэ турар...