«Мимуоза» тоҥ отонунан сүрэҕи сөрүүкэттэ
Саха сирин Суруйааччыларын сойуустарын ассоциацията уонна Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлэ олунньу 26 күнүгэр “Мимуоза” салон иккис киэһэтин ыытта. Бу сонун уонна номнуо дьоҥҥо биһирэнэн эрэр бырайыагы айар куттаах Маргарита Иванова-Дайар Суһум иилээн-саҕалаан ыытар. Салон бастакы тэрээһинигэр тохсунньуга эмиэ бэрт элбэх киһи мустубута.
Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлэ аһыллыбыта 50 сылын көрсө ыытыллыбыт тэрээһин биир күдьүс буолбакка, хас да түһүмэххэ араарыллан, сэргэхтик барда. Ыытааччы кэлиэхтээх түһүмэххэ ханнык интэриэһинэй, дьоҥҥо-сэргэҕэ тугунан биһирэнэр киһини ыҥырбыта буолуой диэн таайа, кэтэһэ олороҕун. Хас биирдии түһүмэх умсугутуулаах дьоруойдардаах буолан истэ.
Кэлбит ыалдьыттары аан бастаан Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Егор Егоров уонна Дмитрий Хоютанов Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэматыттан быһа тардыыны аахтылар. «Үйэлээх айымньы” түһүмэх дьоруойдара үлэлэрин-хамнастарын, “Ойуун түүлүгэр” оруолларын хайдах толорбуттарын сэһэргээтилэр уонна ыалдьыттар ыйытыыларыгар хоруйдаан, истиҥ кэпсэтиини таһаардылар.
“Литература сонуннара” түһүмэххэ сотору киэҥ экраҥҥа тахсыахтаах “Тыгын Дархан” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Гаврил Неустроев—Миитэрэй уола Ньургун Бичигэн олунньуга өрөспүүбүлүкэҕэ литература эйгэтигэр тахсыбыт бэлиэ түгэннэри санатта.
Орто дойдуга кылгастык да олорон аастар, чаҕылхай үлэлэри хаалларбыт худуоһунньук Иннокентий Пестряков “Бии кыргыттара” хартыынатын экраҥҥа “Холуста таабырына” түһүмэххэ көрө түстүбүт. Кырдьыга да, бары сөбүлүү, бэйэбитигэр чугастык ылынар хартыынабыт. Ол эрээри, таабырынын, чуолаан худуоһунньук кимнээҕи прототип оҥостубутун билэр киһи аҕыйах эбит. Онуоха “Полярная звезда” сурунаал эрэдээктэрэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Доллонов кэпсээнэ хартыына таабырынын таайарга көмөлөстө. Аттынааҕы хоско бэрт дьоһуннаахтык туттан сэһэргэһэ турар эр дьон прототиптарынан айар куттаах дьон, бэйиэттэр Владислав Доллонов уонна Софрон Осипов эбиттэр. Оттон бу сиэркилэҕэ бэйэтин сэбэрэтин көрүнэ турар кэрэ кыыс кимий? Бүгүҥҥү киэһэҕэ таабырын таайыллыбакка хаалла…
Эрдэттэн толкуйдаммытынан, “Мимуоза” салон биир умнуллубат түгэнинэн суруйааччылар илиилэринэн суруйбут айымньыларын уонна сүрэхтэрин сылааһын иҥэрбит тус малларын түмэл пуондатыгар туттарыы буолуохтааҕа. Владислав Доллонов биллиилээх муосчут Алексей Андреев сэлии, тайах муоһуттан, удьурҕайтан оҥорбут уруучука уурар сыаналаах бэлэҕин түмэлгэ бэлэх уунна. Онтон “Саҥа хоһоон” түһүмэх ыалдьыта, поэтесса Саргылана Гольдерова—Саргы Куо илиинэн суруллубут, ханна да бэчээттэнэ илик айымньытын түмэлгэ бэлиэхтиэн иннинэ, Индияҕа айаныттан саҕыллыбыт “Гималай хайаларыгар” поэматыттан 8-9 түһүмэхтэри аахта.
“Тэтим” араадьыйаҕа Дьокуускай куорат устуоруйатын тиһигин быспакка кэпсиир, түмэл научнай үлэһитэ Ефросинья Ноговицына куолаһа бүгүн “Мимуозаҕа” иһилиннэ. Кини бүгүн Былатыан Ойуунускай аатынан түмэл тэриллибит устуоруйатын, архыыпка харалла сытар сорох докумуоннар мөккүөрдээх өрүттэрин сырдатта. Былатыан Ойуунускай дьиэтигэр кэлбит ыалдьыттарын наар тоҥ отонунан күндүлүүрүн санатан, “Мимуозаны” ыытааччылар ыалдьыттарын сүрэхтэрин эмиэ тоҥ отонунан сөрүүкэттилэр уонна ырыа алыптаах эйгэтигэр киллэрдилэр. Ол курдук, “Хоһоонтон тыллыбыт ырыалар” түһүмэххэ ыҥырыллан кэлбит ырыаһыт Юрий Гольдеров Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо тылларыгар “Ардахха санаа” ырыаны бэлэх уунна.
Бүгүҥҥү күн өссө биир соһуччу түгэнинэн биир дойдулаахтарыгар номнуо “норуодунай суруйааччы” аатырбыт Альберт Гринпис “Томпо үрэх таабырына” диэн саҥа тахсыбыт кинигэтин тула кэпсэтии буолла. Бу кинигэни бэйэтин “Көмүөл” издательствотыгар таһаарбыт Борис Павлов кэлэн, ааптары чугастык билиһиннэрдэ. Ааптар былыр-былыргыттан саха тылын сүмэтэ үөскээбит уонна көрдөөх тыллаах-өстөөх дьоннорунан уратылаах Кириэс Халдьаайыга төрөөбүт-үөскээбит буолан, тыла-өһө норуокка чугаһынан сөбүлэтэрин бэлиэтээтэ. Кинигэҕэ ааптар 15 сыл устата кыра-кыралаан суруйбут айылҕа, булт туһунан кэпсээннэрэ киирбиттэр. Манна даҕатан эттэххэ, Альберт Гринпис уонна СӨ норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов ийэлэрэ — бииргэ төрөөбүттэр. Егор Петрович Альберт Гоголев бастакы сэмэй кэпсээнин ааҕан баран: “Туйахпын хатарар уол тахсыыһыккын”, — диэн сэмэйдик хайҕаабыт.
Салон бэртээхэй толкуйунан «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация иһинэн оҥоһуллубут «Мимуоза» альбом буолар. Манна литература, төрөөбүт тыл туһунан суруйааччылар этиилэрэ, историческай хаартыскалар киирбиттэр. Альбому литература магистра Сардаана Омукова олус тупсаҕайдык оҥорбут.