«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону эбээннии саҥардыбыт ураты талаан
Саха сирэ бүгүн Олоҥхо күнүн киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиир. Онон сиэттэрэн эбээн норуотун талааннаах уолун, Дмитрий Васильевич Кривошапкин-Нимкалан, кини бэйэтин кэнниттэн хаалларбыт литератураҕа кылаатын туһунан ахтан-санаан ааһар тоҕоостоох дии саныыбыт.
Дмитрий Васильевич дьоҕура уус-уран тылбаас эйгэтигэр арыллыбыта. Кини бастаан саха народнай поэта Эллэй «Буурҕа, буулдьа дьылларыгар» төлөннөөх поэматын эбээннии тылбаастаан үрдүк сыанабылы ылбыта. Ол кэннэ народнай поэт Семен Данилов хоһооннорун үс туомун, итиэннэ народнай поэт Күннүк Уурастыырап «Даҕарыма бухатыыр» олоҥхотун эбээннии тылбаастаабыта.
Дмитрий Васильевич Кривошапкин-Нимкалан айар үлэтин, саамай чыпчаалынан уонна эбээн норуотун ураты киэн туттуутунан саха норуотун чулуу уолун П.А. Ойуунускай оҥорбут – «Дьулуруйар Ньургун Боотур» («Гүлкөкөдди Нюргун Ботур») олоҥхотун тылбаастааһына буолбута. Биллэн турар, бу сүдү үлэнэн буолар, кини бу айымньыны тылбаастыырыгар 14 сылы быһа үлэлээбитэ. Бу тылбааска үлэлээн Дмитрий Васильевич дьиҥнээх гражданскай хорсун быһыыны оҥорбута. Кини төрөөбүт тылын баайын, эбээн уонна саха уус-уран тылларын баһылаабытын аан дойдуга көрдөрбүтэ. Дмитрий Васильевич Ньургун Боотуру олоҥхо бухатыырын эбээн тылынан ыраастык саҥардыбыт киһи быһыытынан историяҕа киирбитэ. Бу Саха сирин норуоттарын култууратыгар уонна литературоведениетыгар уһулуччулаах кылаатынан буолар.
2024 сыл сэтинньи 6 күнүгэр талааннаах эбээн поэта уонна тылбаасчыта Дмитрий Васильевич Кривошапкин-Нимкалан тыыннааҕа буоллар, 95 сааһын туолуо этэ.
Кини Дьааҥы хайаларын быыһыгар сытар Сэбээн Күөл диэн бөһүөлэк аттыгар, эбээн табаһыттара Ульяна уонна Василий Кривошапкиннар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Хомойуох иһин, дьиэ кэргэн аҕата эрдэ, оҕолоро олох кыра эрдэхтэринэ күн сириттэн баран, кыһалҕалаах олоҕу билбиттэрэ. Дмитрий ыарахан олоҕу олорбут, ол эрээри дьикти дьылҕалаах киһинэн буолар.
Сиэгэн Күөл нэhилиэгин оскуолатыгар үчүгэйдик үөрэммитэ, кини бары предметтэри олус интэриэһиргиир уратылаах этэ. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сыа чүмэчинэн сырдатынан, айанньыт сахаларга олоҥхо алыптаах кинигэтин ааҕан биэрэрэ. Оттон айанньыттар бэйэлэрин олохторун туһунан кэпсиллэрэ эбэтэр тойуктаан туойаллара.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан Дмитрий салгыы үөрэнэригэр мэһэйдээбитэ, онон улаатан эрэр уол ийэтигэр Ульяна Егоровнаҕа көмөлөһө, Дьааҥы сис хайаларын быыһынан таба көрө барбыта. Таба көлөнөн дьон кыһын олорор сириттэн атын сиргэ диэри почтаны тиэрдэрэ, Эндыбалтан Алдан өрүс үрдүгэр турар Батамай нэһилиэгэр диэри сибиниэһи таһаллара. Бу олус эппиэтинэстээх айаннар этилэр. Сэбиэскэй былаас оҕону үлэ көмөтүнэн иитэри сатыыра. Дмитрий сэрии кэмин көлүөнэтин оҕото буолан, фашизмы утары Улуу Кыайыыны уһансыыга бэйэтин тус кылаатын киллэрсибитэ. Үгэс курдук, маннык оҕолор кэлин дойдуларын дьиҥнээх патриоттарынан буолбуттара.
Дмитрий Кыайыы кэнниттэн араас салааларга үлэлээбитэ. Саккырыырга таба ыстаадатыгар үлэлээбитэ, ол кэннэ төрөөбүт дойдутугар Сэбээн Күөлгэ төннөн, тутааччылар биригээдэлэригэр киирэн, сэттэ кылаастаах оскуоланы тутуспута. Дмитрий өр сылларга таһаҕас тиэйээччинэн үлэлээбитэ. Оччолорго сөмөлүөт да, массыына да суох буолан, аһы-үөлү, эми-тому уонна да атын таһаҕаһы сыарҕалаах табаларга баайан Батамай сэлиэнньэтиттэн, Сиэгэн Күөлүнэн Сэбээн Күөл сэлиэнньэтигэр тиэрдэллэрэ. Кыһыҥҥы тымныыларга сыарҕалаах табананан айан чэпчэкитэ суох этэ. Айаннарыгар муус үрдүнэн тааҥнаан элбэх эрэйи көрсөллөрө.
Билиигэ-көрүүгэ, саҥа идэлэргэ тардыһыыта Дмитрийи сүгүн олордубатахтара. Колхуос бырабылыанньата Дмитрийи бастаан Дьокуускай куоракка электромашинист кууруһугар ыыппыта. Онон Сэбээн Күөлгэ электростанцияны үлэҕэ киллэрбит бастакы электромашиниһынан Дмитрий буолбута. Сотору буолан баран кинини эмиэ Дьокуускайга, аны бу сырыыга суоппар кууруһугар үөрэттэрэ ыыппыттара. Куурустары ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Дмитрий 1958 сыллаахха аан бастаан сабыс-саҥа массыынаан олох айан суола суох кэриэтэ сиринэн Сэбээн Күөл нэһилиэгэр диэри айаннаан тиийбитэ. Ол кэннэ мэхэнисээтэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнигэр Иннокентий Иванович Бугаевка Сэбээн Күөлгэ диэри тыраахтары ыытан аҕаларыгар көмөлөспүтэ. Кэлин Дмитрий нэһилиэк биир баар-суох, саамай уопуттаах суоппарынан буолбута.
Дмитрий айылҕаттан эт-хаан өттүнэн ураты күүстээх этэ. Кини эдэр сылдьан куһаак курунан тардыһыыга тэҥнээҕэ суоҕа. Аны туран тугу баҕарар уһанар, оҥорор илиитигэр талааннааҕа, кини туппута барыта сатанан иһэрэ. Кими баҕарар кытары биир тылы булан, кэпсэтэр дьоҕурдааҕа. Кини сахалыы даҕаны, бэйэтин тылынан, эбээннии даҕаны олус үчүгэйдик саҥарара. Ханнык баҕарар хампаанньаҕа болҕомто киинигэр сылдьара, инникигэ эрэллээх этэ.
Дмитрий литератураны олус сэргиирэ, онно бүтэйдии тардыһара. «Уямкан» диэн аан бастакы хоһоонун ааспыт үйэ 50-с сылларын бүтүүтүгэр суруйбута. Бу хоһооҥҥо кини хайа бараанын кэрэтин, күүһүн (сахалыы чубуку уонна эбээннии – уямкан) кэрэхсэбиллээхтик ойуулаабыта. Ол кэннэ Мария Гоголева-Колесова бу хоһооҥҥо матыып айбыта уонна үгүс бэстибээллэр лауреаттарынан буолбута. Бу ырыа уһун, кэрэхсэбиллээх историялаах, ол иһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Дмитрий Васильевич үгүс айымньыларын төрөөбүт дойдутугар, Сэбээн Күөлгэ уонна кини ураты айылҕатыгар анаабыта. Олохтоох ырыаны айааччылар Ян Слепцов уонна Алквиад Степанов кини хоһоонноругар олус кэрэ матыыптаах ырыалары айбыттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин Дмитрий Васильевич Кривошапкин-Нимкалан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, В.Д. Лебедев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай бириэмийэ лауреата ааттары ылбыта, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута.
Талааннаах поэт-тылбаасчыт туһунан өйдөбүл үйэлэргэ хаалыаҕа…