Литературная Якутия


 
10.12.2017
 
Харысхал,
суруйааччы

1. КҮННҮК
(ДНЕВНИК)

Эдэр суруйааччылар оскуолаларыгар бүгүҥҥү кэпсэтиибит хас күн аайы бэлиэтэнэр күннүк (дневник) туһунан буолуо.

Былыр былыргыттан күннүгү толоруу интеллигенция биир сүрүн уратыта буолар. Билигин ыраахтааҕылар, государственнай деятеллэр, полководецтар, суруйааччылар суруйан хаалларбыт күннүктэрэ оччотооҕу кэми, күннүк авторын олоҕун үөрэтиигэ сүрдээх улахан суолталаах буолла. Ол күннүктэн киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түгэннэрэ тахсан кэлэллэр.

Биһиги түгэммитигэр күн устата туох буолбутун бэлиэтэнэн иһии суруйар идэҕэ сыстар баҕалаах киһиэхэ бастакы хардыы буолар. Улуу суруйааччылар Александр Пушкин, Лев Толстой, Иван Тургенев хас күн аайы ол күн туох буолбутун, кимниин көрсүбүттэрин, туох туһунан кэпсэппиттэрин, тугу быһаарбыттарын бэлиэтэнэллэрэ. Аны ол быһаарыылара урукку өттүгэр хайдаҕын ырыталлара.

Билигин ол күннүктэри ааҕа олорон Пушкин лицейгэ үөрэниэҕиттэн, Толстой юнкер эрдэҕиттэн өйдөрө-санаалара хайдах сайдан барбытын, туох түгэн дуу, түбэлтэ дуу кинилэри улаханнык долгуппутун ааҕан билиэххитин уонна бэйэҕит олоххутугар, дьоҥҥо сыһыаҥҥытыгар холобур оҥостуоххутун син.

Саха народнай суруйааччыта Сэмэн Данилов оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан ылата күннүктээҕэ. Билигин ол күннүк тугунан да кэмнэммэт, ханнык да харчынан сыаналаммат роман-эпопея! Ол күннүктэн саха суруйааччыларын олохторун, майгыларын, туох түбэлтэҕэ түбэспиттэрин, оччотооҕу партийнай-государственнай политика ханнык хайысхалардааҕын, оччотооҕу салайааччылар майгыларын-сигилилэрин, ким дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар ис сүрэҕиттэн кыһалларын, ким тус бэйэтин уйгутун туһугар хаан-уруу дьонун, дойдутун атыылыырга да бэлэмин туһунан аһаҕастык суруйар.

Сэмэн Данилов күннүгүттэн биһиги кырдьаҕас суруйааччыларбыт эрэ тустарынан буолбакка Мустай Карим, Кайсын Кулиев, Алим Кешоков, Давид Кугультинов, Сооронбай Джусуев, Максим Танк, Сергей Михалков. Расул Гамзатов уонна да атын биллиилээх суруйааччылар, ученайдар, художниктар, артистар тустарынан ханна да этиллибэтэх дьикти чахчылары билиэххитин сөп.

Далан сарсыарда эрдэ туран бэҕэһээҥҥи күн туох буолтун бэлиэтэнэрэ. Хармааҥҥа угуллар халыҥ блокнокка бытархай гынан баран сүрдээх үчүгэй буочарынан толороро. Кини күннүгэ оскуола оҕотун тэтэрээтин курдук хонуулаах буолара. Онно туруоруллубут ыйытыы дуу, уустук түгэн дуу хайдах быһаарыллыбытын суруйара.

Сэмэн Данилов, Далан күннүктэригэр кинилэр литератураҕа хайдах киирбиттэрин, хайдах үүнэн-сайдан бөдөҥ суруйааччы буолбуттарын, кимнээх сойуоласпыттарын, кимнээх ис сүрэхтэриттэн көмөлөспүттэрин аһаҕастык суруйаллар.

Ити кэм кэрдии туһунан.

Күннүк биир сүрүн хайысхата суруйа үөрэнии.

Бастатан туран, тылы таба суруйуу, тылы таба туттуу, тыл суолтатын, ис хоһоонун өйдөөһүн. Күннүгү сотору-сотору ааҕан, таба суруйууга бэйэҥ алҕаскын көннөрүөххүн сөп.

Иккиһинэн, суруйууга хоһуйууну, тыл дэгэтин уустаан-ураннаан туттарга үөрэнии. Ол үөрэх айар үлэҕэ сүрдээх улахан төһүү буолар.

Сэмэн Данилов күннүктэрин олоҕун саамай сүрүн айымньытынан ааҕара. Ол курдук эдэр суруйааччылар күннүктэ саҕалаан олоххут летопиһын саҕалыыргытыгар сүбэлиибин.