«УТВЕРЖДАЮ» заместитель министра по развитию институтов гражданского общества Республики Саха (Якутия) _____________А.А.Егоров «_____»___________2016 г.
|
«УТВЕРЖДАЮ» Директор ГАУ РС(Я) «Детское издательство «Кэскил» им.Н.Е.Мординова-Амма Аччыгыйа ______________А.Е.Андреева «_____»___________2016 г.
|
«УТВЕРЖДАЮ» Ассоциация «Писатели Якутии» _____________О.Г.Сидоров «_____»___________2016 г. |
«УТВЕРЖДАЮ» Министр культуры и духовного развития Республики Саха(Якутия) ______________В.И.Тихонов «_____»___________2016 г. |
БАЛАҺЫАННЬАТА
1. 1. Тэрийээччи:
— СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытыгар министиэристибэтэ;
— СР культуратын уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ;
— Саха сирин суруйааччыларын Ассоциацията;
— Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата» СР ГАТ.
2. Куонкурус сыала-соруга:
- Оҕоҕо төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии;
- Үөрэнээччи истэр, саҥарар, өйдүүр дьоҕурун сайыннарарга сөптөөх айымньылары айыы, суруйуу;
- Айар, суруйар талааннаахдьону көҕүлээһин, өйөөһүн;
- Куонкурус түмүгүнэн оҕо өйүн-санаатын сайыннарар, билиитин-көрүүтүн хаҥатар уус-уран, бастаабыт ааптардар айымньыларынан хомуурунньук-кинигэни бэчээттээһин.
3. Сүрүн ирдэбиллэр:
3.1. Айымньы ис хоһоонугар- Хас биирдии айымньы оҕо өйдүүр дьоҕурун сайыннарар, тылын-өһүн байытар, кини интэриэһин тардар дириҥ, дьикти ис хоһоонноох буолуохтаах.
- Айымньы ис хоһоонунан оҕоҕо чугас, дьонугар-сэргэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр, сиэргэ-туомҥа, төрөөбүт сиригэр-уотугар итии тапталы иҥэрэр, күннээҕи олоххо уйугас, кыахтаах, толкуйдаах буолар хаачыстыбалары иҥэрэр сылаас тыыннаах буолуохтаах.
- Ааптар айымньыны оҕо толкуйдуур ыырын кэҥэтэр, ырытар дьоҕурун эбии эрчийэр гына иитэр-үөрэтэр эйгэ бары ньыматын туттан, бэйэтин кыаҕынан сирдэтиэхтээх.
- Оҕо билиигэ-көүүгэ кэрэхсэбилин уһугуннарар күүстээх, итиэннэ онно дьулуһары күөртүүр сатабыллаах уран тиэмэлээх буолуохтаах.
- Айымньы көмпүүтэргэ Times Sakha, Times New Roman 14 шрибинэн, икки арда 1,5 см тэйитэн бэчээттэммит буолуохтаах уонна А-4 кээмэйдээх кумааҕыга 4 эксэмпилээргэ таһаарыллыахтаах.
- Суруллубут айымньы анныгар аҥаардас ааптар хос аата (псевдонима) уонна айымньытын толору аата эрэ суруллар.
- Куонкурус сабыылааҕын быһыытынан, ааптар туспа дьоҕус кэмбиэр иһигэр хос аатын (псевдонимын) быһаарыытын: дьиҥнээх аатын-суолун, олорор аадырыһын, төлөпүөнүн нүөмэрин толору ыйан, пааспарын дааннайдарын кытта ИНН уонна СНИЛС куопуйаларын уган, ыга силимниир.
- принтеринэн бэчээттэммит 4 эксэмпилээр айымньыны кытта ыга силимнэммит дьиҥ дааннайдардаах кыра кэмбиэри холбуу тас улахан кэмбиэргэ бииргэ угуллар итиэннэ тиийиэхтээх эрэ аадырыһы ыйан, «Сабыылаах куонкуруска» диэн чопчу суруйан ыытар.
- Үлэ киириэхтээх аадырыһа: 677000, Дьокуускай, Орджоникидзе уулуссатын 31 №-рэ, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, 1 этээс, 132 №-дээх кэбиниэт.
4. Усулуобуйата:
Сабыылаах куонкуруска киириэхтээх айымньы көрүҥнэрэ:
Уус-уран айымньы сахалыы уонна нууччалыы тылынан суруллуон сөп.
а) сэһэн;
б) кэпсээн;
в) остуоруйа.
5. Кыттааччылар:
Куонкуруска ким баҕалаах, кыахтаах кыттарыгар хаарчах суох. „Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар, «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар 2016 сыл иккис аҥаарыгар уонна 2017 сыл бастакы аҥаарыгар толору суруппуккут квитанциятын куоппуйатын ыытаҕыт.
Болдьоҕо: куонкуруска кыттар айымньылар 2016 сыл ахсынньы 10 күнүгэр диэри киириэхтээхтэр.
6. Кыайыылаахтары бэлиэтээһин:
Бастыҥ айымньыга (сахалыытыгар туспа, нууччалыытыгар туспа) олохтонор бириэмийэлэр:
I миэстэ:
- Сэһэҥҥэ — 30 000 солкуобай.
- Кэпсээҥҥэ — 20 000 солкуобай.
- Остуоруйаҕа — 15 000 солкуобай.
II миэстэ:
- Сэһэҥҥэ — 20 000 солкуобай.
- Кэпсээҥҥэ — 10 000 солкуобай.
- Остуоруйаҕа — 8 000 солкуобай.
III миэстэ:
- Сэһэҥҥэ — 10 000 солкуобай.
- Кэпсээҥҥэ — 8 000 солкуобай.
- Остуоруйаҕа — 5 000 солкуобай.
Ону таһынан анал бириистэр, биһирэбил бириистэр көрүллүөхтэрэ.
Сабыылаах куонкуруска бастаабыт уонна биһирэммит айымньылар Дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан, СР «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн тахсар туспа уус-уран кинигэҕэ, киирэргэ мэктиэлэнэллэр, „Кэскил“, „Юность Севера“ хаһыаттарга, „Чуораанчык“, „Колокольчик“ сурунаалларга талыллан бэчээттэниэхтэрэ уонна „Кэскил“ сайтка – мобильнай сыһыарыыга талыллан бэчээттэниэхтэрэ, туттуллуохтара. Ааптар куонкуруска киллэрбит айымньытын туһанарга толору быраап СР «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын туһатыгар киирэр.
Куонкурус кыайыылаахтарын чиэстээһин, наҕараадалары туттарыы анал туомнаах үөрүүлээх түгэҥҥэ 2016 сыл бүтүүтэ Саҥа дьылы көрсө ыытыллыа.