Буойун суруйааччылар
Эйэлээх олоҕу, тапталы, инники кэскили туойа сылдьыбыт саха суруйааччылара суос соҕотохто айар, суруйар оҥкуллара 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүттэн тосту уларыйбыта. Ийэ дойдуну хаанымсах фашистартан саа-саадах тутан көмүскүүргэ саха суруйааччылара биир киһи курдук бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. Ол күнтэн ылата суруйааччы бөрүөтэ өргөстөөх ыстыыкка тэҥнэспитэ.
Поэт Сергей Васильев-Борогонскай “Кылбаҥнаа эрэ кылыһым” хоһооно үгүс саха киһитин Ийэ дойду буойуннарын инники кэккэлэригэр дойду көмүскэлигэр туруорбута.
Советскай киһи хорсун быһыытын саха дьонугар ылбаҕай ырыа, хомоҕой хоһоон тылынан саха поэттара ааҕааччыларыгар тиэрдибиттэрэ. Эллэй “Капитан Гастелло” хоһооно Ийэ дойду туһугар киһи күндүттэн күндүтүн ОЛОҔУН сиэртибэҕэ уурбута ааҕааччы сүрэҕэр ырыа буолан тиийэр.
Доруобуйатын туругунан буойуннары кытта биир кэккэҕэ турбатар даҕаны Илья Чаҕылҕан “Хайыһар” ырыатынан “өстөөх ханна саһан сытар, өстөөх ханна хайыһар” сытыы буулдьалыы сууһарар.
Дойду тэбэр сүрэҕэ Москва куорат тула “фашист баандалара барыҥныыр” ыар-күчүмэҕэй күннэригэр “Уһуктубут уулуссалары парадынан долгутуоҕуҥ! Октябрь дьоллоох тойуктарын ыллаан дуоратыаҕыҥ!” – сэриилэһэр армияҕа Саха сириттэн сахалар ааттарыттан бара сылдьыбыт поэт Күннүк Уурастыырап өрө күүрүүлээх тыллара тыын тыыҥҥа, хаан-хааҥҥа харбаһар хабыр хапсыһыыга кынаттаабыттара.
Народнай суруйааччы Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” романыгар учуутал Нахов “Мин сэриигэ ханнык да уһулуччулаах хорсун быһыыны оҥорботоҕум. Саллаат тэҥэ саллаат этим. Буулдьа ардаҕын ортотугар саллаат доҕотторбун кытары тэҥҥэ атаакаҕа турарым” – диэн этэр. Үгүс саха суруйааччыта учуутал Нахов курдук (үгүстэрэ учууталлар этэ!) саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, өлөллөрүн утуйарга ууран Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммуттара!
Бүгүн кинилэр ааттарын киэн тутта ааттыыр күммүт!
Иннокентий Иванович Артамонов
Учуутал, поэт, тылбаасчыт, редактор, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
1928 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар төрөөбүтэ. Империалистическай Японияны сэрии кыттыылааҕа. Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх орденынан, “Японияны кыайыы иһин” медалынан наҕараадаламмыта.
Мин мантан сэриигэ барбытым Кыракый балаҕан дьиэбиттэн Ыраахха диэритин кэтэһэн Турбута кырдьаҕас мин аҕам. Мин мантан сэриигэ барбытым Оскуолам чуораанын хаалларан, Саас буолан чыычаахтаах чараҥым Симэммит хатыҥын аттынан Далбаатыы хаалбыта чараҥым Будьурҕай баттахтаах тыатыныын. |
Алексей Спиридонович Бродников
Учуутал, лирик-поэт, оҕо суруйааччыта, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала.
1917 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Снайпер. Старай Русса, Смоленскай кыырыктаах кыргыһыыларыгар кыттыбыта. Хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин “Албан аат” үһүс степеннээх, Аҕа дойду сэриитин бастакы степеннээх орденнарынан элбэх медалынан наҕараадаламмыта. Саха дьоно “Талаҕа мускуллар Тааттам күөх хонуута”, “Таастаах Амма үрэҕи таптыыр эбээт сүрэҕим” онтон атын нарын, хомоҕой тыллардаах хоһооннорун таптаан ыллыыллар.
Туруоҕуҥ чуумпуран. Бу сытар бартыһаан. Туохтан мин сүрэҕим долгуйда аан бастаан. Санаабар: “Эн сиргин харыстаан, сайдыыны биэрбитим” – диир курдук бартыһаан. Хаһытыах эбиппин: “Тур барыах, сэгэриэм, Хайҕалаах олоҕу сиһилии сэһэргиэм!” |
Софрон Петрович Данилов
Народнай суруйааччы, общественнай деятель, Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Максим Горькай аатынан РСФСР Государственнай бириэмийэтин, Платон Ойуунускай аатынан Саха АССР Государственнай бириэмийэтин, ССРС ГКСБК бириэмийэтин, Саха комсомолн бириэмийэтин лауреаттара, ССКП ХХV1 съеһин делегата. Норуоттар Доҕордоһуулара, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот знага” орденнарынан, үгүс медалларынан наҕараадаламмыта.
1941-1942 сылларга Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Саха литературатын инники күөҥҥэ таһаарбыт романнарыгар, “Огдоос эмээхсин олуулуу турар”, “От отууга”, “Тыгыалас тымыры таарыйдахха” кэпсээннэригэр саха саллааттарын хорсун быһыыларын арыйар.
Дойдубут, төрөөбүт дойдубут! Долгуннуур күөҕүнэн чэлгийдэ! Самныбат саргыбыт, уйгубут Саас-үйэ тухары эргийдэ. Көр эрэ иннигин, сэгэриэм, Көһүтэр кэскилбит кэрэтиэн! Сүрэхпит үөрүүнэн эппэйдэ! Сүр күүскэ, сүр күүскэ битийдэ! Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ ама ким Ыллаабат, туойбат да буолуоҕай? Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ ама ким Күлбэккэ, үөрбэккэ туруоҕай? |
Макар Иванович Кузьмин – Макар Хара
Поэт, тылбаасчыт.
Москватааҕы Журналистар Коммунистическай институттарын (КИЖ) бүтэрбитэ. “Кыым” хаһыакка тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1939-40 сылларга Саха сирин суруйааччыларын союһун секретара. 1941 сыллаахха таырдьах ыйын 16 күнүгэр фроҥҥа аттанар:
Ыҥырыыга саха уола Ыраах, ыраах барбыта Сырдык түүммэр айан суола Сындалыйа сыппыта... |
Артиллерист, стрелковай взвод командира, политрук Кузьмин Бастакы Ленинградскай фроҥҥа Ленинград куораты блокадаттан босхолоһор. Онтон Бастакы Прибалтийскай, Бастакы Белорусскай фроннарга хорсуннук сэриилэһэн “Кыһыл сулус” орденынан, “Ленинград оборонатын иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин” иһин медалларынан наҕараадаланар.
Журналист быһыытынан тапталлаах “Кыым” хаһыатын кытта сибээһин сүтэрбэт:
“Кыымнар”, бука барыгытыгар фронтовой привет!
Кэлин уларыйыы суох... сонунум диэн манна уонтан тахса саханы көрүстүм, үксэ сыа дьоно, кинилэр суруктарын тэрийэн ыытыахпын баҕарабын.
Ыраах Саха ыыппыт уолаттарыгар, биһиэхэ,Советскай Прибалтиканы босхолооһуҥҥа быһаччы кыттар чиэс тосхойбутугар мин үөрэбин уонна киэн туттабын.
... Куруутун суруйар түгэн суох, быыс булларбын эрэ саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын...
Поэт Макар Хара фронтан ыыппыт хоһоонноро “Кыымҥа” бэчээттэммитин саха дьоно сонно ырыа гынан ыллаан иһэллэр:
Күүтэр, ахтар доҕоччугар Сурук тоҕо кэлбэтий? |
Дойдутугар, таптыыр кыыһыгар ахтылҕанын “Кыталык” диэн хоһоонунан эппитин талааннаах композитор Захар Винокуров үйэ-саас тухары ылланар ырыа оҥорбута.
Кыраман ыраах дойдуттан Кылбаа маҥан кыталык Кыырай халлаан кырсынан Кырыйа көтөн кэлбитэ. Кыргыс хааннаах хонуутун Кытыытынан эргийэн Кыҥкыр-лыҥкыр саҥаран Кылбалдьыйа көппүтэ. Өлгөм үрүҥ илгэнэн Үллэ турар үрэхтээх, Аҕырбатах арыынан Алла турар арыылаах Иитиллибит, үөскээбит Эҥсилгэннээх Элиэнэм Эҕэрдэтин эппитэ Эриэккэһин эбитин Кылбаа маҥан кыталык Кыргыһыылаах кытылтан Алаас-алаас аайытын Айхалбытын тиэрдээри Эҕэрдэлии элиэтээн, Илин кэлэн ааспытын Окуопаҕа сытаммын Одуулаахтаан хаалбытым! |
Хайдахтаах хатыламмат күүстээх обраһый – сахаларга таптал, дьол бэлиэтэ буолбут КЫЛБАА МАҤАН КЫТАЛЫК уонна кыа хааннаах кыргыс толооно!..
Иннокентий Илларионович Эртюков
Поэт, тылбаасчыт, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
1917 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха тылланан барбыта. Өстөөх арҕаһын тоһуппут Сталинград кыргыһыытыттан саҕалаан Карельскай, Воронежскай, Иккис, Үһүс, Төрдүс Украинскай фроннарга номоххо киирбит Корсунь-Шевченковскай кыргыһыыга кыттан Румынияны, Болгарияны, Венгрияны, Австрияны босхолоспута. Хорсун быһыытын иһин офицер Эртюков “Кыһыл сулус”, Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх орденнарынан, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” медалынан наҕараадаламмыта.
Тыаһаан, хабыллан ааспыттара Тыһыынча сыллар билбэттэрэ, “Тигри” кыайар бухатыырдар Буоллубут Эллэй сиэннэрэ. Тигиниир этиҥ ньиргиэрдээх Тэгил сирдэри тэллибит, Тэҥнээҕи билбэт, килбиэннээх Тимир Сталинград сэриитэбит. |
Доҕотторун фронтовик суруйааччылары Тимофей Сметанины, Дьуон Дьаҥылыны, Степан Тимофеевы олус истиҥник саныыра.
Холо суохтар, буута суохтар Хобдох көтөх көрүҥнээхтэр, Доҕотторум ыарыһахтар, Доҕотторум фронтовиктар Чыына да суох ытыктанар Чыыстай дьоннор, фронтовиктар Хамнаан истэххэ сатанар Хайыахпытый – үлэ күүтэр. |
Орденнары кэтиҥ килбэчитэ, Оҕонньоттор – сэрии дьонноро, Ийэ сиргит эһиэхэ биэрбитэ Ити бойобуой орденнары. Тохтубут хаан, хорсун быһыы Туоһулара ити буолаллар, Кыргыһан көҥүлбүтүн быыһыыр Көстөллөр ол ааспыт уон сыллар. Кэтиҥ, орденнары, кэтиҥ өрүү Киэн тутуннунар ыччат дьоҥҥут... |
Степан Афанасьевич Саввин – Күн Дьирибинэ
Сатирик-поэт, тылбаасчыт.
1903 сыллаахха ахсынньы 24 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.
Саха сиригэр Гражданскай сэриигэ Тулагы-Киллэм, Амма хаан тохтуулаах сэриилэригэр кыттыбыта. Аҕа дойду сэриитигэр Сталинградка автоматчигынан инники кирбиигэ сылдьыбыта. Украинаны босхолоспута. Ленин, “Бочуот знага”, “Албан аат” үһүс степеннэрдээх орденнарынан, медалларынан наҕараадаламмыта. “Норуот өстөөҕө” аатыран репрессиялана сылдьыбыта. 1942 сыллаахха тылланан сэриигэ барбыта.
Биэрэ кыыска иирээхтээн Миигин умнуо диэхтээмэ. Хааннаах сүрэххин биэрээхтээн Хаалыаҥ, быстыаҥ – диэхтээмэ. Бэркэ таптыыр биэбэкэм, Биэстэ эстэр бинтиэпкэм. |
Баҕар өлүүм саалаахтан самнан Охсуһуу үөһүгэр Красноармеец өлбүт албан Ааттаах өлүүтүгэр. |
Өлөр, ыксыыр кэмнэрбэр Үтүө доҕор буолбуккун, Сэрии кыргыс күннэрбэр Сэргэх атас буолбуккун Сүрдээх күүскэ саныыбын. |
Тимофей Егорович Сметанин
Поэт, прозаик, дараматург.
1919 сыллаахха атырдьах ыйын 4 күнүгэр Кэбээйи улууһугар төрөөбүтэ. Советскай армияҕа 1942 cыллаахха ыҥырыллыбыта.
Быраһаайдарыҥ кэрэ доҕотторбут Быраһаай быстах кэмҥэ, Саха сирэ – көҥүл олохпут! Кэтэһиҥ, доҕоттоор, кэлиэхпит, Эрэниҥ, биһиги эргийиэхпит, - Сэрии кыайыылаах бүтүүтэ... |
Курскай – Орел кыырыктаах кыргыһыытыгар кыттыыны ылар. Прибалтиканы босхолоһор. Кыргыһыыттан быыс буллар эрэ сэрии туох иэдээни оҥорбутун хоһоон тылыгар түһэрэр: “Хааннаах хара баттах”, “Босхоломмут дэриэбинэ”, “Саллаат уонна өлүү”, “Саллаат ахътылҕана”, “Бухатыыр Армия”, “Саллаат”, “Саллаат сүрэҕэ”.
Уулаах окуопаҕа сытан, Утуйбакка да сылдьан, Ийэ дойдум дьолун иһин Эрэйдэммитим да иһин, - Син биир этиэҕим Сирдээҕи дьолу билэбин диэн... Эрэн, кырдьыбыт иһин кырдьыбат Эрдээх саллаат сүрэҕэ тэбэр буоллаҕына, Сааспын сэрии сарбыйбытын иһин Сардаҥалаах күн көрө турдаҕына, - Син биир этиэҕим Сирдээҕи дьолу билэбин диэн! |
Буойун-суруйааччы хорсуннук сэриилэспитин туоһута – “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” саллааттан генералга тиийэ ытыктыыр медаллара.
Поэт Тимофей Сметанин таптыыр Лена өрүһүн ураты истиҥник кэрэкэ тылларынан туойар.
Күнүскү ахтылҕан, түүҥҥү түүл аргыһа Көрүүй даа, бу Лена. Сахалыы тылынан саҥарар халҕаһа Долгуттар. Бу Лена... Көмүстээх арҕастаах көй быраан долгуттар, Көрүүй даа, бу Лена. Мин дьолум, тапталым барыта манна баар. Мин кэллим, бу Лена. |
Улуу Кыайыыны тапталлаах Лена өрүһүн кытта умнуллубаттык дьүөрэлиир:
Кыайыыбыт үөрүүтэ Кыыс дьахтар буолан, Ыһыахтар түһүлгэлэригэр Ымайа күллэ, Чороонноох кымыстарга Толоно көһүннэ. Истиҥ эрэ, доҕоттоор, Ити күүрэр ньиргиэри – Эбэбит Лена долгуннарыгар Иһилиннэ үөрүү музыката. |
Төһө да эдэр сааһыгар сэриигэ ылбыт баастарыттан күн сириттэн күрэннэр поэт төлөннөөх тыллара өрүү тыыннаахтар:
Үчүгэйин даа, тыыннаах буолар, Үөрүҥ-көтүҥ тыыннаахтар! |
Василий Сергеевич Соловьев – Болот Боотур
Учуутал, Народнай суруйааччы, прозаик.
1915 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Чурапчы улууһугар төрөөбүтэ.
Учууталлыы сылдьан сэрии бастакы күннэригэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Калининскай фронт Албан аатырбыт 20-c хайыһар биригээдэтигэр Старай Русса, Ильмень күөл кыргыһыыларыгар кыттан ыараханнык бааһырар. Эмтэнэн үтүөрэн баран 282-с дивизия 826 артиллерийскай полкатыгар сэриилэһэн Ленинградскай, Новгородскай, Псковскай уобаластары, Эстонияны, Украинаны, Польшаны, Силезияны босхолоһор. Сэрии бүтэһик күннэригэр артиллерист-сержант Соловьев ыараханнык бааһырар. Бойобуой сырыыта “Албан аат” үһүс степеннээх, Аҕа дойду сэриитин иккис степеннээх орденнарынан бэлиэтэммитэ.
Суруйааччы быһыытынан “Ол күн” поэматынан, “Сааскы дьыбардар”, “Уһуктуу” романнарынан киэҥ ааҕааччы билиниитин ылбыта.
Исай Прокопьевич Никифоров
Прозаик, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
1915 сыллаахха ыам ыйын 1 күнүгэр Хаҥалас улууһун Бэһис МАлдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
“Кыым” хаһыакка отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон сэриигэ ыҥырыллыбыта. Ульяновскайга байыаннай училищены бүтэрэн баран Бастакы Украинскай фронт 13 армиятын 112 стрелковай дивизиятыгар дивизиятыгар сэриилэһэр. 1944 сыллаахха Саха сириттэн сэриилэһэр армияҕа тиийэ сылдьыбыт суруйааччылар Суорун Омоллоон, Сергей Васильев – Борогонскай фроҥҥа үөлээннээхтэрин Исай Никифоровы, Дьааҥы уолун Илья Попову көрсөллөр.
Прозаик Исай Никифоров “Саллааттар” диэн сэрии туһунан кырдьыктаах суруйуутун саха дьоно ис сүрэхтэриттэн ылыммыттара. Хорсун буойун офицер илэ хараҕынан көрбүтүн суруйбут айымньыта улаханнык биһирэммитэ.
Старшай лейтенант Никифоров бойобуой сырыыта Кыһыл сулус орденынан, хас да медалынан бэлиэтэммитэ.
Степан Иванович Тимофеев
Поэт, тылбаасчыт. Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС бэчээтин туйгуна, Россия Улахан Государственнай бириэмийэтин лмауреата. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
1921 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүтэ. Дьокуускайга культурнай-сырдатар оскуола кэнниттэн 1940 cыллаахха Ленинградтааҕы театральнай институт номох буолбут саха студиятыгар үөрэнэ киирэр. Сэрии бастакы күннэриттэн армияҕа ыҥырыллан Ленинград блокадатыгар өлөр-тиллэр хабыр хапсыһыыга киирсэр.
Сэрии ыарын, өлүүнү-сүтүүнү, Ленинград блокадатыгар аччыктааһын эрэйин-муҥун этинэн-хаанынан билбит поэт үйэ тухары умнуллубат, Улуу Кыайыы күн хайаан да ылланар ЭЙЭ ГИМНИН айбыта.
Сэрии буолбатын, Хаан тохтубатын Сирэм күөх сиргэ. Өрүү чэчирии, Үүнэ, чэлгийэ Турдун Күн Сирэ! Суох буоллун Сэрии! Суох буоллун Өлүү! Туругур Эйэ! Эйэ! Эйэ! Эйэ! |