Литературная Якутия


 
19.10.2015
Омук УОЛА

Күрүлгэн

Сүүс араас санаанан
   курулуу кутуллан,
«Күрүлгэн» барахсан,
   дууһабын долгуттуҥ.

Уон араас өҥүнэн
   кустуккун түһэрэн,
Сандаара дьэргэйэн
   сүргэбин көтөхтүҥ.

Өй-санаа күүһүнэн
   сүрдээҕин сөхтөрөн,
Холкутук күрүлээн
   күрэхпин көбүттүҥ.

Эрчимҥин киллэрэн,
   эриллэ-эһиллэн,
Этиҥнии ньирилээн
   эдэрбин эргиттиҥ.

Килбэйэр күөҥҥүнэн
   Кэрэни кэпсээҥҥин,
Истиҥник эйэргээн
   Иэйиини этиттиҥ.

Күрүлгэн күрүстүк
   күрүлүү күүгүнээн,
Умсулҕан буолаҥҥын
   угуйа ыҥырдыҥ.

Хоһоону хоҥнордуҥ,
   ырыанан саҥартыҥ,
Айымньы аргыстаах
   «Күрүлгэн» барахсан!
От ыйа, 2011 с. Туймаада