Литературная Якутия


 

«Чолбон»

Бүлүүгэ «Чолбон» сурунаал улахан оонньуута ыытылынна

Сахалыы тыыннаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал кулун тутар 4 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ 12 улуустарын уонна Дьокуускай куораты хабан «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньууну» саҕалаабыта. Күрэс Бүлүү куоракка кулун тутар 15 күнүгэр Ыччат библиотекатыгар ыытылынна. Тэрээһин дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах, быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылыгар ананна. «Чолбон» бырайыагын СӨ култуураҕа...

 

«Чолбон» сурунаал 2023 сылын түмүктүүр дьоро түһүлгэтэ

Саха тылын, суругун-бичигин күнүн көрсө саха литературатын арахсыспат аргыһа «Чолбон» сурунаал 2023 сылын түмүктүүр дьоро түһүлгэтэ. Алампа Софронов аатынан «Бастакы эрэдээктэр аатынан», документалист-суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев аатынан сурунаал кыраайы үөрэтиигэ бириэмийэлэрин туттарыы; Уус-уран литература кириитигэ Василий Никитич Протодьяконов кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр...

 

Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылын туолла

Тохсунньу 25 күнүгэр поэттар поэттарынан сүрэхтэммит ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылын туолла. Биир дойдулаахтара намнар киэн туттар суруйааччыларын үбүлүөйдээх сылын киэҥ далааһыннаахтык саҕалаатылар. М.К. Аммосов аатынан Культура киинигэр буолбут дьоро киэһэҕэ Дьокуускай куораттан суруйааччылар делегациялара кытынна. Норуот суруйааччылара...

 

«Чолбон» сурунаал 2024 сылга бастакы нүөмэригэр туох таҕыста?

Номоххо киирбит Санников сирин көрдөөччү барон Толль туһунан саҥа айымньы; оҕотун сүтэрбит ийэ эһэ хайдах быһыыланарын туһунан Вениамин Миронов кэпсээнэ; Таҥара мөссүөннэрин уонна Лев Толстой мэтириэтин ойуулаабыт үөрэҕэ суох худуоһунньук Иннокентий Сивцев-Мытыйыкы туһунан поэма; ирбэт тоҥу кытта иллээх сыһыаны олохтуурга дьулуһар эдэр учуонай Александр Жирков; Манчаары Баһылай туһунан олоҥхоһут Ноорой туһунан...

 

«Чолбон» сурунаал бириэмийэтин быйылгы лауреаттара билиннилэр

Тохсунньу 12 күнүгэр «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтин сүбэтин кытта көрсүһүү буолан ааста. Мунньаҕы бас эрэдээктэр Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта. «Ааспыт сылга дьоҕус коллектив холугар улахан үлэ оҥоһулунна. Бу бырайыактары «норуот бырайыактара» диэн сүрэхтиэххэ сөп. Барыта сурунаал үлэһиттэрин тус көҕүлээһиннэринэн ыытылынна уонна бииргэ үлэлэһэр доҕотторбут көмөлөрүнэн ситиһилиннэ», – диэн бэлиэтиир Гаврил...